Киир

Киир

Дьокуускай куорат үөрэнээччилэригэр томороон тымныыга актированнай күннэри биллэрии балаһыанньата уларыйда. Мантан инньэ салгы температуратын эрэ буолбакка, тыал түргэнин эмиэ учуоттуур буолуохтара. Бу туһунан куорат үөрэҕин управлениетын пресс-сулууспа иһитиннэрэр.

Ол курдук, 1-5 кылаас үөрэнээччилэрэ тыала суох, -45 буоллаҕына (-44, тыал сөк. 1 м түргэннээхтик үрдэҕинэ; -43, тыал сөк. 2 м түргэннээхтик үрдэҕинэ; -42, тыал сөк. 3-5 м түргэннээхтик үрдэҕинэ). 1-8 кылаастарга -48 (-47, тыал сөк. 1 м түргэннээхтик үрдэҕинэ; -46, тыал сөк. 2 м түргэннээхтик үрдэҕинэ; -45, тыал сөк. 3-5 м түргэннээхтик үрдэҕинэ). Оттон бастакыттан 11-с (12-с) кылаастарга дылы үөрэх -50 кыраадыска тохтуур (-49, тыал сөк. 1 м түргэннээхтик үрдэҕинэ; -48, тыал сөк. 2 м түргэннээхтик үрдэҕинэ; -47, тыал сөк. 3-5 м түргэннээхтик үрдэҕинэ).

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар