Киир

Киир

Покровскай куорат олохтооҕо Игорь Иванов тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр дьаабылыка үүннэриинэн дьарыктаммыта номнуо биэс сыл буолбут. Быйыл үүнээйитэ бастакы аһын биэрбит.

Игорь Иванов 2014 сылтан тэлгэһэтин иһигэр дьаабылыка үүннэрэр. Быйыл 62 дьаабылыканы хомуйбут. Саамай улахан дьаабылыга 85 гр.

Дьаабылыка маһын кыыһым Новосибирскай куораттан аҕалбыта. Биэс сыл кыһыны этэҥҥэ туораата уонна быйыл саҥа аһын биэрдэ”, – диэн Игорь кэпсиир.

Мас кыра эрдэҕинэ кыһыҥҥыга бэлэмнээн өҕүлүннэрэн баран үрдүнэн бүрүйэр эбит. Ааспыт сыллаахха маһа 1,5 м уһуннаах буолбут. Инньэ гынан, аны оннук гынар сэрэхтээх буолан эргэ суорҕанынан эрийбит. Муус устар ый ортото суорҕанын ылбыт. Билигин мас уһуна 2 м курдук буолбут. Дьаабылыка мас салааларыгар буолбакка угугар үүнэр эбит.

Дьаабылыкалар кыратык аһыытыҥы минньигэстэр. Уолбар Новосибирскайга ыыппытым, кини эмиэ даачатыгар үүннэрэр. Кини дьаабылыкалара быдан улахаттар, ол эрэн амтаннара  аһыы соҕус. Миэннэрэ ордуктар”, – диэн Игорь Иванов кэпсиир.

Быйыл алтынньы ыйтан маһын бүрүйэр былааннаах. Эһиил өссө элбэх аһы биэрэригэр эрэнэр.

ysia.ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар