Киир

Киир

Арассыыйа уонна Германия палеонтологтара Саха сиригэр Тээтэ диэн сиргэ, зауропод диэн түөрт атахтаах, от аһылыктаах динозаврдар үлтүркэйдэрин буллулар.

 Бу харамайдар 210 мөл сыл анараа өттүгэр үөскээбиттэр уонна 135 мөл сыл устата Аан дойду бары материктарыгар олорон ааспыттар. Зауроподтар уһун моойдоох, кутуруктаах, кыра төбөлөөх эбиттэр. Кинилэр көрүҥнэригэр диплодоктар, бронтозаврдар, брахиозаврдар уонна да атыттар киирэллэр.

Бу кыыллар үгүстэрэ Хотугу Америкаҕа өлбүт буоланнар, бу диэки таастыйбыт өлүктэр сэдэхтик көстөр. Ол эрэн, Австралияҕа, Новай Зеландияҕа уонна Антарктидаҕа көстө сылдьыбыт.

Оттон Тээтэ диэн сиргэ зауроподтар тиистэрин буллулар. Бу Саха сиригэр диназаврдар олоро сылдьыбыттарын туоһулуур. Маны таһынан, учуонайдар теплокровнай (теропод-динозаврдар) уонна хладнокровнай (черепахлар эбэтэр күлгэрилэр) кыыллар тобохторун буллулар.

yakutia24.ru/

Санааҕын суруй