Киир

Киир

Улахан Ботуобуйа 459 биэрэстэ усталаах ууну «хомуйар» далааһына – 17.500 кв.км. иэннээх, сүрдээх кэрэ айылҕалаах үрэх.Кини салаалара – Хотугу Дьуҥкуун, Сахаар, Улахан уонна Кыра Чайдаахтар, Хайалаах, Ыарҕалаах, Сокукаан, былыр-былыргыттан дьон бултаабыт-алтаабыт, иитиллибит сирдэрэ.Урут Таас-Yрэх Мииринэй оройуонугар саамай бултаах, дэлэй, эмис, минньигэс балыктаах дойдунан ааҕыллара. Ол сыыйа-баайы эстэргэ барда.

500 эрэ киһи олорор Таас-Үрэх дэриэбинэтин түөрт тыһыынча кэриҥэ үлэһиттээх, ньиэп-гаас бырамыысалыннаһын хас да геологическай уонна промучаастага төгүрүктүүллэр.Дэриэбинэ таһыгар икки улахан баахта куораттара бааллар.Ньиэп-гаас бырамыысалыннаһа аҥаардастыы күөнтээн, айылҕа кэхтэргэ барда. Кэлин киис, тииҥ, тайах, бочугурас, ыалыкы (куруппааскы) букатын аҕыйаатылар. Сүүрбэччэ сыллааҕыта массыынанан айаннаан истэххэ, суол кытыытыгар улар дэлэйэ сөхтөрөрө.

Эрдэҕэстэр адьас суол ортотугар тоотоллон олорооччулар. Айан суолуттан туораан, аабыланнаах үрүйэҕэ киирдэххэ ыалыкытын хойуута! Ньиирээйи талахтар, алыылар эҥэрдэрэ наар ыалыкы хабыгырааhына буолааччы. Кус-хаас элбэҕин киин оройуоннарга холуу да сатаабат этибит. Дьиэ таhыттан бултууллара. Уhун сайыны быhа дьон кус-хаас этинэн эмсэхтэнэлэрэ. Анды, күлтэн, көҕөн, халба, улун, хаас Улахан Ботуобуйа элгээннэригэр, сээннэригэр сөбүлээн түhэллэрэ. Ону саас халаан кэмигэр, таас-үрэхтэр дохсун мотуоркаларынан, Улахан Ботуобуйа устун тахсыталаан, кэминэн көрөн бултаан ылааччылар. Аны бу дойду балыгын баhаама номоххо эрэ хаалла. Бүлүү Эбэ Хотун тыыннаах эрдэҕинэ, хатыыс, бил, майаҕас, туут балык Улахан Ботуобуйа баhыгар тахсара. Бу үрэх баhыттан-атаҕар диэри элгээн, күөл сойуустаах устар. Итинэн да холобурдаатахха дьон барахсан хайаан аччыктыахтарай! Сэрии саҕана Сунтаартан дьэҥкэрэ аччыктаабыт дьон Таас-Үрэххэ көhөн тахсан быыhаммыттара.

Дьэ баларынан да холобурдаатахха, булду-алды таптыыр киhиэхэ Таас-Yрэх – дьоhун-мааны дойду. Эмиэ, “этэ эрэ” диииргэ күһэллэбин. Кэнники сылларга Улахан Ботуобуйа баһыгар бултуу уонна балыктыы тахсар төрүт уурайан турар. Онно ньиэп-гаас эспэдииссийэлэрэ хастыы эмэ тэрилтэ хаһаайынныыллар. Эйигин чугаһаппаттар онно! Үрэх баранар баһыттан аатырбыт гаастаах Чайыҥда үрэх чугас. Бу Таас-Үрэхтэн булчуттар миэхэ ыыппыт хаартыскаларгар Улахан Ботуобуйа баранар баһыгар, нефтяниктар айбардаабыттара ырылыччы көстөр.

Ким да кыайан тиийэн көрбөтүнэн-истибэтинэн, хонтуруол ситэтэ суоҕунан туһаммыттара буолуо – үрэҕи, хаарыаннаахай ойууру сууһаран, маһы дьапталҕалаан, хаайан кэбиспиттэр.

Олус ньэгэйдик, куруубайдык, Арассыыйа ууну харыстыыр сокуонун («Водный кодекс») пууннарын кэһэн туран.

Туох сыаллаах-соруктаах бүтүн үрэҕи бүөлээбиттэрэ биллэр. Бу сири баайын баһылааһын туһугар эрэ. Маны кыраҕы харахтаах кэтэбил уорганнар, дьэ тоҕо булан көрбөтүлэр?

Бастатан туран, Мииринэй оройуонун салалтатын өттүттэн туһааннаах миэрэ ылбатахтара хомолтолоох.Улахан Ботуобуйа курдук бүтүн нэһилиэк иһэр уу ылан, балыктаан, бултаан олорор сирин баранар баһын атыйахтыы аймаабыттарын бэрт ахсааннаах билэр.

Көрүҥ бу хаартыскалары!

mir5

mir4

mir

Ханнык да иһитиннэрэр-биллэрэр информационнай ааҕыныстыба, бэчээт, телевидение Улахан Ботуобуйа баһыгар ончу тиийиэ суоҕа.

Онно туох түктэри быһыы-майгы тахса турара кэпсэниллиэ суоҕа!

mir1

Бу буолар, Арассыыйа айылҕаны харыстыыр сокуонун уонна Уу кодексын билиммэккэ көҥүл-босхо барааһын диэн.

mir3

Маны Саха сирин Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ, барыбыытылыстыба уонна Ил Түмэн болҕойоллоро, бэрэбиэркэлииллэрэ буоллар ньии!

Аан Айылҕабыт алдьанара, Улахан Ботуобуйа курдук улуу үрэхпит саҕаланар күрүлгэнэ бүөлэнэрэ эчи хараастыылааҕын, аһыытын-абатын!

Станислав Алексеев, Мииринэй куорат.

      

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар