Киир

Киир

 Ааспыт өрөбүллэргэ 6 ойуур баһаарын умуллардылар. Ол курдук, Нам улууһугар 181 гектардаах 1 баһаары, Мэҥэ Хаҥаласка 1,2 гаа иэннээх биир баһаары, Өлүөхүмэ улууһугар – 1 (12 гаа), Уус Алдан улууһугар – 1 (1 гаа), Хаҥалас улууһугар 3 гектардаах сиргэ 1 ойуур баһаарын умуллардылар. Бу туһунан СӨ Ойуур сыһыаннаһыыларын департамена иһитиннэрэр.

Бүгүн, от ыйын 23 күнүн сарсыардатыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ 20 ойуур баһаарын умуллараллар, ол иһигэр:

  • Билигин умайа турар 15: Үөһээ Бүлүүгэ 4 045 гектардаах сиргэ 2 баһаары, Бүлүү улууһугар 5 920 гектардаах сиргэ 4 ойуур баһаарын, Горнай улууһугар 28 515 гектардаах сиргэ 3 баһаары, Нам улууһугар 5 150 гаа сиргэ 2 баһаары, Ньурба улууһугар 572 гаа сиргэ 2 баһаары.

  • 5 баһаары боҕустулар: Үөһээ Бүлүүгэ – 1 (40 гаа), Кэбээйигэ – 1 (3 627 гаа), Нам улууһугар – 2 (6004 гаа), Хаҥалас улууһугар – 1 (191 гаа).

  • Горнай улууһугар 150 гектар иэннээх биир ойуур баһаарын умуруордулар.

Ойуур баһаарын умулларыыга уопсайа 905 киһи үлэлиир, ол иһигэр Авиалесохрана 332 парашютист-баһаарынайдара уонна десантниктара, ЫБММ 92 сиринэн сылдьан ойууру харыстыыр сулууспатын үлэһиттэрэ, 42 МЧС үлэһитэ, 431 олохтоох дьон уонна 8 түүлэһээччи. Уопсайа 54 тиэхиньикэ уонна 11 салгын суудуната үлэлиир.

Баһаар сезона саҕаланыаҕыттан, Саха сиригэр 162 ойуур баһаара тахсыбыт (уопсайа 89 728,79 гаа).

Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата биллэриллэн турар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар