Киир

Киир

Мииринэй куорат олохтоохторо баар суох күөх суугун тыалаах, кэрискэ мырааннардаах, үрүлүйэ сүүрдэр үрэхтэрдээх, киэҥ-куоҥ элгээн күөллээх сирбитигэр – Чуоналыырга сынньана барарбыт бобуллан турар.

Ааспыт күннэргэ өҥүрүк куйаас сатыылаан, таас дьиэлэргэ тыыммыт-быарбыт хаайтара сыһан сөтүөлүү бараары гыммыппыт. Ол былааммыт тосту уларыйбыта. КСК харабыллара, бастатан туран, массыыналары Чуоналыыр күөлүгэр ыкса киллэрбэттэр эбит. Иккиһинэн, Чуоналыыр эргин эһэлэр сылдьалларын туһунан сэрэттилэр. Тыаҕа сылдьар дьон этэллэринэн, Чуоналыырга уонна онтон чугас Күөллээх үрэҕэр икки эһэ баар эбит.

mir

«Интергэ» сотору-сотору ыалдьыттыыр икки оҕолоох эһэ дьоҥҥо соччо көстүбэт буола сатыыр, саһа сылдьар.

mir1

Оттон Чуоналыыры буулаабыт адьырҕа, дьонтон куттамматыттан, кэрээнэ суоҕуттан, хас да киһи көрөн түргэнник тэскилээбит. Хап-хара сэбирийбит түүлээх, улахан адьырҕа диэн кэпсээтилэр. Куттананнар хаартыскаҕа да түһэрбэтэхтэр. Эмиэ да көрүдьүөс: эһэ куйаастан уонна кумаартан куотан, Чуоналыыр элгээнигэр киирэн сөтүөлээн сөрүүккүүр эбит. “Турист” курдук сылдьар адьырҕа сөрүүкээн абыраммыт. Бэлэм ас, сөтүө... Ким оннук далбартан арахса охсуой?

mir3

mir2

Оттон харабыллар бэйэлэрэ симиттэн эһэттэн саллан олороллор. Аны саатар эһэни бултааһын ыллыҥ да судургу дьыала буолбатах. Сокуон күөмчүлүүр. Эһэни ытарга хайаан да көҥүллээх буолуохтааххын. Лиссиэнсийэ сыаната түөрт тыһыынчаҕа чугаһыыр. Бу тыатааҕы соторутааҕыта Чуоналыырга «Олоҥхо дойдута» этнографическай-ландшафтнай Кииҥҥэ буолан ааспыт бырааһынньыктар астарын тобоҕор кэлбитэ саарбахтаммат. Чуоналыырга сөтүөлүүр сирэ үчүгэйэ бэрт буолан куорат олохтоохторо хото сылдьаллар. Ол кэннэ тобох-ибэх бөҕөтө мунньуллан хаалар. Онтулара сытыйан-ымыйан эһэни угуйбут буолуохтаах.

Онон, Чуоналыыр диэки сынньана барааччылар сэрэнэргит булгуччулаах.

Мииринэй сынньанааччыларын өлгөм астарыттан үссэммит, кэрээниттэн тахсыбыт тыатааҕы өтөрүнэн мантан арахсара саарбах.

Станислав Алексеев, Мииринэй куорат.

Ааптар бэйэтин уонна “ All foto” саайт хаартыскалара.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар