Киир

Киир

Бэс ыйын 20 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн  8 сиргэ (687 га иэннээх) турбут баһаары умуорууга үлэ барар.

Ол курдук, Дьааҥыга 47 га, Өлүөхүмэҕэ 87 га, Уус Алдаҥҥа 160 га, Уус Майаҕа 36 га, Тааттаҕа 1,5 га иэннээх сирдэри уот ылла. Дьааҥыга уонна Дьокуускай куоракка икки баһаар умуорулунна. Баһаары умуорууга уопсайа 336 киһи, 26 тиэхиньикэ үлэлиир.

Ыраах уонна сылдьарга эрэйэдээх сирдэргэ 95 регистрациялаах термоточкалар бааллар: Алдаҥҥа, Аллайыахаҕа, Дьааҥыга, Тааттаҕа, Сунтаарга, Томпоҕо, Жиганскайга, Эбээн-Бытантайга, Муома, Усуйаанаҕа, Өймөкөөҥҥө, Нерюнгрига, Абыйга, Орто Халымаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Өлүөхүмэҕэ уонна Уус-Майаҕа. Баһаар тахсыбыт сирин уопсай иэнэ 235 528 га тэҥнэһэр.

СӨ экология министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин тутуһалларыгар ыҥырар.

ysia.ru

Санааҕын суруй