1 — Уот харахха туолар түүллэр. Үчүгэйи көрдөрөллөр.
2 – Суолтата суох хойгур түүл.
3 – Бэрт сотору туолуохтаах баҕа санаа туоһута.
4 – Арыый хойут туолуон сөптөөх түүллэр.
5 -- Үчүгэй ис хоһоонноох түүллэр.
6 – Кэлин туолар түүллэр.
7 – Кимиэхэ да кэпсэммэт суолталаах түүл.
8 – Ыра санааҥ хайдах туоларын көрдөрөр иччилээх түүллэр.
9 – Ситиһии түүлэ.
10 – Куһаҕаны, эрэйи-буруйу этэр түҥнэри төлкөлөөх түүллэр.
11 -- Үөрүү-көтүү түүлэ.
12 -- Үтүөнү төлкөлүүр түүллэр.
13 – Ол-бу моһолу сэрэтэр.
14 – Сыыстарыы-алҕаһааһын түүллэрэ.
15 – Олоххо табыллыы түүллэрэ.
16 – Күн-дьыл, ардах-хаар түүллэрэ.
17 – Чөл туруктаах буолуу түүлэ.
18 – Баай-дуол, таҥас-сап, мал-сал, ас-үөл дэлэйэҕин этэллэр.
19 – Дьиэ иһинээҕи иирсээн, этиһии, арыт арахсыы туһунан.
20 – Түүллэр икки өрүттээхтэр, сотору олоххо киирэллэр.
21 – Баҕа санаа туолуута.
22 –Куһаҕаны кэпсиир ыарахан түүллэр, түүһээччини “сэрэнэ сырыт” дииллэр.
23 – Сор-муҥ түүлэ.
24 -- Үөрүүнү-көтүүнү көрдөрөр, үчүгэй түстээх туолар түүллэр.
25 – Албыннатыы-балыйтарыы түүллэрэ.
26 – Көр-нар дуоһуйуу түүллэрэ.
27 – Түҥ-түҥ түүллэр. Суолтата суохтар, хаһан да олоххо туолбаттар.
28 – Эрэй түүлэ.
29 – Хаһан даҕаны туолбат түүл.
30 – Фантастика аҥаардаах түүллэр.
31 – Тапталга табыллыы, кыайан-хотон кынтаһыйыы, астыныы туһунан түүллэр, олоххо киириэхтээхтэр.
Сэҥээриилэр
Ханна эрэ куоракка биир квартираҕа айманны ыксал бөҕө буоллум сумкаллах
Авиапортка