Киир

Киир

Балаҕан ыйын 17 күнэ 2009 с. № 36 (21928)

Саҥалаах балаҕан

Бу түбэлтэни аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыт үөлээннээҕим кэпсээбитэ.

Аҕата эдэр сылдьан инитин кытта балыктыы барбыттар. Тиийиэхтээх сирдэригэр тиийэн илимнэрин түһэрбиттэр. Халлаан хараҥарыыта убайа быраатын эргэ балаҕаннаах алааска ыыппыт: «Хонор курдук оҥостоор, чэйгин өрөөр, мин тиийиэҕим», — диэбит. Балачча хааман, били балаҕанын адьас хараҥарбытын кэннэ булбут. Чэйин өрбүт, убайын кэтэспит. Киһитэ суох да суох. Холумтан чоҕо сөҕүрүйбүтүн кэннэ утуйардыы оҥостон сыппыт. Ол сытан иһиттэҕинэ, аан аһыллар тыаһа «кыыкыр» гыммыт. Ким эрэ олох тыаһа суох сыбдыйан киирэн супту ааспыт. Саҥа аллайаары гынан эрдэҕинэ, били күлүгэ мэлис гыммыт. Онуоха эбии ааны аһан тахсыбыт. Оннук хаста да хатыламмыт. Уол кутталыттан суорҕаныгар сууланан баран сыппыт. Тулуйа сатаан баран, испиискэни умаппыт, таһырдьа тахсан көрбүтэ, ким да баар сибикитэ биллибэтэх. Төттөрү киирэн сыппыт. Аны элбэх оҕо саҥата субу иһиллибит. Ол быыһыгар ким эрэ ытыыр эҥин үһү. Ити курдук тиэргэҥҥэ, онтон балаҕаҥҥа саҥа-иҥэ бөҕө уолу утуппатах.

Күн күөрэйиитэ таһырдьа тахсан тиэргэни кэрийэн дьон кырамталарын булбут – уҥуохтарын, эмэх буолбут таҥастарын. Бэрт түргэнник хомунаат, убайыгар төннүбүт. «Тоҕо ити балаҕаҥҥа соҕотохтуу хоннордуҥ?» — диэн ыйыппытыгар: «Тиийиэхтээх этим да, утуйан хаалбыппын», — диэн хардарбыт.

Дэриэбинэҕэ тиийэн кэпсээбиттэригэр, урут ити балаҕаҥҥа Тарааһаптар диэн элбэх оҕолоох ыал олорбуттар үһү. Оҕолоро да, бэйэлэрэ да биллибэт ыарыыттан утуу-субуу өлбүттэр. Кырдьаҕастар этэллэринэн, дьиэ былыргы суол айаҕар турар үһү. Оттон сорох билээччи-көрөөччү балаҕан бэлэх мастан (баҕар, кэрэх мас?) тутуллубут. Ол иһин ити ыал эстибит, саҥа-иҥэ эрэ буолан иҥэн хаалбыттар диэн быһаараллар эбит.

Бэлэх мас диэн туох эбитэ буолла?

Баҕа санааны толороору

1805 сыллаахха Бүлүүттэн Дьокуускайга, онтон Иркутскайга ааһан испит чунуобунньук кыыһа Е.Ф. Ромадина ахтыытыттан.

Дьокуускайга биир таҥара дьиэтигэр бокуонньуктаах хоруоп турбут. Түүн аттынааҕы күөстэнэр дьиэҕэ хоно сыппыт харабыл оҕонньор хоруопка сытар киһи тииһин хабырынарын истибит. Оҕонньор соччо-бачча куттаҕаһа суох эбит. Чүмэчи уматан бокуонньугу сыныйан көрө сатаабыт. Тыынар сибикитэ биллибэтэх. Харабыл уотун умулуннаран баран, төттөрү сыппыт да, эмиэ хабырынар тыаһы истэн уута көтөн хаалбыт. Бэрт түргэнник хататын сахпыт. Ол сырдыгар кыһайан хоруоптан ким эрэ тэйэ куоппутун көрө охсон хаалбыт. Чугаһаан көрбүтэ, бокуонньук уоһа хааннаах үһү. Оҕонньор оронугар төннүбүт уонна чүмэчитин умулларбатах, туой көһүйэнэн бүрүйбүт. Чочумча кэтэһэн олорбут. Эмиэ хабырынар тыас иһиллибит. Хап-сабар көһүйэтин аһа баттаабыт. Көрбүтэ – бокуонньукка маҥан таҥастаах ким эрэ нөрүйэн эрэр эбит. «Киһи» саба түһүөхтүү ынан кэлбит да, оҕонньор куттамматах, уолугуттан түүрэ харбаабыт да: «Кимҥин этэ оҕус биитэр саманна дьууктаан кэбиһиэм!» — диэбит. Маҥан таҥастаах киһи тобуктуу түспүтүгэр көрбүтэ – маҥан өрбөҕү бүрүммүт эдэр дьахтар эбит. Дьахтар ыыт диэн көрдөһө сатаабыт да, оҕонньор сөбүлэспэтэх уонна сарсыныгар полицияҕа туттарбыт.

Доппуруостаан билбиттэрэ, дьахтар тапталыгар табыллыбатах эбит – таптыыр киһитэ хардарбатах. Муҥур уһугар тиийэн ичээнимсийэр дьахтар сүбэтинэн бокуонньук тииһин ылаары таҥара дьиэтигэр кэлбит. Бокуонньук тииһин бэйэтин тииһинэн туура тардан ыллаҕына, күн сиригэр тугу баҕарара барыта туолуохтаах үһү. Киһи баҕа санаата туохха-туохха тиэрдибэтэҕэ баарай?!

Дьиэ иччитэ

Бу түбэлтэ 15 сыл анараа өттүгэр Мэҥэ Хаһаласка буолбута. Оччолорго мин бэһис кылааска үөрэнэрим. Суол кытыытыгар дьиэм уонна оскуолам икки ардыгар быраҕыллан турар эргэ киинэ тыйаатырын дьиэтэ баара. Биһиги хам-түм дьиэни тиҥсирийэ киирэн тахсааччыбыт.

Биир үтүө күн дьаһалта дьиэни күрдьэргэ диэн дьаһала таҕыста. Ол эрээри сэбилэммит биригээдэ хайа күн дьиэни көтүрэн саҕалыаҕыттан араас эчэйии, оһол саҕаланан барбыта. Ким эрэ иҥиирин ууннарар, ким эрэ тарбаҕын сүгэнэн быһа охсор. Онуоха-маныаха диэри көннөрү үлэҕэ эчэйии диэн ааҕа сылдьыахтарын биир оробуочай дьиэ үрдүттэн сууллан өлөр. Айдаан тахсар. Сонно тута дэриэбинэҕэ араас сурах-садьык тарҕана охсубута – дьиэ сибиэннээх, ким эрэ кыраабыт, таарыйыаҥ эрэ кэрэх — ким эрэ өлөн иһэр, нэһилиэк дьонун ааҕан барбыттар... Инньэ гынан ким да дьиэни көтүрүөн баҕарбат буолбут, бары аккаастаммыттар. Үлэни тохтотон кэбиспиттэр.

Биир-икки сыл буолан баран, Волгоградтан сылдьар «шабашниктары» ыҥырбыттара. Мин билэрбинэн, Өлүөнэттэн тардыллар уу турбатын оҥоро сылдьар оробуочайдар этэ. Убайдар бэрт хоһууннук туттан тиэхиньикэ тиһэх «кыланыытын» барытын тиэйэн, сыһан-соһон кэлбиттэрэ. Син өр тиниктэспиттэрэ уонна сол күн биир киһилэрэ күөлгэ сөтүөлүү сылдьан тимирэн хаалбыт этэ. Аҕыйах хонон баран иккистээн төхтүрүйбүттэрэ. Аны, били тиэхиньикэлэрэ аккаастаан барбыт – биирэ алдьанар, атына кээһэнэр. Нэдиэлэ буолаат, биригэдьиирдэрэ айаҕыттан күүгэн аллан баран, убуорунай таһыгар токуччу көһүйэн хаалбытын булан ылбыттара. Дьиэни көтүрэри эмиэ тохтоппуттара.

Мин атын сиргэ көһөн баран дьонтон истибитим, сыл курдугунан ол эргэ дьиэни тротилынан дэлби тэптэрбиттэр. Ол кэмҥэ дьиэ иһиттэн хап-хара холорук ытыллан тахсан сарайга чочумча эргийэ турбут, онтон симэлийэн хаалбыт. Онтон ыла туох да баара биллибэтэх. Киинэ тыйаатырын оннугар билигин сабыс-саҥа дьиэлэр дьэндэһэллэр.

Ытыыр эмээхсин

Эрим биисинэстээх буолан, ардыгар мин эмиэ онно кыттыһааччыбын. Суһаллык кэлэн контейнеры тут диэн буолбутугар Алдаҥҥа айаннаатым. Аргыстаах бэрт буолуо этэ да, ыксалга буолан, кими да булбатым.

Арай улуус кыраныыссатыгар суолга эмээхсин куоластыы турар. Туормастаан кыычыгыраттым. Эмээхсин тоҕо эрэ саҥата суох ытыыр, хараҕын уута биир кэм субуруйар. Кэннигэр олордо. Табах көрдөөтө. Мин тугу да ыйыппаппын, токкоолоспоппун. «Улууга баран иһэбин, онно тохтоор», — диэтэ. “Аһара саҥата суох сөҥөн олорор табыгаһа суох” диэн, кыыһым, үлэм-хамнаһым туһунан ыһа-тоҕо кэпсээтим. Сиэркилэбин көрөбүн – биир кэм табахтыы олорор. Эмискэ чаһыбын көрбүтүм – айаннаабыппыт бэлиэр балтараа чаас буолбут, оттон эмээхсин биир табах сототун бүтэрэ илик. Сиэркилэбин көрбүтүм – эмээхсиним мэлис гыммыт. Хайдах-хайдаҕый, кэннибин хайыспытым, кырдьык, суох. Алдаҥҥа хайдах көтүтэн тиийбиппин өйдөөбөппүн. Кэлин дальнобойщиктартан истибитим, мин эрэ ытыыр эмээхсини олордубатах эбиппин.

Нуучча дьахтара

Сайын үгэннээн турар. Дьон күнү-дьылы баттаҕа хара сарсыардаттан окко умса түһэр. Адьас түүн үөһүгэр диэри бырдаҕы бырдах, оҥоойуну оҥоойу диэбэккэ үлүмнэһии үлүгэрэ.

Арай биирдэ түүн үөһүгэр диэри от кэбиһэ сырыттыбыт. Мин сайын бөһүөлэккэ уу баһааччынан үлэҕэ киирэн бодобуоспунан сылдьабын. Ходуһаҕа киллэрбэккэ эрэ муоста уҥуор хааллардым. Бугулу сүгэн баран, хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, биир «Восход» матасыыкыл кэлэн массыынам кэннигэр сүтэн хаалла. Бэнсииммин сүүрдэн эрэллэр дии санаат, ол диэки ойдум. Бодобуос кэннигэр туох да суох. Арай кэбиинэ диэки хайыспытым, доҕоор, уун-утары нуучча дьахтара күп-күөҕүнэн көрөн ахан олорор эбит. Бу өйдөөтөхпүнэ: кэбиинэбин хатаабытым эбээт! Эт-этим саласта да атахха биллэрдим. Бодобуоһум сонно хоммута.

Дэриэбинэҕэ үс эрэ «Восход» баара. Биирин да дьахтар мииммэт этэ. Буолаары буолан нуучча.

Дьахтар кыламмыта

Арай биирдэ Хаанды сыһыытыгар (Сунтаар улууһугар) күһүөрү кустуу сырыттыбыт. Матасыыкыллаахпыт.

От үлэтэ бүтэн, хадьымалынан харах тэстэринэн күппээрдии. Хаанды барахсан сыһыыта остуол ньуурун курдуга “бэйэтин киэнэ” буоллаҕа дии! Ортотугар обургу күөллээх. Биир-икки куһу сардырҕатаат, Хомустаах диэки бараары хомунан эрдэхпитинэ, сыһыы уҥуор дьахтар кыланна. Чочумча иһиллээн турдубут. Онтубут, доҕоор, кыланар саҥа эмискэ баҕайы субу чугаһаан кэллэ. Биһиги, мэктиэтигэр, чохчос гына түстүбүт. Саҥа адьас үрдүбүтүгэр кэлэн сарылаата. Биһиги миҥэбитигэр олоро түстүбүт да дэриэбинэ диэки ойуттубут. Хата, бу иннинэ эстибэккэ эрэйдээбит сэппит бэрт кэбэҕэстик эстэн абыраата. Онтон атын туох-туох буолуон айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ...

Aбааhы ити турар!

Хадаҥҥа Боппуоктар халыҥ аймахтара билигин да ууһаан-тэнийэн олороллор. Дьон бары ытыктыыр Баанча оҕонньор олоро сылдьыбыттаах.

Бэрт төрөл, киппэ кырдьаҕас кэпсээнэ-ипсээнэ элбэҕэ бэрт этэ. Баанчаны аһаҕас харахтаах дииллэрэ. Кинини кытта аргыстаспыт дьону сороҕор, дьээбэтэ киирэн, «куттуур» идэлээҕэ. Бөһүөлэк үгүс дьоно оттуур Хаанды сыһыытын сатыы туораан баран, “лоп курдук 66 абааһыны көрдүм” диэн соһутара үһү. «Хайдах көрбөккүнүй, ити турар, ол барда», — диэн, бэрт холкутук ыйа-ыйа этэрэ үһү. Ону дьон билигин да кэпсиир.

Сир асчыттара

Эйикээрдиир суолга (Сунтаар Хаданыгар) моонньоҕон сигири курдук үүммүт диэни истэн дьүөгэбин кучуйдум. Син балачча хааман тиийдибит.

Суол икки өттүгэр кыра сылбахтарга икки аҥыы арахсан, туораан таҕыстыбыт. Дьон тэпсэн хомуйбут аҕай да, өлүүбүт баар бөҕө буоллаҕа дии. Үлүһүйэн, хомуйбалаатым. Дьүөгэбин санаан ыҥыран көрдүм да, киһим хардаран бэрт. Абааһы кыыһа, ханна эрэ бэрт элбэххэ саҥата суох дьылыйан олордоҕо диэн, испэр мөҕүтүннүм. Эмискэ иннибэр хойуу ук быыһыттан бобуонньуктуу бааммыт маҥан былааттаах, тимир лаахтаах биэдэрэлээх дьахтар баран эрэрин көрө биэрдим. Хайалара сылдьарый диэн таайа сатаатым да, дьахтар сирэйин кистии туттар курдук. «Ээй!» — диэн саҥа аллайан ыҥыран көрдүм да, дьахтар хайыһан да көрбөтө, хата, өссө хаамарын түргэтэтэн от-мас быыһынан элэс-элэс гынна. Мин тоҕо эрэ батыстым. Дьахтар хайдах эмискэ баар буолбутай да, соннук хатыҥнар быыстарыгар мэлис гынна. Өйбөр: «Ким билигин бобуонньуктуу бааммыт үһү? Дьоҥкуо иһиттэммэккэ ким тимир биэдэрэни бачча ыраахха соспут үһү?» — диэн көтөн түстэ. Хайдах эрэ эт-этим тымныйан ылла. Саатар, били кыыс ханна сүттэҕэй диэн, хаһыытаары эҕирийэн эрдэхпинэ кэннибиттэн саҥа аллайан олох да сүрэхпин тохтото сыста. Кэпсээбиппэр кыыһым эмиэ сирэйэ-хараҕа туран хаалла. «Бара охсуохха!» — диэн, бэрт түргэнник бөһүөлэкпит диэки түһүнэн кэбиспиппит.

Ийэбэр кэпсээбиппэр: «Болугур — былыргы сир. Онон мээнэ айдааран-куйдааран сылдьар буолаайаҕыт!» – диэн сүбэлээбитэ.

ДЬОЛУОЛААХ.

Сэҥээриилэр

Demi
0 Demi 07.03.2023 21:59
Does your site have a contact page? I'm having problems locating
it but, I'd like to send you an e-mail. I've got some creative ideas for your
blog you might be interested in hearing. Either way, great
website and I look forward to seeing it expand over time.



my website :: building a successful online business: https://aiinsides.blogspot.com/2023/03/how-to-build-successful-online-business.html
Ответить
Sang
0 Sang 27.03.2023 07:28
I need some Metformin, but I don't want to pay full price or go to
a doctor Where to buy cheap diabetes drugs online without a prescription?
Screw brand names, buy generic diabetes meds online Where can I order
Actoplus without prescription and get it delivered?


Look into my web page :: Buy diabetes
medication online without a prescription - fast and easy.

Just what I need!: https://www.whyhim.love/community/profile/iolapotter39626/
Ответить
Pat
0 Pat 18.09.2023 12:35
I have been browsing online more than three hours today, yet I never found any interesting article like
yours. It is pretty worth enough for me.
Personally, if all webmasters and bloggers made good content as you did, the web will be a lot more useful than ever before.


Here is my website ... Medikamente in Österreich erhältlich: http://www.woodbay.co.kr/bbs/board.php?bo_table=member_req&wr_id=1027089
Ответить
Bernd
0 Bernd 10.04.2024 20:33
My coder is trying to convince me to move to .net from PHP.
I have always disliked the idea because of the expenses.
But he's tryiong none the less. I've been using Movable-type on a variety of websites for about a year and am concerned
about switching to another platform. I have heard great things about blogengine.net.
Is there a way I can transfer all my wordpress posts into it?
Any kind of help would be really appreciated!

Review my webpage :: Où acheter dicyclomine en toute sécurité Belgique: http://xn--a1-qp6iu85asgxvwg.com/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=5952
Ответить
Kim
0 Kim 11.04.2024 10:22
Post writing is also a fun, if you be acquainted
with then you can write if not it is complicated to
write.

Visit my webpage ... Safe keflex 250 mg
purchase online: http://www.konecauto.com/home/bbs/board.php?bo_table=free&wr_id=89209
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар