Киир

Киир

Ыаллыы сытар Красноярскай кыраайга 746 тыһ. гектар күөх дуол умайар, оттон хонтуруолламмат зонаҕа 739 тыһ. га сиргэ 112 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Иркутскай уобалаһыгар 342 тыһ. сир умайар, онтон кэтээн көрүүгэ, хонтуруолга сылдьар сирэ – 252 тыһ. га (44 тыа баһаара). Оттон Саха сиригэр 506 тыһ. га иэннээх сиргэ 17 ойуур баһаара бэлиэтэнэр, онтон улахан аҥара (431 тыһ. га) – тайҕа.

Эспиэрдэр этэллэринэн, уот күүскэ тарҕанар биричиинэтинэн РФ Айылҕа министиэристибэтэ “Об утверждении правил тушения лесных пожаров” диэн 2015 сыллаахха ылыммыт бирикээһэ буолар. Онно “зона контроля” эбэтэр “зона мониторнга” диэн өйдөбүл киирбитэ. Судургутук эттэххэ, ити зонаҕа киирсэр баһаары умулларыа суохха сөп, өскөтүн нэһилиэнньэҕэ, экэниэмикэ эбийиэктэригэр куттал суоһаабат диэн быһаардахтарына. Ону умулларыыга халтай харчы баранар, үпкэ охсуута улахана бэрт, хоромньуну куоһарар диэн санааттан. Маннык зонаҕа киһи-сүөһү тиийбэт, эгэ, тиэхиньикэ барбат ыраах сытар сирдэри киллэрбиттэрэ. Оттон дьиҥэ онно күөх дуолбут умайар ээ.

pojary1

Бу баһаардартан сылтаан бүтүн Сибииргэ, Уһук Илиҥҥэ хойуу буруо турда. Роспотребнадзор “ити буруо нуорманы куоһарбат, барыта этэҥҥэ” диэн отчуоттуу олорор. Санатар буоллахха, хойуу буруоттан сылтаан иллэрээ күнтэн ыла сөмөлүөттэр Баатаҕайга. Ньурбаҕа, Сунтаарга эҥин кыайан көппөккө тураллар. Хас да улууска хойуу. Киһи хараҕа аһыйар буруо турар.




Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар