Киир

Киир

Бары билэрбит курдук, бу дьыл кулун тутар 18 күнүгэр дойду үрдүнэн бэрэсидьиэн быыбара буолаары турар. Быыбардааччы быраабын туһунан СӨ Борокуратууратын быраап аакталара төһө сокуоннайдарын итиэннэ гражданнар бырааптара уонна көҥүллэрэ төһө тутуһалларын бэрэбиэркэлиир салаа начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу Елена Пантюхина быһаарар.

 

  • Ханна куоластыыбыт?

- Уопсай быраабыла быһыытынан, бу буолуохтаах быыбарга гражданин олорор сиринэн быыбардааччылар испииһэктэригэр киириэхтээх.

Федеральнай сокуоҥҥа ааспыт сыл от ыйыгар киирбит уларыйыыларынан, РФ Бэрэсидьиэнин быыбарыгар көхтөөхтүк кыттар туһуттан быыбарга олорор (бэрэпиискэлээх) сиргинэн эрэ буолбакка, ханна бааргынан куоластыырыҥ көҥүллэнэр. Онуоха анал сайабылыанньа толоруллуохтаах.  

  • Сайабылыанньаны ханна уонна хайдах биэриэххэ сөбүй?

- Сайабылыанньаны илиинэн эбэтэр электроннай көрүҥүнэн тутабыт. Өскөтүн, сайабылыанньаҕытын илиинэн суруйан туттарар буоллаххытына:

  • Бу дьыл тохсунньу 31 күнүттэн кулун тутар 12 күнүгэр диэри хайа баҕар территориальнай быыбардыыр хамыыһыйаҕа эбэтэр судаарыстыбаннай уонна бэйэни салайыныы өҥөлөрүн оҥорор элбэх функциялаах кииҥҥэ туттарыаххытын сөп.
  • Бу дьыл олунньу 25 күнүттэн кулун тутар 12 күнүгэр диэри хайа баҕар быыбардыыр хамыыһыйаҕа биэриэххэ сөп.

Оттон сайабылыанньа электроннай көрүҥүн бу дьыл тохсунньу 31 күнүттэн кулун тутар 12 күнүгэр диэри судаарыстыбаннай өҥөлөрү оҥорор биир кэлим ситимниир сиргэ туттарыллар.

  • Сайабылыанньаны хайдах барыллаан туттарабыт?

- Сайабылыанньаны быыбардааччы пааспардаах эбэтэр атын солбуйар докумуоннаах территориальнай уонна учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаҕа тиийэн бэйэтэ эбэтэр хамыыһыйа көмөтүнэн толоруон сөп.

Атын киһи аатыттан мэктиэ суруктаах сайабылыанньаны туттарар көҥүллэммэт.

Арай кэккэ биричиинэлээх, холобур, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон эбэтэр ыалдьан, кыайан сайабылыанньаҕын туттарымаары гыннахха болдьоммут кэм иһигэр быыбардыыр хамыыһыйаҕа сураһан толорторуохха сөп.

Маны таһынан, судаарыстыбаннай өҥөлөрү толорор биир кэлим ситим нөҥүө бигэргэммит электроннай докумуоннаах сайабылыанньа толоруллар.

  • Сайабылыанньаҕа туох толоруллуохтааҕый? Тоҕо олорор сирбинэн буолбакка атын сиргэ баран куоластыырбын быһаарыахтаахпын дуо?

- Сайабылыанньаҕа эһиги толору ааккыт-суолгут, төрөөбүт күҥҥүт-дьылгыт, ханна олороргут, пааспаргыт сиэрийэтэ уонна нүөмэрэ эбэтэр пааспаргыт суох буоллаҕына атын солбуйар докумуоҥҥут, толорбут күҥҥүт-дьылгыт, куоластааһын күнүгэр ханна баар буоларгыт уонна быыбардыахтаах учаастаккыт нүөмэрэ баар буолуохтаах. Олорор сиргиттэн ураты атын биричиинэни быһаарар ирдэммэт.

- Сайабылыанньам бигэргэтиллибитин хайдах билэбин?

- Хас биирдии сайабылыанньа анал сурунаалга толоруллар. Быыбардааччыга хамыыһыйа илии баттаабыт уонна бэчээттээх толуона туттарыллар.

Судаарыстыбаннай өҥөлөрү толорор биир кэлим ситим нөҥүө туттарыллыбыт электроннай сайабылыанньаҕа куоластааччы аата-суола, быыбардыахтаах учаастагын нүөмэрэ, аадырыһа, толоруллубут кһнэ-дьыла бэчээттэммит кумааҕыта баар буолуохтаах.

Толуону уонна бэчээттэммит кумааҕыны быраҕыллыбат.

Быыбар буолар күнүгэр талбыт быыбардыыр учаастаккытыгар пааспардаах тиийэн бүлүтүөн ылаҕыт.

  • Өскөтүн, эрдэ сайабылыанньа туттаран баран, талбыт учаастакпар быыбардааччылар тиһиктэригэр мин ааппын киллэрбэтэх буоллахтарына хайыыбын?

- Маннык түгэҥҥэ, эрдэ учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаттан сайабылыанньа суруйаргытыгар ылбыт толуоҥҥутун эбэтэр бэчээттэммит кумааҕыгытын уонна пааспаргытын көрдөрөҕүт. Хамыыһыйа тµргэнник туох сөбүн-сыыһатын көрүөхтээх. Өскөтүн ол түмүгүнэн эрдэ сөптөөх сайабылыланньа туттарыллыбыта бигэргэннэҕинэ, учаастактааҕы хамыыһыйа быыбардыыр киһи ханна баарынан тиһиккэ киллэрэр.

  • Холобур, өскөтүн мин сайабылыанньа туттарыллыбытын кэннэ быыбар буолар күнүгэр атын сиргэ баар буолан хааллахпына, саҥаттан сайабылыанньа суруйарым көҥүллэнэр дуо?

- Суох, сайабылыанньа биирдэ эрэ бэриллэр. Хат биэрэр түгэҥҥэр эрдэ биэрбит сайабылыанньаҥ дьиҥнээҕинэн ааҕыллар.

  • Арай болдьоммут кэмҥэ сайабылыанньабын кыайан туттарбакка хааллым?

- Эрдэ ыйыллыбытын курдук, бу дьыл кулун тутар 13 күнүттэн кулун тутар 17 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн күнүс 2 чааска диэри эһиги ханна баҕараргытынан буолбакка, олохтоох быыбардыыр хамыыһыйаҕытыгар эрэ барыаххытын сөп.

Бу хамыыһыйаҕа анал сайабылыанньа толоруллар. Манна эһиги толору ааккыт-суолгут, төрөөбүт күҥҥүт-дьылгыт, олорор сиргит аадырыһа, паспаргыт сиэрийэтэ, нүөмэрэ эбэтэр атын пааспары солбуйар докумуон нүөмэрэ, олорор сиргит быыбардыыр учаастагын нүөмэрэ, анал сайабылыанньа толоруллубут күнэ-дьыла уонна илии баттаспыккыт баар буолуохтаах. Быыбар буолар күнүгэр ханна бараргыт, быыбардыахтаах учаастаккыт нүөмэрэ уонна аадырыһа баар буолуохтаах.

Анал сайабылыанньа илиинэн толоруллар, сурунаалга регистрацияланар, кэмбиэрдэнэр уонна быыбардааччыга бэриллэр. Атын сиргэ баран сайабылыанньаны толорон а±алар көҥүллэммэт.

Куоластааһын буолар күнүгэр ханна бааргытынан быыбардыахтаах учаастаккытыгар пааспардаах уонна анал сайабылыанньалаах тиийэҕит.

  • Оттон сайабылыанньа уонна анал сайабылыанньа суруллубутун кэннэ быыбар буолар кµнµгэр бэйэм олорор сирбэр куоластыахпын син дуо?

- Сөп. Быыбар күн олорор сиргитинэн быыбардыыр хамыыһыйаҕа докумуоннаах уонна сайабылыанньалаах тиийэҕит.

Кулун тутар 12 күнүгэр диэри сайабылыанньа суруйан туттарбыт буоллаххытына, быыбардыыр хамыыһыйа икки чаас иһигэр тиийиэхтээх сиргитигэр барбатаххытын бигэргэтиэхтээх. Бигэргэннэҕинэ, быыбардааччы олорор сиринэн быыбардыыр, оттон эрдэтээҥҥи тиһигиттэн сотуллар. Оттон туох эмэ сыыһалаах буолан хааллаҕына быыбардыыр хамыыһыйа тиһиккэ киллэримиэн сөп уонна аккаас сурук куоппуйатын биэриэхтээх.

  • Хайдах ааһынабыт?

- Быыбардыыр хамыыһыйа эһигини тиһиккэ киллэрбэтэҕинэ, ону кытта эһиги сөбүлэспэт буоллаххытына, үөһээҥҥи быыбардыыр хамыыһыйаҕа эбэтэр суукка ааһыныаххытын сөп.

  • Олорор сирим уларыйбыт буоллаҕына быыбардыахтаах учаастакпын хайдах булабын?

- РФ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын ситим сиригэр (http://www.cikrf.ru) “Быыбардыыр учаастаккын бул” диэн балаһаттан булуоххутун сөп. Манна олорор сиргитинэн ханнык быыбардыыр учаастакка киирэргит, нүөмэрэ уонна аадырыһа баар.

  • Быыбардааччылар тиһиктэригэр киллэрбиттэрин хайдах билиэххэ сөбүй?

Кулун тутар 7 күнүгэр быыбардыыр хамыыһыйаларга быһа барыллаан тиһик тахсыаҕа. Хамыыһыйаҕа булгуччу пааспардаах кэлэҕит.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар