Киир

Киир

Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Ньурба уонна Өлүөхүмэ 6 нэһилиэктэригэр ойуур баһаара дэриэбинэ кыраныыссатыгар чугаһаабыт. Балаһыанньа хонтуруолга сылдьар диэтилэр.

Ньурба улууһугар Малдьаҕартан 9 км сиргэ, Дьаархантан 8 км сиргэ, Хатыыттан 5 км сиргэ ойуур баһаарын умуллараллар.

Өлүөхүмэ улууһугар Дэлгэйтэн 10 км сиргэ, Хороттон – 6 км сиргэ умуллараллар. Троицкай сэлиэнньэтигэр ЛЭП лиинньийэтэ сууллан уот барбыт. Баһаар нэһилиэккэ кутталы суоһаабат. Атын нэһилиэктэргэ уот чаҕылхантан барбыт.

Билигин уоту умулларыыга 200-тэн тахса киһи, 10-тан тахса тиэхиньикэ үлэлиир.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар