Киир

Киир

Саас буолан, сотору аны Өлүөнэ Эбэбит этэҥҥэ барарын туһугар долгуйуохпут. Билигин, төһө даҕаны ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ олохтоннор, халаан уутугар эрдэттэн сөптөөхтүк бэлэмнэнэр инниттэн Мэҥэ Хаҥаласка үлэ саҕаланна. Онон бу туһунан «Эркээйи» хаһыат кэрэспэдьиэнэ биир кэлим дьуһуурунай диспетчерскэй сулууспа салайааччытын Егор Матчитовы кытта кэпсэттэ.

– Егор Николаевич, халаан уутун туоратыыга бэлэмнэнии үлэтэ хайдах саҕаланна?

Бу күннэргэ Өлүөнэ өрүскэ уонна улуус үрэхтэригэр халаан уутугар бэлэмнэниинэн былааннаммыт үлэлэр ыытылла тураллар. Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх улуус баһылыктара кытыылаах быйылгы халаан уутун уонна ойуур баһаарын бохсор үлэлэр былааннарын туһунан видеонан кэмпириэнсийэ ыытыллыбыта. Ону таһынан улуустааҕы борокуратуура сүрүннээһининэн улуустааҕы биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа үлэлээбитэ. Муус устар 15 күнүгэр улуустааҕы быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕа буолбута.

Быйылгы сылга халаан уутугар содулу туоратыыга анал үөрэх ыытылынна дуо?

Муус устар 16 күнүгэр Хаптаҕайга ууга барар ыаллары  уонна сүөһүнү, сылгыны үрдүк сиргэ көһөрүү боппуруоһугар сылын аайы ыытыллар үөрэх барбыта. Бу үөрэххэ урукку  сыллар курдук дьону мунньубакка тыа хаһаайыстыбатын управлениетын уонна туһааннаах сулууспалар бэрэстэбиитэллэрэ миэстэтигэр тиийэн үөрэх былаанын уонна бэлэмнэнии хаамыытын билсибиттэрэ. Итиэннэ бу күннэргэ улуустааҕы борокуратуура ыҥырыытынан ыксаллаах быһыыга-майгыга үлэлиэхтээх нэһилиэктэргэ туруоруллубут оборудование (средства оповещения) бэлэмин чуолкайдааһына ыытыллар.

Нэһилиэктэринэн эбии туох үлэлэр ыытыллаллар?

Миэстэтигэр муниципальнай тэриллиилэргэ оперативнай бөлөхтөр,  дьуһуурустубалар графиктара саҥардыллан бүттүлэр. Бу күннэргэ үрдүк сирдэргэ көһөр сүөһүнү, сылгыны саппаас аһылыгынан хааччыйыы ситэриллэр. Өрүс кытыытыгар олорор 5 нэһилиэккэ: Ороссолуодаҕа, Хаптаҕайга, Павловскайга, Төхтүргэ, Дойдуга уу таһымын мээрэйдиир постар уу кэлиэхтээх кэмигэр анаммыт болдьоххо үлэлииргэ таҥыллан туруорулуннулар уонна итиннэ үлэлиир дьон үөрэтиини бардылар. Салгыы уу ылар сирдэригэр дьон көһүүтэ эбэтэр нэһилиэнньэни көһөрүү тирээн кэллэҕинэ ‒ дьону халаан содула ааһыар диэри хоннорор, олордор  дьиэни-уоту «Роспотребнадзор» уонна баһаарынай надзор ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн үлэни ыытыы барыахтаах.  Ону сэргэ «Мегафон», «Билайн», «МТС» ситимнэринэн «СМС» нөҥүө кэлэр иһитиннэриилэри бэрэбиэркэлээһин салгыы барар.

Сааскы, сайыҥҥы кэмнэргэ куһаҕан суоллаах нэһилиэктэри кытта үлэ хайдаҕый?

Ыраах сытар, суола-ииһэ суох нэһилиэктэргэ Чыамайыкыга, Дойдуга  суол баар кэмигэр сэлээркэ,  бурдук, саахар уонна нэһилиэнньэ быстах туттар малын-салын миэстэтигэр хааччыныы үлэтэ сүрүннээн түмүктэннэ.

 Виктория БЕЛОЛЮБСКАЯ, ulus.media/

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар