Киир

Киир

Дьааҥы улууһугар икки сиргэ турбут ойуур баһаара баар. Билиҥҥи туругунан уот 85,5 га иэннээх сири ылбыт. Ону таһынан, Бөтөнгөс нэһилиэк уонна “Чолбон” диэн сир аттыгар икки сиргэ турбут ойуур баһаарын умуорууга үлэ ыытыллар.

Баһаары умуорууга 20 киһи, 1 тиэхиньикэ уонна олохтоох нэһилиэнньэттэн 4 киһи үлэлииллэр. Ону таһынан, ойуур баһаарын утары охсуһар Дьааҥы, Нам уонна “Якутлесресурс” Дьокуускайдааҕы филиалын үлэһиттэрэ.

Айылҕа баһаарын умуорууга 333 киһи, баһаарынайдар, быыһыыр сулууспа, олохтоох нэһилиэнньэ уонна 29 тиэхиньикэ үлэлииллэр.

Атын нэһилиэктэргэ буруо таһыма орто, ол диэки баһаар тарҕаныыта суох. Билигин да Дьааҥы улууһугар ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ салҕанар.

Yakutia24/Якутия24

Санааҕын суруй