Киир

Киир

Ааспыт үйэ 70-80-с сылларын ыпсыытыгар биир дьикти быһылааҥҥа түбэһэн турардааҕым. Сороҕун умнубуппун да буоллар, өйбөр туох хаалбытын санатыһыым (дьон оннооҕор буолуоҕу суруйаллар).

Биир кыһын, Саҥа дьыл буолаары аҕай турдаҕына, оскуоланы быйыл бүтэрбит үс уолу бөһүөлэктэн икки аҥаар көс ыраах баар "Сэттэ Кэрэх" диэн фермаҕа борооску көрдөрө ыыттылар. Биһиги иннибитинэ онно үлэлии сылдьыбыт сопхуостаах уолаттар дэлби арыгылаан, охсуһан, сүөһүлэрин икки күн устата аһаппатахтар, уулаппатахтар.

Үлэлиэхтээх сирбит, бэйэтин аата да этэ сылдьарын курдук, бэрт хобдох, киһи кута-сүрэ тохтообот дойдута. Былыр холкуос саҕана тутуллубут, эргэрэн хампарыйбыт аҕыйах ампаар дьиэ сэмнэҕэ баар. Маны тэҥэ, биһиги олоруохтаах биир дьиэбит. Кыстыкка биһигиттэн атын ким да олорбот.

Биһиги олоруохтаах дьиэбит бэйэтэ туспа ойуулааһыны эрэйэр, былыр Бүөт Бэлиикэй саҕана тутуллубут, эргэрэ сатаан баран эргэрбэт буолбут, биир уларыйбат турукка киирэн муостуйан, кэнсиэрбэлэнэн хаалбыт тутуу. Былыр сэрии да иннигэр баара үһү. Эбиитин, эркинигэр ханнык эрэ сыыппаралар уруһуйдаммыттарыттан сылыктаатахха, өссө хантан эрэ көһөрүллэн кэлбит буолуон сөп. Ол тухары манна төһө киһи өлөн-төрөөн ааспытын сэрэйэҕин эрэ. Дьиэбит иһэ күнүһүттэн-түүнүттэн тутулуга суох мэлдьи хабыс-хараҥа. Киһи кыайан быһаарбат өҥнөөх, хотонтон-таһырдьаттан киирээт ким да атаҕын таҥаһын уларыттыбат буолан хас да сантымыатыр халыҥ киринэн-хаҕынан бүрүллүбүт мас муосталаахпыт. Онтубутун бэрт дэҥҥэ, улаханнык иэйдэхпитинэ эрэ харбаабыта буолан дуомнуубут.

Былыргы оҥоруу диэтэххэ олус сэнэх туруктаах улахан оһохпут үрдүгэр былыр кимнээх эрэ “куурда уурбут” уонна “хаһан ыла кэлэллэрэ биллибэт” эргэ хаатыҥкалара, этэрбэстиҥи-үтүлүктүҥү быһыылаах туох эрэ маллар быылынан бүрүллэн сыталлар. Ким да ону тыыппат.

Дьэ, ол курдук, хас да күнү быһа күрдьүллүбэтэх, муостаҕа лоһугураччы тоҥон хаалбыт борооску сааҕын күрдьүүттэн саҕалаан, үлэлээн-хамсаан бардыбыт. Эдэр дьон сиэринэн, тугу да хоҥоруубутугар хоннорбоппут. Абааһы буолан бэйэ бэйэбитин дьээбэлэһэбит, куттаһабыт. Дьиэбит иһигэр олорон доруоп саа сүнньүөҕүнэн сыал ытабыт, эргэрэн хараарбыт дьиэ эркинигэр быһаҕынан, сүгэнэн таба быраҕыыга куоталаһабыт. Найылаһан, сүрэҕэлдьээн, иһиппитин да сууйбаппыт. Дьиэбит хараҥатыттан куттанан киэһэ хас муннук аайы чүмэчи бөҕөтүн уматабыт, утуйарбыт саҕана ону ороҥҥо сытан эрэ туоһапканан саба ытан умуруорабыт. Туран киһилии умуруоруоҕу хараҥата, тымныыта да бэрт. Чүмэчини бэйэтин таппакка, уот битиилин саба ытыы улахан биһирэллээх дьыаланан ааҕыллар. Ол саҕана сопхуос буоллаҕа, чүмэчи дьааһыгынан сытар.

Аан дойдуну, сайдыыны кытта ситимниир соҕотох араадьыйалаахпыт эрэ. Кыһалҕаттан, бэл, операны кытта истэ-истэ ырытыһар, дьүүллэһэр этибит.

Ол курдук икки-үс ый үлэлээтибит. Туох да куһаҕан биллибэт. Биирдэ маспытын-мууспутун тиэйэ кэлбит тыраахтарга куруусчуттуу сылдьар, урут манна үлэлээбит уолтан “дьиэҕит абааһыта биллибэт этэ дуо?” диэн ыйыппыппытыгар, “эс, ама хайаан... Абааһы өлөөрү-сүтээри гыммыт эрэ киһиэхэ көстөр” диэн бэрт эрэллээхтик быһааран ааспытын өйдүүбүн.

Бастаан, тиийдэхпит утаа, табахпыт бөппүрүөскэтин ким эрэ хостоон остуолга тэлгэтэн оонньуур идэлэнэ сылдьыбыта. Сарсыарда турбуппут, күөдэл курдук иһиттээх остуолбут үрдүгэр “беломор” бөппүрүөскэлэрин ким эрэ биир уһун субурҕа гынан сааһылаабыт буолара. Дьэ, сүрэх-бэлэс. Ону “эн уурбуккун быһыылаах” диэн бэйэ бэйэбитигэр балыйсар этибит. Билигин санаатахха, чөчүөккэ оонньуура эбитэ буолуо.

Биирдэ киэһэ утуйаары сытан, мин араадьыйаны үчүгэйдик истээри эргэ, ыбыс-ыарахан тимир ороммун туора соһон хаахынатан таһаардым. Ону адьас бу баар курдук өйдүүбүн, Мирей Матье кэнсиэрэ кэлэ турар этэ...

Утуйан хаалбыппын. Дьиэбит наһаа тымныы буолан суорҕанынан ыбылы сууланан утуйарбыт. Мин аҥаар илиим тоҕо эрэ таһырдьа буолан хаалбыт. Түүн утуйа сытан ким эрэ илиибиттэн харбаан ылбытыттан соһуйан уһугуннум. Суорҕаммын арыйа баттаан баран, илиибин “былдьаһан” бардым. Сымнаҕас, ньалдьаҥныы сылдьар, эбиитин инчэҕэй, тымныы илии бэгэччэкпиттэн ылан баран ыыппат. Наһаа күүһэ суох курдук. Иккис илиибинэн харбаан ылан төлөрүтүөхпүн, туура охсуохпун, тоҕо эрэ, сиргэнэбин. Санаабар, ибили сытыйан, ууллан-тохтон эрэр “илии” курдук. Онуоха эбии, “илии хаһаайына” ыытымаары тиниктэһэр, тыынан сурдургуур тыаһа кытта биллэргэ дылы. Тоҕо эрэ хаһыытаабаппын, тугу да саҥарбаппын. Ол эрээри тиликтэһэр-баччыктаһар тыаспыт, эргэ оронум хаачыгырыыра туох да сүрдээх быһыылаах. Дьиэ иһэ ытыс таһынар ыас хараҥа. Бу сытан “уолаттарым да уһуктубат буоллахтара...” дии саныыбын. Ити кэмҥэ эмискэ дьайҕаран, дьиэ иһэ тунааран, сырдаан хаалбыкка дылы буолла. Төһө да илиибиттэн харбаабыт күтүр көстүбэтэр, били биһиги быһаҕынан тамныыр истиэнэбит анныгар туора сааллыбыт мас хаптаһын үрдүгэр киһи күлүгэ умса нөрүйэн олороро, аһаҕас аанынан кимнээх эрэ хаамсан барыҥнаһаллара көстөн хаалла. Өрө уһуутаабытынан оронтон ыстанан турбуппар, били туппут илиим мэлис гынан хаалла. “Доо-о! Туруҥ эрэ!” — диэн баран оронум анныгар сыппыт испиискэбин уматан сандаарыс гыннардым. Тута, тэллэҕим кырыытыгар сыппыт туоһапкабын, сыттыгым анныттан быһахпын хостоон “тииспэр диэри” сэбилэнэ оҕустум. Сирэйим-хараҕым, бука, ынырыга эбитэ буолуо...

Уолаттарым уһуктан баран: “Тугу дьаабыланаҕын? Баттатан ыҥырана-ынчыктыы сытаргын мааҕыҥҥаттан истэ сытабыт”, — диэн күлүү гынан уоскуттулар. Чүмэчи умайбытын, дьонум орҕостон турбуттарын, таҥныбыттарын кэннэ, мин тута урукомуонньукка сүүрэн тиийэн илиибин, били баҕайы харбаабыт сирин, мыылалаан ибили сууйдум. Кэлин, били туппут сиринэн, санаабар илии курдук моһуоннаах, модьуун диэн кыһыылаах баҕайы баас тахсан олус өр үтүөрбэккэ эрэйдээбитэ. Дьиҥинэн, сүөһүгэ үлэлиир дьоҥҥо ол улахан нуомас буолбатах да эрээри...

Ол кэнниттэн биир нэдиэлэ курдук буолан баран, бэйэм тылланан, бөһүөлэккэ атын үлэҕэ көспүтүм. Хайдах да тулуйан-тэһийэн ол дьиэҕэ сытар кыах суох буолбута. Уолаттарым кыһаллыбатахтара, хаалбыттара. Туох да буолбакка, тугу да көрбөккө, саас аармыйаҕа барыахтарыгар диэри онно олорбуттара, кыстаабыттара.

Бастаан утаа “абааһы өлөр киһиэхэ көстөр” диэни санаан улаханнык ытырыктаппытым эрээри, туох да буолбатаҕым. Кэлин санаатахпына, хас эмэ сылы быһа хамсаабакка турбут орону туора соһон, түүн “кимнээх эрэ” кэлэр-барар суолларын бүөлээн итинник моһуокка түбэһэ сырыттаҕым буолуо. Быһата, бэйэм буруйбунан. “Кинилэр” онно туох буруйдаах буолуохтарай, бэйэлэрин бас билэр, түүн аайы кэлэр-барар, үлэлиир-хамсыыр ыырдарынан сырыттахтара дии. Мэһэйдээн сытары туората сатаабыттара баа буолбат...

Лэбэй Лэпсэй, Дьокуускай.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар