Киир

Киир

Былырыын эмиэ норуот билгэһиттэрин кытта кэпсэтэн турабын. Арыый хойутуу, күөх от бытыгыраабытын кэннэ, этэ. Бары кэриэтэ: “Сайыммыт өлгөм үүнүүлээх, быйаҥнаах буолуоҕа. Сөбүгэр ардахтаах, итии күннээх”, -- диэбиттэрэ. Кырдьык да, улахан баһаардары аахпатахха, куһаҕана суох, сөбүгэр итии күннээх, үүнүүлээх сайын ааспыта. Онон билгэһиттэр былырыыҥҥы кэтээн көрүүлэрэ туолбута диэн туох да саарбахтааһына суох этиэхпин сөп.

Оттон быйыл дьыл уларыйыытын, чээл күөх сайыммыт туһунан туох санаалаах, көрүүлээх олороллор эбитий?

  • Быйыл хаарбыт халыҥ буолан, улахан уу, мотуок моһуоктуо диэн долгуйан эрэбит. Манна туох санаалааххытый?
  • Сааспыт төһө тыаллаах, тымныы буолуой? Ыам ыйа тугунан үөрдүөй?
  • Оттон сайыммыт? Куйаас сайыны күүтэбит дуу, сөрүүн дуу?
  • Былырыыҥҥы курдук улахан баһаардар тураннар аймыахтара диэн дьиксинэр наада дуо? Сайыммыт төһө кураан буолуой?
  • От, сир аһа төһө үүнүөх чинчилээҕий?

“Сыһан-соһон бытаан саас буолуо”

Гавриил Угаров-Эһээ Дьыл, биология билимин дуоктара, Дьокуускай куораттан:

ygarovv

  • Хаар ууллар эрээри, түүнүн тоҥорор. Син өр итинник гынара буолуо. Ол иһин төһө да хаардааҕын иһин, уутун көтүтэр. Оттон ириэрэн баран, түүнүн тоҥорбот буоллаҕына, дьэ, оннукка көппөт. Ол уу араас сиринэн быгыалыан сөп. Быйылгы халыҥ хаар уута куттала суох диэн көрөбүн. Өрүспүт кэмигэр эстиэ. Арай 3-4 хонугунан эрдэлиэн сөп. Билигин сылаас күннэр тураллар. Кыратык сөрүүдүйэн баран эмиэ сылыйыа. Ол гынан баран, ыам ыйын маҥнайгы аҥаара сөрүүн соҕус буолар чинчилээх. Инньэ гынан өрүспүт бытаан соҕустук барыа.
  • Халлааммыт туруга Арассыыйа күнүн-дьылын орто балаһыанньатыгар маарынныыр. Сааспыт эрдэлиэх буолан иһэн бытаарда. Тыаллаах, ардахтаах буолуо. Өрүс мууһа уһуннаҕына, салгын арыый сымныа. Ыам ыйын 22 күнүттэн, ол эбэтэр Ньукуолун кэннэ, дьэ сылыйыа. Онон сыһан-соһон бытаан саас буолуо. Урут кыһынын тымныы уонна сааһа эмискэ ириэрэн, күн чаҕылыччы тыган кэлэрэ. Чуумпу акыйаантан циклон тахсар. Ол сөҥүүнү түһэрэр. Итинник гыммыта хас да сыл буолла. Аан маҥнай Приморьеҕа тахсар. Ол иһин ити эргин улахан уу, мотуок айматалыы сылдьыбыта. Циклон билигин Амуртан аргыый тахсан эрэр. Илин эҥээргэ, соҕуруу улуустарга, Халыма, Индигиир эргин биллиэҕэ.
  • Бэс ыйын ортотуттан от ыйын 10-15 күнүгэр диэри үчүгэй күн-дьыл туруоҕа. Саамай итии күннэр Бөтүрүөпкэ туруохтара. Сөбүгэр итии күннээх сайын. Уот куйаас диэн суох. Былытырыа, ол кэннэ күнүн чаҕылыччы тыктарыа, онтон эмиэ былытырыа. Ити курдук күнүн-дьылын солбуйса сырытыннарыа.
  • Итиннэ мин санаам маннык. Өртөөһүнү боппуттара куһаҕан. Үс-түөрт сыллааҕы от дьапталҕаланан сытар. Кыра да уот түстэҕинэ, күлүбүрэччи умайбытынан барар кутталлаах. Маннык уот сүгүн-cаҕын умуллан испэт. Былырыын улахан уот Дьааҥыны аймыы сылдьыбыта. Уот барбыт сирэ иккиһин умайбат. Урукку курдук чаҕылҕан баһаара туруо суоҕа. Үксүгэр дьон сэрэҕэ суохтарыттан баһаар буолар. Быйыл сайын улахан уот турбата буолуо дии саныыбын.
  • Сирбит сииктээх буолан, сир аһа үүнэригэр үчүгэй дьыл. Ити – быйыл. Кэлэр өттүгэр дьэ саарбахтыыбын. Сир аннынааҕы уу баран эрэр. Үөһээ Бүлүү, Бүлүү диэки күөллэр уолан барбыттара ыраатта. Мин дойдубар, Үөһээ Бүлүүгэ, сүөһү уулатар кыһалҕа турбута түөрт-биэс сыл буолла. Итиннэ бэлэм буоларбыт ордук. Былырыын Өлүөнэ өрүспүт уолан эрэр диэн айдаан тахса сылдьыбыта. Ойуур баһаарыттан диэн быһаарбыттара да, баһаарга, төттөрүтүн, тыа, чараҥ уута киирэн биэрэр. Сир уута икки көрүҥнээх. Биирэ – халлаан, ол эбэтэр атмосфера уута. Иккиһэ – сир аннынааҕы уу. Ол уу суох, эбиитин ардаҕа, сиигэ суох сайын буоллаҕына, от-мас, сир-аһын үүнүүтэ дьэ мөлтүүр. Сир тымырын уута ханна барара эбитэ буолла? Ким да билбэт.

“Мин үйэбэр маннык халыҥ хаар түһэ илигэ...”

Максим Сибиряков, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, норуот сылыксыта, Чурапчы олохтооҕо:

maximcibirykov

  • Быйыл 70 см. халыҥ хаар түстэ диэн кэтээн көрдүм. Мин үйэбэр маннык халыҥ хаар түһэ илигэ. 88 саастаах оҕонньорбун. Айылҕаны кэтээн көрбүтүм, кырата, 60-ча сыл буолла. 1859 сыллаахха, арааһа, ахсынньыга этэ, номоххо киирбит халыҥ хаар түспүт. Мин уончалаахпар ол хаары көрбүт биир-икки оҕонньор ордон хаалбыт этэ. Олор кэпсээннэрин истэрим. Өрүс уҥуор, холобур, Чурапчыга ол дьыл хаар халыҥа 1.4 м. буолбут. Дьиктитэ диэн, биир түүн иһигэр түспүтэ үһү. Итиччэ халыҥ хаар ууну аҕалбакка эрэ, халлааҥҥа көтөн хаалбыт. Халыҥ хаардаах дьыл кэнниттэн тоҕус сыллаах улахан кураан турбут. Быйыл кыһын халыҥ хаардаах буолан, ууну аҕалыан сөп. Билигин чуо маннык буолуо диэн этэр, билгэлиир уустук. Халлаан улаханнык ириэрбэккэ турар. Өскөтүн наҕылыччы ириэрдэҕинэ, уу кэлиэн сөп. Оттон тыалыра-тыалыра көтүтэн иһэр буоллаҕына, уу моһуоктуо суоҕа. Ол иһин улахан уу кэлиэ эбэтэр уу букатын кэлбэт диэн билигин этэр уустук. 1980-с сыллардаахха Аммаҕа үлэлиир этим. Хаара эрдэ барбыта. Ыам ыйыгар, бэс ыйыгар тыа уута киирэн, Амма ходуһаларын ылан сүпсүгүрүү буола сылдьыбыта. Таатта сорох өттө эмиэ ууга барбыта. Онуоха эбии ол күһүн 1979 с. ардаан баран тоҥорбута. Билигин хатааһын турар. Күүскэ тыалырыан наада.
  • Саҥа дьыл кэннэ балай эмэ хаардаата, былыттаах да күн элбэх. Айылҕаҕа туох барыта кээмэйдээх. Сөҥүүтүн сөбүгэр түһэрдэ дии саныыбын. Ол иһин ыам ыйа ыраас халлааннаах, ардаҕа суох буолуоҕа. Бэс ыйыгар да улахан сөҥүүнү күүппэппин.
  • Эппитим курдук, бэс ыйыгар улахан ардах суох. Ыһыах кэмигэр куйаас күннэр туруохтара. Мэлдьи буоларын курдук, Бөтүрүөп таҥаратыгар эмиэ куйаас түһүө. Өнүрүк куйаас буолбакка, сөтүөлүүргэ сөптөөх халлаан туруоҕа. От, атырдьах ыйдарыгар кэмиттэн кэмигэр ардыаҕа. Атырдьах ыйа мэлдьи ардахтаах буолар.
  • Уот турар кыахтаах. Бэс, от ыйдара курааннааталлар эрэ, туруон сөп. Өртөөн уоту ыыталлар дииллэр да, былыр баһаар барбат этэ. Сэрэхтээх, айылҕаҕа чугас буолуохха наада. Өртөммөтөх от ынахха, сылгыга улахан охсуулаах. Кур оттоох сири сылгы сүгүн хаспат. Бэс, от ыйдарыгар кураанах чаҕылҕаннар баар буолуохтара, ханна барыахтарай.
  • Сир аһа хаһыҥтан тутулуктаах. Бэс ыйын бүтүүтэ, от ыйын саҥатыгар хаһыҥнаан кэбиспэтэҕинэ, үчүгэйдик үүнүөҕэ. Хаһыҥ сир аһын сиэмэтин тоҥорон кэбиһэр. Дьэ, оччоҕуна буоратар. Сир аһын чааһыгар саарбахтааһын баар эбит буоллаҕына, от баҕас өлгөмнүк үүнүөҕэ. Сир сииктээх сытар. Таммах да ардах түспэтэҕинэ, сир сиигин иҥэринэн, от син биир үүнүөҕэ. Отчуттарга от ыйын маҥнайгы аҥаарыгар диэри хото оттоон хаалыҥ диэн сүбэлиэм этэ. Оччоҕо өлгөм оту баһан ылыахтара.

Кэпсэтиибит бүтүүтэ Максим Николаевич: “Дьиҥнээх билгэһит суох буолла. Дьон халлаан туругун интэриниэтинэн көрө олороллор. Мин дьиҥнээх билгэһит буолбатахпын, айылҕаны кэтээн көрүүбүн этэбин. Дьиҥ чахчы билгэһит киһи кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр курдук айылҕаны этинэн-хаанынан билэр, сэрэйэр дьоҕурдаах буолар. Былыр билгэһиттэр удьуордара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрэ. Ол утуммут кэһиллэн хаалла. Норуот билгэлиир дьоҕурун сүтэрдибит”, – диэн санаатын үллэһиннэ.

“Ыам ыйын ортото +20 тиийэ итийиэҕэ”

Тарас Тарасов-Тускул, күнү-дьылы билгэлээччи, Чурапчы Хайахсытын баһылыга:

tyckyl

  • Быйыл уу улаханнык моһуоктуо суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, өрүс да, күөл да мууһа чараас. Харыы тахсан, халаанныан сөп этэ. Хаар халыҥ. Ол – баар суол. Киин уулуустарга, Халымаҕа үһүөннэригэр, бэл, соҕуруу улуустарга – Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Нерюнгрига кытта халыҥ. Быйыл эрдэ ириэрдэ. Ириэрэ-ириэрэ уутун көтүтэн иһэр. Онон орто уулаах сааһы күүтэбит. Итиэннэ Үргэл сулус үөһэнэн сылдьар. Ыйы аннынан аастаҕына, дьэ, оччоҕо таһынан быгыалыыр элбэх уулаах-хаардаах саас, сайын буолуохтаах этэ. Кэмиттэн кэмигэр Үргэли кэтээн көрөбүн ээ, тура үөһэнэн устар. Үргэлинэн сирдэтии – былыргы сахалар билгэлэрэ.
  • Муус устар бүтэһик күннэригэр диэри хаарбыт ууллан бүтүөҕэ. Ыам ыйын маҥнайгы күнүн саҥа бытыгыраан эрэр күөх оттоох көрсүөхпүт. Быйыл өрүспүт эрдэлиир чинчилээх. Суол эрдэ аһыллыаҕа. Урукку өттүгэр боруом ыам ыйын бүтүүтэ сырыытын саҕалыыр эбит буоллаҕына, быйыл 20 күнүн эргин айаннаан барыахтара. Ыам ыйа үөрдэрэ диэн, сылаас буолуоҕа, мутукча эрдэ тыллыаҕа. Ортотун диэки +15, +20 кыраадыска тиийэ итийиэҕэ. Өлүөнэ өрүспүт уолан эрэр диэн былырыын айдаан бөҕө тахса сылдьыбыта. Кураан соҕус дьыл ааспыта. Онон сибикилээтэххэ, Өлүөнэ эбэбит хаатыттан улаханнык тахсыа суоҕа. Амма өрүстэн сэрэхэдийэ саныыр этим даҕаны, билиҥҥитэ халҕаһанан устар сибикитэ суох. Ити курдук, өрүстэрбит улахан араллаана суох эстиэхтэрэ дии саныыбын.
  • Сайыны Ньукуолуҥҥа билгэлиир үгэстээхпин. Билигин күн-дьыл хайдах уларыйан иһэрин кэтээн көрөбүн.
  • Быйыл улахан ардаҕа суох кураан соҕус сайын буолуох чинчилээх. Ол иһин уот туруон сөп.
  • От, сир аһа дэлэйдик үүнүөҕэ. Муус устар 7 күнүгэр, Былаҕачыанньыйап таҥаратыгар, тыаллаах-куустаах, былыттаах күн турбута. Ууну-хаары ити күн тыал көтүтэн кэбиһэр диэн өбүгэлэрбит өйдүүллэрэ. Итинэн сылыктаатахха, сайыммыт элбэх сөҥүүтэ суох кураан соҕус буолар чинчилээх.

Тарас Лукич: “Бу сайын былырыыҥҥыттан улахан уратыта суох буолуоҕа. Сөбүгэр сир астаах, оттоох сайын кэлиэҕэ. Былырыын киин улууска аһыҥа түһэ сылдьыбыта. Ол быйыл эмиэ салҕанара буолуо”, – диэн билгэтин түмүктээтэ.

***

Күнү-дьыл туругун ыйыталаһаары, Гидрометеорология уонна мониторинг салалтатыгар эрийэ сылдьыбыппар: “Биһиги дьыл кэминэн (сезонунан) борогунуос оҥорбоппут. Сайын маннык буолар, бачча кыраадыс итийэр, бачча сөҥүү түһэр диэн чуо бааччы этэр кыахпыт суох. Арай ый иһинэн халлаан туругун этиэхпитин сөп эрээри, ол да соччо чуолкайа суох, сабаҕалааһын курдук буолар”, – диэн буолбута.

***

Норуот билгэһиттэрин сылыктара итинник. Кылам гынан ааһар сайыммытыттан сэмээр элбэҕи кэтэһэр курдукпут. Сайыммыт өлгөм үүнүүлээх, өҥ-быйаҥ буоллар ханнык.

Билгэни сэҥээрдэ Диана КЛЕПАНДИНА.

Сэҥээриилэр

Киһи
0 Киһи 20.04.2020 17:17
Сайын буолан баран куйаас буолуохтаах.
Ответить

Санааҕын суруй