Киир

Киир

Хой

хой

Саарбах бырайыакка, дьоҥҥо кучуллан, харчыгын уган кэбиһимэ. Дьээбэлээхтэр тыллара эйигин тарбыа. Элбэх киһилээх дьоҥҥо күлүмүрдээн сылдьаргын суохтаабыккын. Саҥа дьону, тэрилтэни кытта ситим үксүө. Таптал, истиҥ сыһыан дьыалатыгар саарбахтыыр санаа аалар. Эрэл санаа кыыма умуллуох курдук.

 

 

Оҕус

о5ус

Биирдэ тыынан баран эҕирийиэх бэтэрээ өттүгэр бу нэдиэлэ бүтэн хаалыа. Хас биирдии улахан суолталаах. Эйигин сыаналыыр дьоҥҥо болҕомтоҕун уур. Сүлүһүннээх тылгын кыатаннаххына сатанар. Кириитикэни тулуйа сатаа. Доруобуйаҥ сыыһа аһаан тэмтэрийэн ылыа. Успуорт күүстээх көрүҥүнэн олус үлүһүйүмэ.

Игирэлэр

игирэ

Харчы бөҕөтө киириэ. Кутуҥ-сүрүҥ, санааҥ бөҕөхсүйүө. Сүүс төгүл мындыр буоларга тоҕоос көстөн эрэр. Мэйииҥ, толкуйуҥ хараҥа өрүттэрин муоһалаа. Кыра да үлэни ытыран баран ыытыма. Хорсун буол. Тыйаатырга, сүрэҕиҥ сытар тэрээһинигэр сылдьыахтааххын. Таптыыр киһигин кытта сыһыан эриэ-дэхси.

Араак

араак

Кыра да албыны-түөкэйи тумна сатаа. Соһуччу баҕайы хардыылары оҥорума. Таптал үс муннугар баайыллан хаалыаҥ. Суолталаах соҕус дьыалаҕа-куолуга бириэмэҥ элбэх барыа. Карьераҥ өрө көтөн эрэр. Ыраах айантан туттуна сатаа. Харчынан буолбакка, ис сүрэхтэн кэпсэтэн дьиэ кэргэҥҥэ или-эйэни үөскэтэр баҕайыта.

Хахай

хахай

Олоххун түөрэ уларытар кыах толору баар- тус олоххун да, үлэҕин да. Элбэхтик сатыы сырыт, сэрээккэҕин умнума, эрдэ утуй. Иэстэрин-күүстэрин дьэ биэриэхтэрэ. Көнүүһүгүн. Хат буолуу, саҥа дьиэҕэ көһүү, саҥа тэрили атыылаһыы – барыта биир кэмҥэ буолуо. Бу нэдиэлэҕэ суолтата суох диэн суох буолуо – барыта суолталаах.

Кыыс

кыыс

Урут билбэтэххин билиэҥ, истиэҥ. Ону туһана сатаатаххына суолгун сабан кэбиһиэхтэрин сөп. Хамнас үрдүүр саҥа бырайыага саҕаланан эрэр. Үлэҕэр ордугургуур санаа баһылыыр. Командировка, мунньах үөһэ мунньах баар. Тириигин көрүнэриҥ ордук. Аллергиялыыр куттал улахан.

Ыйааһын

ыйааьын

Үлэҕинэн барыы-кэлии элбэх. Үксүн куорат иһигэр буолуо. суолга сэрэхтээх буол. Бүддьүөтүҥ соһуччу эбиллэн үөрүү үксүө. Тиэхиньикэ алдьаныыта, аймаҕы кытта тыл тылга киирсибэккэ буолуу баар. Тус олоҕу оҥосторго сөптөөх нэдиэлэ үүммүт.

Скорпион

скорпион

Кэрэхсбиллээх кэскиллээх нэдиэлэ. Үлэҕин уларытыаххын сөп. ыраахтан доҕоруҥ кэлиэ. Кыраныысса таһыгар айан туһалаах буолуо. Бас туллар сууматыгар хантараак түһэрсиэҥ. Бэйэҕиттэн эбэн да туран сөбүлэс. Даача, айылҕа эйигин күүтэр да күүтэр. Таптал туонатыгар барыта аллара курулуо.

Охчут

охчут

Хас биирдии мүнүүтэҕин торумнаа, ыһыллан-тоҕуллан, табахтыы-табахтыы, кофе иһэ-иһэ олорума. Урут умса хоруйбут бырайыагыҥ эн ааҥҥын эмиэ тоҥсуйуо. Хорсун, сытыы охчуттар барыны бары ситиһиэхтэрэ. Үлэҕинэн айан барыстаах буолуо.

Чубуку

чубуку

Ураты дьону кытта кэпсэтии ураты түһүмэҕи сиэтэн аҕалыа. Эниэргийэ биэрэр кунуопканы баттаабыт курдук уһукта биэриэҥ. Биисинэскэ саҥа саҕахтар арыллыахтара. Урукку уурунууҥ бырыһыана ботуччутук кэлэн түһүө. Аатыҥ-суолуҥ атыыр оҕустуу айаатаары тиргиллэр.

Күрүлгэн

курулгэн

Өр да күүппүт уоппускаҥ кэллэ. Олоҕу уруйдаа, айаҥҥа турун. Докумуоҥҥа кыра харгыстар баар буолуохтара. Бу нэдиэлэҕэ ону быһаарбатаххына өссө икки нэдиэлэ сыһыллыаҥ-соһуллуоҥ. Табаххын бырах. Успуорт диэҥҥэ эргиллэриҥ дуу... Эти-сиини чэбдигирдэргэ араас ньыма баарын умнума. Ыал күрүлгэннэр ороҥҥут уотун умулуннарбат курдук дьаһаныыһыккыт.

Балыктар

балыктар

Таптал дьыалатыгар балысхан уларыйыы буолуо. Тургутуу бөҕөтө баар. Айар куттаах Балыктарга саамай табыгастаах күннэр. Барыс, дохуот үллэ турар. Сиэбиҥ отой дьоҕуһаабат. Астан сүһүрүү, тумуу баар. Нэдиэлэ бүтүүтүгэр кыһалҕаттан атын куоракка айанныаҥ.

Санааҕын суруй