Киир

Киир

Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕар ойуур уотуттан сылтаан 24 туонна кэбиһиилээх от уокка былдьанна.

Баһаар балаҕан ыйын 11 күнүгэр турбут уонна кэтэх хаһаайыстыбалаах ини-бии Дмитрий уонна Егор Захаровтар сайыны быһа бэлэмнээбит отторун солоон барбыт. Хоромньу 120 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Захаровтар 25 төбө сүөһүлээхтэр уонна биэс сылгылаахтар. Бастаан утаа баһаар ыаллыы сытар Маттаҕа турбут, онтон Балыктаах аттыгар турар Дойду диэн сиргэ дылы тиийбит. Баһаары барыллаан липпэ умайбытын кытары сибээстииллэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар