Киир

Киир

“Кимберлит” аарыма успуорт дыбарыаһын 2004-2005 сыллардаахха Мииринэй куорат үйэ аҥаардаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр анаан дьэндэппиттэрэ. Тутуу тула дьиҥнээх саад, сибэкки газоннарын оҥорбуттара.

Бу күөх торҕо үүнэн-силигилээн киһи хараҕын манньытар. Мииринэйгэ, дьэ, сибэккини сатаан бүөбэйдээн үүннэрэллэр ахан. Көрүҥ, хоруона хамсыгын кэмигэр сааскыттан ыла сабыллан турбут «Кимберлит» сайыҥҥы мөссүөнүн!

 Станислав Алексеев. Мииринэй куората. Ааптар хаартыскалара.

Санааҕын суруй