Киир

Киир

СӨ Үрдүкү суута “публичнай истиилэр сыыһа барбыттар” диэн быһаарыы таһаарда.

Боростуой дьон бырааптарын турууластахтарына, тугу эмэ ситиһиэхтэрин сөбүн Бүлүү улууһун уопсастыбанньыктара көрдөрдүлэр. Бүлүүгэ бөх полигонун тутуллар сирин туһунан улахан мөккүөр буолбутун “Кыымҥа” сырдатан турабыт. Аҕыйах хонууктааҕыта бүлүүлэр: “Үрдүкү суукка биһиги апелляциябытын ылыннылар”, – диэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Суукка үҥсүү

Санатар буоллахха, Чинэкэ нэһилиэгин олохтоохторо дьон-сэргэ сүгүрүйэр кэрэ сиригэр – Сэттэминнээххэ – бөх полигона тутулларын хара ааныттан сөбүлээбэтэхтэрэ. Ол туһунан “Кыымҥа” элбэхтик суруйан турабыт. Киһи саамай сөҕөрө, чинэкэлэр полигону итиннэ тутарга быһаарбыт уопсастыбаннай истиилэр да кэннилэриттэн уоскуйан, олорон хаалбатахтара.

Уопсастыбаннай истиилэр олохтоохтор санааларын, туруорсууларын учуоттаабакка, сокуону көстө сылдьар кэһиилээх ыыппыттарын туһунан боппуруоһу көтөхпүттэрэ. Онон ити мунньах сокуону кэһиилээх ыытыллыбытын ыйан туран, олохтоох суукка ирдэбил киллэрбиттэрэ.

Публичнай истиилэр – сокуону кэһиилээх

Онон бу дьыаланы саҕаланыаҕыттан иилии-саҕалыы сылдьар Чинэкэ нэһилиэгиттэн улуус дьокутаата, уопсастыбанньык Ирина Нифонова кэпсээбитин тиэрдэбит.

– Сэттэмииннээххэ бөх полигонун тутар туһунан икки уопсастыбаннай истии буолбута. Онуоха сири аныыр мунньах боротокуолугар нэһилиэнньэ туох да суолтата суох биир эрэ этиитэ киирэн хаалбыта улахан охсууну оҥорбута. Мунньах сахалыы барбыта, дьон санааларын сүрдээҕин эппиттэрэ. Аҕам саастаах дьон тайахтаах кэлэн улаханнык абаран-сатаран, долгуйан туран тыл эппиттэрэ боротокуолга биир-икки эрэ этии киирэн хаалбытыттан бэйэбит да соһуйан хаалбыппыт. Боротокуолга олохтоохтор этиилэрбитин киллэртэрбиппит. Ол эрээри мунньаҕы тэрийээччилэр ол боротокуолу өр баҕайы көрдөрбөккө сылдьыбыттара. Онон этиилэрбит киирбиттэрин-суоҕун хойукка диэри билбэт этибит.

Онтон ааспыт сыл сэтинньи 4 күнүгэр Сэттэминнээххэ полигон тутулларын туһунан зуумунан публичнай истиилэр эмиэ ыытыллыбыттара. “Ол – чахчы, сокуону кэһэн туран ыытыллыбыта” диэн туоһулуубун. Сокуон быһыытынан публичнай истиилэри ыытар туһунан биллэрии баар буолуохтаах. Ол, аччаабыта, сэттэ хонук иннинэ бэриллибит буолуохтаах этэ. Оттон биһиэхэ мунньах буоларын туһунан биллэриини былааспыт уоргана мунньах буолуо икки хонук иннинэ эрэ биллэрбитэ.

Ол да үрдүнэн мунньахха кыттан тус бэйэм, дьокутаат уонна бэрэстэбиитэл быһыытынан санаабын эппитим. Зуум нөҥүө буолбут публичнай истиилэргэ, сахалыы эппит дьон этиилэрэ киирбэтэх, нууччалыы эрэ саҥарбыт дьон киэнэ киирбит. Публичнай истиилэргэ биһиги барытыгар тук курдук сөбүлэспиппит курдук быһаарыы ылыллыбыт этэ.

Быраап хонуутугар аахсан

– Биһиги итини кытта сөбүлэспэккэ, быраап хонуутугар аахсарга быһаарыммыппыт. “Быраап хонуутугар аахсан эрэбит, онуоха үп-харчы наада буолара буолуо” диэн нэһилиэнньэҕэ ыҥырыы таһаарбыппытын бары да өйөөннөр, дьон харчы хомуйуутун көхтөөхтүк ыыппыттара, бэл, биэнсийэлээх дьон кытта көмөлөспүттэрэ.

Ааспыт сыл ахсынньытыгар, Бүлүү оройуоннааҕы суутугар, олохтоохтор Алексеев И.Н, Иннокентьевна Н.М., Михайлов А.П. ааттарыттан “улуус дьаһалтата бу уопсастыбаннай истиилэри сокуону кэһэн тэрийэн ыытта, биһиги онуоха сөбүлэспэппит” диэн, административнай ирдиир суругу (иск) киллэрбиппит. Бүлүү оройуоннааҕы суута ону улуус дьаһалтатын туһатыгар быһаарбыта. Быһата, “кинилэр дьаһаныылара барыта сөп, истиилэр сөпкө, сокуону тутуһан ыытыллыбыттар” диэн буолбута.

СӨ Үрдүкү суутугар

– Биһиги онуоха оройуон суутун быһаарыытын кытта сөбүлэспэккэ, Үрдүкү суут аатыгар апелляционнай үҥсүү түһэрбиппит. Онон муус устар 5 күнүгэр СӨ Үрдүкү суутугар полигон тутуутун боппуруоһугар публичнай истиилэр кэһиллиилээх ыытыллыбыттарын туһунан дьыаланы хаттаан көрүү буолла. Биһиэхэ бу дьыала саҕаланыаҕыттан юрист, албакаат Владислав Варламов көмөлөстө. Биллэн турар, Үрдүкү суут мунньаҕын иннинэ “дьэ, хайдах буолар?” диэн долгуйуу бөҕөтө буолбуппут. Ол эрээри “биһиги дьыалабыт сөптөөх, кэннибитигэр олохтоохтор тураллар, биһигини ытык кырдьаҕастарбыт алҕаан ыыппыттара” диэн эрэх-турах сананарбыт.

Кэһиллиилээх барбыта дакаастанна

– Үрдүкү суут судьуйалара Чинэкэ нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрин, албакаат Владислав Варламов уонна туоһу Т.С. Томская көрдөрүүлэрин истэн, үөрэтэн баран, быһаарыы таһаарда: “Уопсастыбаннай истиини сокуону кэһэн ыыппыттар”, – диэн. Суут бу “публичнай истиилэр” интэриниэтинэн, зуум-платформа нөҥүө ыытыллан, нэһилиэк олохтоохторо кыттар уонна санааларын этэр бырааптара күөмчүлэммит диэн дакаастаата. Публичнай истиилэргэ уопсайа биэс эрэ киһи эппитэ аҕыйах диэн бэлиэтээтилэр.

СӨ Үрдүкү суутун мунньаҕар Чинэкэттэн туоһу Татьяна Софроновна Томская күүскэ эттэ. Быһата, СӨ Үрдүкү суута “нэһилиэнньэ туруорсар боппуруоһа болҕомтоҕо ылыллыбатах эбит” диэн өйдөөтө. Онон Бүлүү оройуоннааҕы суутун быһаарыытын Үрдүкү суут көтүрэргэ уонна Чинэкэ нэһилиэгин олохтоохторун апелляциятын толорорго диэн уураахтаата. Билигин Үрдүкү суут уурааҕын олоххо киллэрэллэрин туруорсуох тустаахпыт.

 1345354598

Ханнык пууннарга олоҕуран?

Владислав Варламов, албакаат:

– Публичнай истии сокуон быһыытынан ыытар бэрээдэктээх, быраабылалаах. Бу сырыыга ол куруубайдык кэһиллибит диэн онно болҕомтону туһаайбыппыт. Холобур, улуус администрацията, тэрийээччи быһыытынан, олохтоохторго публичнай истии буоларын туһунан толору уонна дьиҥнээх иһитиннэриини тиэрдибэтэх диэн.

Иккиһинэн, публичнай истиилэр диэн аһаҕас уопсастыбаннай дьүүллэһии буоллаҕа. Онно нэһилиэнньэни кытыннарар курдук, үлэ ситэ барбатах. Аны, итиннэ ханнык баҕарар бырайыак ОВОС барар. Ол эмиэ бэйэтэ туспа бэрээдэктээх. Сакаасчыт ону эмиэ кэһиилээх ыыппыт. Кылгастык быһаардахха, итинник.

Саамай ыарахан – дьону көтөҕөр

Валентина Дмитриева, “Эйгэ” уопсастыбаннай киин салайааччыта, уопсастыбаннай эспиэр, уопсастыбаннай истиилэри ыытыы туһунан кэпсэтиигэ санаатын үллэстэр.

– Итиннэ саамай ыарахана – дьону-сэргэни көтөҕүү. Дьону көҕүлүүр олус ыарахан буолан турар. Аан бастакыттан актыбыыстарга, олохтоохторго уопсастыбаннай истиилэр хайдах ыытыллыахтаахтарын, быраабылатын барытын быһааран, өйдөтөн биэрэр наада. Холобур, мунньахха куолас ааҕыллар, онон булгуччу счётнай хамыыһыйа талыллыахтаах эҥин диэн.

Администрация дьайыыта

– Ол эрээри, дьону көҕүлээтэххэ даҕаны, бэлэмнээбитиҥ да кэннэ, аны мунньахха кэлэн, администрация, былаас уорганнарын дьайыытыгар киирэн биэрэллэр, албыны итэҕэйэллэр. Холобур, Верхоянскайга полигон тутуутун бырайыагын дьүүллэһэр уопсастыбаннай истиилэргэ буолбут түбэлтэҕэ курдук. Олохтоохтор “бырайыагы, итэҕэстэрин ыйан туран, ону көннөрүүлээх ылынарга” диэн быһаарыыга куоластаабыттара дии. Уопсастыбаннай эспиэрдэр туох-баар итэҕэһи-быһаҕаһы төһө эмэ ыйан биэрбиттэрин үрдүнэн. Дьиҥинэн, “бу ыйыллыбыт итэҕэстэр-быһаҕастар туоратыллыахтарыгар диэри бырайыагы тохтотон эриэххэ” диэн куоластыахтаахтар этэ буоллаҕа!

Бырайыактааччылары “хабарҕалыыр” наада

– Олох көрдөрөрүнэн, ити кэннэ бырайыактааччылар син биир тугу даҕаны уларыппаттар. Тоҕо диэтэххэ, дьон салгыы ону туруорсубат. Ол инниттэн күн аайы бырайыактааччылары манаан турар наада, ким онуоха ылсыай? “Маны тоҕо учуоттаабатыгыт?!” диэн күннэтэ ыктахха эрэ уларытыахтара. Оттон туруорсубатахха, “хабарҕалаабатахха”, ким да наадыйбат эбит диэн, көннөрө-хайыы сатаабаттар.

“Бырайыакка этиллибит уларытыыны-көннөрүүнү киллэрбэтэххит” диэн суукка үҥсүү киллэрэргэ “обоснование” баар буолуохтаах. Ону суох, биһиги дьоммут истии бүттэ даҕаны, устунан тохтоон хаалаллар, ол барыта умнуллар. Уопсастыбаннай үлэ аата уопсастыбаннай үлэ буоллаҕа, ким ону салгыы тиниктэһиэй диэбит курдук. Ол түмүгэр, дьэ, ити араас куһаҕан бырайыак олоххо киирэ турдаҕа...

Суут – сокуон хараҕынан

– Биһиги ньиэп турбатын бырайыагын утаран киирсэрбитигэр төттөрү этэ: куорат суута биһигини өйөөбүтэ. Оттон СӨ Үрдүкү суута куорат суутун быһаарыытын аҕыйах хонон баран көтүрэн кэбиспитэ. Онон бырайыагы соннук сыыһалаах-алҕастаах олоххо киллэрбиттэрэ. Бу Бүлүү полигонун дьыалатыгар, хата, СӨ Үрдүкү суута сөптөөх быһаарыыны ылыммыт, сокуону тутуһан дьыаланы көрбүт диэххэ сөп. Суут оннук буолуохтаах. Онон бу дьыаланы көрбүт судьуйалары хайаан да ааттарын ааттыыр наада.

 Дьулустаан Осипов, уопсастыбанньык:

– Мин санаабар, Саха сиригэр тутуллар бөх полигоннарын бырайыактыыры тохтотон эриэххэ баара. Тоҕо диэтэххэ, экологтар да, ирбэт тоҥу үөрэтэр учуонайдар даҕаны маннык полигон тулалыыр эйгэҕэ дьайыытын үчүгэйдик үөрэтэ иликтэр. Ону кытта экология уонна атын да хайысхалаах юристар бөх полигоннарын үлэлэрин-хамнастарын быраап өттүнэн үөрэтэллэрэ наада.

***

Чахчы, В.И. Дмитриева сөпкө бэлиэтиир: “хата, суут сокуоннайдык көрбүт” диэн. Биһиги кэнникинэн суут тутулуктаах буолбутун, “өйдөбүлүнэн” быһаарыы ылынарын көрө сылдьар буоламмыт, бастаан сонуну итэҕэйбэтэхпит. Араас санаа үөскээбитэ. Буолаары турар быыбар, бэлиитикэ дьайдаҕа дуу эҥин диэн санааҕа тиийэ. Ол эрээри, ханныгын да иһин, олохтоохтор интэриэстэрин туруорсубуттара үһүс сылыгар бардаҕа. Ол туруорсуу үтүө түмүктэммитэ олус үчүгэй. Маннык күдээринэ көрүнньүк, харах баайар, дьон санаатын учуоттаабат “истиилэр” ханна-ханна ыытыллыбыттара буолуой?! Арай бүлүүлэр эрэ тус бырааптарын аахсан кииристилэр.

Билигин даҕаны былаас алҕас быһаарыытын көннөрүнэ охсуо диэн этэр күчүмэҕэй. Ол эрээри дьон санаатын истиэ диэн эрэнэ саныыбыт. Инньэ гына үөрэммэтэххэ, олохпут барыта туруорсуу, охсуһуу, киирсии буоларыгар тиийэр. Оттон ол улаатан, былааһы утарыыга кубулуйуо. Ол элбэх үтүө дьыаланы атахтаабатын курдук, ханнык да бырайыак оҥоһуллуутугар, ханнык да хамыыһыйа үлэтигэр хайаан да уопсастыбаннаһы кытыннарар, санаатын истэр уонна учуоттуур наада диэн мэлдьи этэбит, санатабыт. Оттон нэһилиэнньэҕэ бу курдук бэйэ быраабын туруулаһарга үөрэниҥ, олорон биэримэҥ, Бүлүү Чинэкэтин хорсун, төрөөбүт ийэ буор дойдуларыгар бэриниилээх, түмсүүлээх олохтоохторуттан холобур ылыҥ диэн сүбэлиибит.

Нина Герасимова.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар