Киир

Киир

Аммосова Айталыына

  • Санатта оҕустаах саханы

    Маадьаччы, ыадаччы үктэнэн
    Саадьаҕай Маҥаачый барахсан,
    Ыанньыкка кэлбитин биллэрэн
    Түптэҕэ даргыччы маҥырыыр.

    Үйэлэр кирбиигэ киирсэллэр
    Модунтан модуннар туорууллар,
    Арай мин сахам ынаҕа
    Дьыллары билиммэт сүнньүлээх.

    Уйбаан буол, Мичил буол!
    Урааҥхай ынаҕар син бииргин,
    Олоҥхо тойугун туойаҕын
    Сыарҕалаах оҕуһуҥ арҕаһар.

    Дьиэрэҥкэй үҥкүүнү тэбэбит
    Сахалыы олуһун ааҕабыт,
    Ол аайы ынахпыт күкээрэн
    Тупсарар урааҥхай омугу!

    Бэдьэллэн барахсан тупсубут
    Айылҕа тупсарбыт оҕото,
    Оҕустаах саханы санатан
    Мин бүгүн, дьоллоохпун дэттэрдиҥ!

    Дьокуускай, 21.03.2021 сыл.


Сэҥээриилэр

Людмила Потапова
0 Людмила Потапова 12.04.2021 11:19
Бэрт
Ответить
Арамаан
0 Арамаан 12.04.2021 12:21
Голосую очень понравилось.
Ответить
Бысыина Людмила
-1 Бысыина Людмила 12.04.2021 13:39
+1
Ответить
Баһылай
0 Баһылай 12.04.2021 14:15
Бэт хоһоон.
Ответить
Валентина Петрова
0 Валентина Петрова 12.04.2021 17:04
Олус бэрт!!!
Ответить
Хотокоон
0 Хотокоон 12.04.2021 21:12
+1
Ответить
Герасимова Марина  И
0 Герасимова Марина И 13.04.2021 11:18
Айаллаана Хорула
Ответить
Марианна Назарова
0 Марианна Назарова 13.04.2021 19:25
+1 оьуобай
Ответить
Степан Дегтярев +1
0 Степан Дегтярев +1 13.04.2021 21:48
Степан Дегтярев +1
Ответить

Санааҕын суруй