Киир

Киир

Саха сиригэр сырыыта суох сирдэргэ ойуур баһаарын иэнэ сууккаҕа 150 тыһ га – 942,1 тыһ га диэри улаатта. Бу туһунан эрэгийиэннээҕи экология министиэристибэтин саайтыгар суруллар.

Олортон ойуурдаах сирэ – 819658 га, ойуура суох — 122465 га. Сылдьарга эрэйдээх сирдэргэ тахсыбыт баһаары умуоруу оройуоннааҕы дьаһалталар быһаарыыларынан тохтотуллан турар. Кураан күн, тыал уонна чаҕылхан баһаары улаатыннарар кутталлаахтар.

От ыйын 26 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 871 га иэннээх 27 ойуур баһаарын умуоруу үлэтэ ыытыллар. Олортон үһэ Дьааҥы улууһугар. Манна 386 га иэннээх ойуур уокка былдьанна.

news.ykt.ru

Санааҕын суруй