Киир

Киир

Экология министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр уопсайа 40 599,8 гаа иэннээх сиргэ 64 ойуур уотун умуллараллар.

16 улууска баһаардары умуллараллар. Ордук элбэх уот Үөһээ Бүлүүгэ — 10, Хаҥаласка — 9, Өлүөхүмэҕэ — 7, Бүлүүгэ —  6, Сунтаарга —6, Ньурбаҕа — 6 бэлиэтэнэр. Ааспыт сууккаҕа 3171,1 гаа иэннээх сиргэ 14 баһаары муллардылар. Онуоха 1836 киһи уонна 107 тиэхиньикэ кыттыбыт. Ньурба улууһугар ЫБММ авиацията үлэлээбит, суукка устатыгар 27 төгүл көтөн 216 туонна ууну ыспыт.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар