Киир

Киир

Хой

хой

Ыарахан соҕус нэдиэлэ күүтэр. Дьиэ-уот кыһалҕата үөскүө. Холобур, ититии, уу-хаар боппуруостара. Аны туран, тиэхиньикэҕэ сэрэхтээх буол. Үлэҕэр эмиэ киирии-тахсыы, хамсааһын элбэх. Төһө да ыарахан буоллар, чугас дьоҥҥор ырдырҕаама, ньиэрбинэйдээмэ. Нэдиэлэ бүтэһик күннэрэ чуумпутук ааһыахтара.

Оҕус

о5ус

Соччо үчүгэйэ суох кэпсэтии күүтэр. Бу кэпсэтиигэ эрдэттэн бэлэмнэммиккин эрээри, ыган тиийэн кэлбитигэр, мунаахсыйарыҥ үгүс. Чугас киһигэр эрдэттэн эрэннэрбиккин толоро сатаа, эппиэтинэстэн куотума. Тус олоххор болҕомтолоох буол, иирсээни үөскэтэ сатаама. Бу нэдиэлэ дьыала-куолу өттүгэр эмиэ табыгаһа суох курдук.

Игирэлэр

игирэ

Эн сүбэҕэр-амаҕар наадыйар киһи элбэх. Онуоха үөрэ-көтө көмөлөһөргө өрүү бэлэмҥин. Саамай сүрүнэ, атын дьон кыһалҕатыгар аһара үлүһүйүмэ, бэйэҕин эмиэ санаа. Даҕатан эттэххэ, доруобуйаҥ мөлтөөбүт. Онон быыс-арыт булан, дьиэҕэр сынньанарыҥ ордук. Ыарыы иллэҥ кэмҥин кэтэһиэ суоҕа. Үп-харчы чааһа үчүгэй.

Араак

араак

Эн дьоллооххун! Олоҕуҥ үчүгэй өттүгэр уларыйар чинчилээх. Соҕотох сылдьартан сылайбыккын, онуоха таптыыр киһиҥ эйиэхэ истиҥ сыһыаҥҥа билиниэҕэ. Ол гынан баран, таптал долгунугар уйдара сылдьан, инникигин-кэнникигин үчүгэйдик толкуйданаргын умнума. Үлэҕэр эйиэхэ ирдэбил улааппыт. Ол иһин хойукка диэри үлэлиэҥ, түмүгэр кыайыылаах тахсыаҥ.

Хахай

хахай

Эбии барыс киллэрэргэ табыгастаах кэм. Саамай эппиэттээх күнүҥ -- оптуорунньук. Эйигин дьыалабыай кэпсэтии күүтэр. Тус олоххор, өйдөспөт буолуу баар. Дьиэ кэргэҥҥэ сыһыан мөлтөөбүт. Сулумахтар соҕотох сылдьыбыттарын курдук, соннук сылдьаллар. Урукку сибээһи умнар кэм кэлбит.

Кыыс

кыыс

Туохха да ыксаама. Атын дьоҥҥо сүбэлэтэ сатаама. Холобур, атын сиргэ көһөн барар, ипотекаҕа киирэр туһунан бакаа умун. Бу күннэргэ соҕотох сылдьан санааҕын сааһыланарыҥ табыгастаах. Өрөбүллэргэ дьиэҕэ олор, массыынаттан сэрэхтээх буол. Ууруммут харчыгын бараама, арыгыттан, табахтан тэйиччи сырыт.

Ыйааһын

ыйааьын

Бытааҥҥын. Олус элбэҕи толкуйдуур буолаҥҥын, чугас дьоҥҥун атахтыыгын. Онон көхтөөх буола сатаа. Чэппиэргэ иэскин-күүскүн төлөһүөҕүҥ. Кирэдьииккэ киирэ сатаама. Бу күннэргэ доҕотторгун кытта көрсүһүөҥ, кинилэр тус олоххор сүбэ-ама биэриэхтэрэ. Доруобуйаҕын харыстан, тымныйыаххын сөп.

Скорпион

скорпион

Эҥин араас буоларга-буолбакка болҕомтоҕун уурума, ньиэрбинэйдээмэ. Кыраттан иҥнэр кэмэлдьилээххин. Үлэҕэр урукку дьыалаҕын этэҥҥэ түмүктүөҥ. Эр дьон, тус олоххутугар тугу да уларытар баҕаҕыт суох. Урукку “бааскыт” оһо илик. Наһаа чуҥкук олохтооххун, бээтинсэҕэ үчүгэйдик сынньан.

Охчут

охчут

Харчыны сатаан туттубаккын, ол иһин үп-харчы кыһалҕата баар. Өрүү ыһа-тоҕо сылдьаҕын. Бэйэҥ кыаххынан үлэлээ, наһаа элбэҕи ылыныма. Кыайыаҥ суоҕа. Эйигин бу нэдиэлэҕэ Интэриниэтинэн саҥа билсии-көрсүү күүтэр. Бу көрсүһүү истиҥ сыһыаҥҥа тиэрдиэн сөп. Өрөбүллэргин эрдэттэн былааннаама, син биир уларыйыы буолуо.

Чубуку

чубуку

Бу сыл үлэ уонна тус олох чааһыгар этэҥҥэ саҕаланна. Биир өйдөөх-санаалаах дьоннуун элбэхтик алтыһар, санаа атастаһар кэмиҥ. Кинилэргэ аһара хотумсуйума, бэрт былдьаһыма. Өссө кыра дьиэ өрөмүөнэ баар буолуо, харчыгын онно барыаҥ. Доруобуйаҥ кэминэн эрээри, гаастаах утаҕынан үлүһүйэр буолаҥҥын, куртаҕыҥ ыарытыйар. Инники былааҥҥын дьоҥҥо кэпсээмэ, ордук саныыр киһи элбэх.

Күрүлгэн

курулгэн

Хамнас кыра диэн ытамньыйан бүт. Саҥа дьыаланы тэринэр кэм кэлбит. Айар куттаах киһи буолаҥҥын, бииртэн биир интэриэһинэй дьоннуун алтыһаҕын. Бу күннэргэ саҥа дуоһунаска этии киириэ да, ону соччо ылыныаҥ суоҕа. Уруккуттан урбаанньыт буолар баҕа санаалааххын. Өр сылларга ыра санаа оҥостубут дьыалаҕын олоххо киллэрэриҥ суолталаах. Эйиэхэ таптал боппуруоһунааҕар, доҕордуу сыһыан күүһүрбүт.

Балыктар

балыктар

Эн өйгөр оҥорон көрөргүн наһаа сөбүлүүгүн. Ол эбэтэр, суоҕу баар гына көрөр дьоҕурдааххын. Ол иһин дьон эн баҕаҕын толорботохторуна, олус хомойоҕун. Дьонтон элбэҕи эрэйимэ, бэйэҥ күүскэр эрэн. Тапталлааҕыҥ эйигин өйдөөбөтө элбээбит. Хайдах эмэ гынан сыһыаны тупсарыаххын наада. Бэйэҕин сайыннар, үлэлээ.

Санааҕын суруй