Киир

Киир

Усуйаана улууһугар икки ойуур баһаара бэлиэтэммит, нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат. Бу туһунан улуус баһылыга Георгий Федоров иһитиннэрэр.

“Билигин икки улахан ойуу уота Силлээннээх нэһилиэгэр, Сайылык сэлиэнньэтин чугаһыгар уонна Уйаандьы уонна Депутатскай икки ардынан туундараҕа улахан уот турбута биллэр”, - диир баһылык. Сайылык аттынааҕы уоту умулларыыга 40 киһи үлэлиир.

Силээннээх нэһилиэгин баһылыга Лена Рожина иһитиннэрбитинэн, билигин биэс уот көрдүгэниттэн иккиттин толору умлларыбттар. Бэҕэһээ Сайылык сэлиэнньэтигэр баһаартан сылтаан бэлэм олоруу эрэсиимин биллэрбиттэрэ.

Санааҕын суруй