Cуукка устата Хаҥаласка Хоточчу уонна Намҥа Арбын нэһилиэктэрэ ууттан босхолоннулар.
ЫБММ Саха сиринээҕи сүрүн Управлениета иһитиннэрбитинэн, онно 34 уһаайба (172 киһи, ол иһигэр 30 оҕо олорор), ол иһигэр 3 олорор дьиэ (10 киһи, ол иһигэр 3 оҕо олорор) халаан уутуттан босхоломмут.
Билигин олохтоохтор куурдуу, хомунуу, чөлүгэр түһэрии үлэтин ыыталлар.
Инньэ гынан, билигин Өктөм уонна Кальвица ууга олорор. Өктөмҥө 63 уһаайба (201 киһи, ол иһигэр 89 оҕо олорор), 11 олорор дьиэ (42 киһи, ол иһигэр 16 оҕо олорор) уу билиэнигэр турар. Кэбээйи Кальвицатыгар 67 уһаайба, олорор дьиэ ууга былдьаммыт. Онно 94 киһи, ол иһигэр 16 оҕо олорор. Кинилэр бары аймахтарынан уонна чугас дьоннорунан көһөрүллүбүттэр.