Киир

Киир

Хой

хой

Хас хардыыгар барытыгар бүк эрэллээх буол. Улууканнааах санааларгын олоххо киллэрэн ис. Кыра уоруу баар. Ыарыыны эрдэттэн бохсор миэрэни ыла охсоруҥ наада. Ыраах айаҥҥа турунарга, дьиэ өрөмүөнүн саҕалыырга табыгастаах кэм. Кэмиэрсийэҕэ уопуттаах дьону кытта тыл бырахсыма, утарсыма.

 

Оҕус

о5ус

Үп-харчы боппуруоһун тохтото түс. Харан турбут дьыала харгыһа тоҕо барыа. Санааҕын-онооҕун, тугу баҕараргын судургу тылынан чопчу этэргэ үөрэнэр кэмиҥ уолдьаспыт. Эйигин өйдөөбөккөлөр, дьыала-куолу сµтэр-иҥэр кутталлаах. “Ыал буолабыт дуу, арахсабыт дуу?” диэн ыйытыы күөрэйбит. Айылҕаҕа тахсан сынньаныы абыраллаах буолуо.

 

Игирэлэр

игирэ

Сурах хоту быһа бааччы түмүгү таһаарартан туттун. Инньэ гымматаххына, кырыктаахтык охсуллуоҥ. Харчы дьыалата бэртээхэй. Таптал туонатыгар эмиэ барыта санаа хоту баран иһэр. “Сатаабаппын, кыайбаппын” дииргин умнар түһүмэх кэлбит. Кут-сүр, идэ чааһыгар суолталаах көрсүһүүлэр буолуохтара. Айан улахан туһаны аҕалыа суоҕа, эрэммитиҥ туолбат чинчилээх.

 

Араак

араак

 

Эйигиттэн тугу да ирдээбэккэ эрэ чаҕылхай түгэннэр умайыахтара. Соругу туруорбуккуттан быдан үрдүк таһымнаах айар кыах үөскүө. Тиэхиньикэҕэ ыксаллаах быһыы-майгы үөскүө. Ол кыһалҕаны юрист эрэ быһаарыа. Кэлэктиипкэр болҕомтолоох буола сатаа. Кыра сорудах элбэх буолуо. Саҥа тапталгын сайыннар, сыһыаны бөҕөргөтөн ис.

 

Хахай

хахай

Харчылаах буолар уонна хайҕанар туһугар туох үлэ баарыгар барытыгар сөбүлэһэн иһэҕин. Үлэҕэр тылыҥ-өһүҥ дуорааннаныыһы. Тыыныҥ-быарыҥ мөлтөөбүт. Дьиэ кэргэҥҥэр, даачаҕа сынньана сатаа. Тапталга эр дьон Хахайдар эрэ табыллыахтара.

 

Кыыс

кыыс

Тугу да гыммытыҥ иһин барыта тохто, суулла, алдьана туруон сөп. Уоппуска ылар кэмиҥ кэлбэтэ дуо? Саппаастаах буоллаххына, харчы тиийбэт кыһалҕатын эмиэ мүччү түһүөҥ. Таҥаһы-сабы көрүнүллүөхтээх. Эниэргийэни оҕолору кытта алтыһартан ылаҕын.

Ыйааһын

ыйааьын

Биир кэм эргийэн кулахачыйыаҥ. Бириэмэҥ ыгым, тиийбэт. Соһуччу баҕайы харчылана түһүөҥ. Таптаан кэбиспит киһиҥ туһунан бөрүкүтэ суоҕу билэҥҥин хомойуоҥ. Күрэстэһээччилэри кытта сытыытык киирситэлээн ылыаҥ. Холустук саҥарыма. Син биир барыларын ситэн ылыаҥ уонна куоһарыаҥ. Былааҥҥын тыынар тыыннаахха быктарыма.

 

Скорпион

скорпион

Ыра санааҕар да ыраламматах холоруккар ытыйыахтара. Үрдүктэн үрдүк үрдэлгэ дабатан эрэллэр. Ол эрээри эт киһи элэйэр диэни умнума. Докумуоҥҥа болоҕомтолоох буол – бүдүрүйэр куттал баар. Били, сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ бу күннэргэ аккаастаан кэбиһиэ. Үөрэххэ, сэминээргэ, куурустарга аналлаах нэдиэлэ.

 

Охчут

охчут

Сарсыарда эрдэ турдаххына, мичэрдии сырыттаххына, дьол-соргу бэйэтэ өрө сүгүллэн киирэн кэлиэ. Айар дьоҕурдааххын таба көрүөхтэрэ, ыҥырыахтара, хайгыахтара. Латарыайаҕа сүүйэн кэбиһэр кыах олус улахан. Урукку хамаандаҕыттан көмө баар буолуо. Таптал эйгэтигэр сэнэбиллээх буолума.

 

Чубуку

чубуку

Ыраахтан сонунтан сылтаан өр да өр олорбут үлэҕиттэн барыыһыгын. Соһуччу буолуо, ол гынан баран ырааҕы ытар кэскиллээх. Бу нэдиэлэ быыс кэмигэр эн баҕа санааҕын барытын таайар курдук буолуо. Харчы тиийбэт. Ол эрээри кичээҥи Чубуку өлөн-охтон биэриэ суоҕа.

 

Санааҕын суруй