Киир

Киир

Мииринэй улууһугар бэс ыйын былаһын тухары куйаас күннэр сатыылаатылар. Инньэ гынан, уот турарыгар тирэх буолла.

Күн бүгүн, Мииринэй оройуонун үрдүнэн, үс улахан ойуур баһаара бэлиэтэннэ.Саамай улахан – аҕыс сүүс гектаар иэннээх, сэтиэнэх оттоох айаан сиргэ бэлиэтэнэр. Уоту бэрт эрэйинэн умуруоран тураллар да, аны көрдүгэннии сытар диэн буолла.

От ыйын 3 күнүн туругунан, баһаардар Учуода (Иркутскай Катанга оройуонун кыраныыссата), Сис үрүйэтин, Харыйа үрэх бастарыгар бааллара билиннэ.

Мииринэй лесничествотыгар Дьокуускайтан эбии күүс кэллэ. Онон субу-субу күүдэпчилэнэн турар баһаардары уодьуганныырга арыый да кыах баар буолла.

Станислав Алексеев. Мииринэй куорат.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар