Киир

Киир

Билигин билгэһит диэн буолла да, киһи барыта тута Ванганы, Нострадамуһу, индеец майялар халандаардарын саныы түһэр. Дьиҥинэн, кинилэртэн итэҕэһэ суох улуу көрбүөччүлэр, таҥхаһыттар-билгэһиттэр биһиэхэ да олорон аастахтара буолуо. Холобур, быһыытынан, бу биир дьикти киһи туһунан билиһиннэрэбит.

Саха сиригэр былыргыттан быйылга диэри бэрт элбэх айылҕаттан айдарыылаах киһи, ол иһигэр ойуун, удаҕан, көрбүөччү, олорон ааспытын билигин ордон хаалбыт номохтортон сылыктыыбыт. Хомойуох иһин, ол номохтор төһө бырыһыаннара кырдьыгын-сымыйатын билигин араарар кыах суох. Холобур, мин тус бэйэм истэрбинэн-билэрбинэн, кэлин буолуохтааҕы билгэлээбит уонна ону сурукка-бичиккэ киллэрбит дьонунан Егор Чукрову-Эмчит Дьөгүөссэни (Дьааҥы), Муруку Киргиэлэйи (Сунтаар) ааҕыахха сөп. Бу дьон инники олоҕу түстээн бэрт элбэҕи эппиттэр-тыыммыттар эбит. Эбиитин, хайалара даҕаны “бу биһиги курдук дьон сиргэ алтыабыт, алта омук тылын билэбит” дииллэрэ үһү. 

Бу номоҕу 72 саастаах Александра Николаевна Никитина кэпсээбитэ. Кини ону 12 саастаах оҕо сылдьан истибит эрээри, өйүгэр хаһан да түһэрбэттии ыга хатаабыт. 

Александра Никитина кыра оҕо сылдьан хараҕа ыалдьан көрбөт буолбут. Ол эрээри, кэлин икки хараҕынан көрбөт киһи түөрт оҕону улаатыннаран киһи-хара оҥорбут, атахтарыгар туруорбут. Маны тэҥэ, киһи сөҕөрө баар: кини ол кэпсээбитин кэлин үс сыл буолан баран тылыттан тылыгар тиийэ үүт-маас хатылаан биэрэн улаханнык сөхтөрбүтэ. Мантан салгыы кини кэпсээнин тиэрдэбин, хайдах бэйэтэ кэпсээбитинэн, туох да уларытыыта суох.

Чыамайыкы диэн нэһилиэк баар, уруккута Аммаҕа киирэрэ, билигин Мэҥэ Хаҥалас улууһун сирэ. Манна биир төрдүттэн үүнэн тахсыбыт уон икки салаалаах Аал Луук мас диэн. Онно урут саас аайы өксөкү кыыл көтөн кэлэрэ үһү. Ону буоллаҕына, бу киһи туохтуохтаах эбит, сэбиэскэй былаас буоллаҕа дии ол саҕана, өксөкүтүн өлөрөн баран ол тириитинэн кыырар таҥас тиктиэхтээх, маһын төрдүнэн дүҥүр оҥостуохтаах эбит. Ол өксөкү кыыл төбөтүнэн дүҥүрүн бүрүйэн баран, өксөкү кыылын үөһэ хатарҕаннаан кэбиһиэхтээх эбит. Маска. Ол аата уҥуоҕун, иҥиирин алдьаппакка эрэ ыйаан кэбиһиэхтээх.

Дьэ, кини ол аата үөһээ дойдуттан үһүйтэриилээх ойуун дэниэхтээх эбит. Ол киһини сэбиэскэй былаас бопсо сырыттаҕа дии. Онон 44 дуу, 45 дуу сааспар бу хаары кытта тэҥҥэ хараарабын, “баччааҥҥа диэри күүтэ сатаатыбыт, онон эйигин бэйэҕин ылабыт диэтилэр” диэбитэ.

Дьэ, ол көрүүлэнэригэр туох диэбитэй диэ. Баланаайы диэн  үрэххэ сүөһү көрөн олорорбут. Ферма дьоно бары сыппыттара. Саха оһоҕо буоллаҕа дии, оһохпут чоҕо бүтэн харааран барбыта. Кини таһырдьа ииктии тахса сылдьыбыта. Киирэн баран эппитэ:

– Оо, дьэ, Үргэл сулус хончойбут, Араҕас сулус арыллыбыт, көрүү көрүөххэ бэрт да буолбут, сэрэбиэй тарпыт киһи, саатар. Ону буоллаҕына дьоно өрө көтө түстүлэр.

– Оо, Кириилэ, дьэ, сэрэбиэйдэ бырах, үөдэн гын, – диэн буолла. Оһоҕу быччаччы оттон кэбистилэр, чаанньык туруордулар, сэрэбиэй кэбиһиитэ буолла.

Онно мин ийэм, балтым үстээх кыра кыыс, биир бэтэринээр киһи баар, ойоҕо сүөһү көрөөччү, иккиэйэхтэр эрэ, оҕото суохтар. Биир саҥа холбоспут хат дьахтары кытта эрэ баар. Дьэ ити. Ийэбин кытта биэс улахан киһи, бигэһиппитин бэйэтиниин – алта киһи. Оҕолор диэн ол мин балтыбыныын эрэ. Ол биир дьахтарбыт ыарахан, саҥа ыал буолбут, сүөһү көрөөччү. Олохпут барыта онно кини эппитин курдук барда. Биирдиилээн да киһи, бу сокуон да өттүнэн.

Кириилэбит олорон эрэн: “Оо дьэ, сэбиэскэй былааскыт барда, – диэтэ, – атын түрүбүөн байар олох диэн кэлээри гынна”. Дьон эргиллэ биэрдилэр. 

– Эс, наһаа дии. Сэбиэскэй былаас ол курдук сэриитэ суох бэриммэтэ буолуо ээ, – дэстилэр, били биэс-түөрт киһи. Дьукаахтарбыт эҥин. Билгэһиппит: “Ол барыта им-ньим барыаҕа. Мин онно суох буолабын гынан баран, эһиги тыыннаах буолуоххут, истиэххит-көрүөххүт. Им-ньим былааскыт уларыйар, – диэтэ.

– Салгыы билгэһит “кэнники тыһыынча сылларга бу биһиги курдуктары күүркэтэ сатыахтара” диэбитэ. Сө-өп. “Биһиги курдук ойууннары оҥоро сатыахтара. Онно мин хайдах да тиийэр кыаҕым суох. Онно тиийэрим буоллар аатырыам этэ” диир. “Ону миэннэрэ туохтарым тиэрдибэттэр. Баччааҥҥа диэри түөрт уоҥҥуттан тахсыаххар диэри күүтэ сатаатыбыт, хаары кытта хараараҕын дииллэр” диир. “Дьэ, киһи барыта атыыһыт буолаары гыныаҕа, ол гынан баран сахаттан улахан баай атыыһыт туруо суоҕа. Бэркэлээтэҕинэ ити куоракка икки дуу, үс дуу баар буолар дуу, суох дуу” диэбитэ. Аны тыһыынча 15 сылы этэр. “Онно тиийбиттэр эрэйи көрөллөрө буолуо. Тимир суол кэлиэҕэ. (Оччолорго ханна эрэ ыраах оҥоһуллан эрэр үһү диэн сураҕы истэрбит). Тимир суол кэллэҕинэ манна баартыйа диэн үөскүүр. Дьадаҥы дьадаҥыны кытта сиэптэһэр, баай баайы кытта куодарыһар. Дьэ, бэйэ бэйэлэригэр утары турууһулар. 15-с сылтан. Онтон сылтаан тас дойдуларбыт эмиэ сирдэрин-уоттарын мин ылыам, мин баһылыам диэн, аны бэйэлэрэ эмиэ сукаар сэриилэһэн бараллар. Аан дойду үрдүнэн сэрии буолуо. Гражданскай сэрии курдук. Онтон аҕыйах соҕус киһи ордуоҕа. Дьэ ол кэнниттэн дьоллоох олох дьэ кэлэр. Бары сомоҕолоһоллор. Судаарыстыба диэн суох буолуо. Сир саарын үрдүнэн биир тойон буолуо. Киһи хайдах баҕарар, ханна баҕарар тиийиэ, барыта бэйэтин дойдута буолуо. Итиннэ тиийбит дьон дьоллоох буолуохтара. Итинник сэрии 2025 с. эрэ тохтуур. Уон сылы быһа сэриилэһиэхтэрэ”.

Сэрэбиэйдьит инньэ диэбитэ. Онтуката кэлэрэ чугаһаата. Ити бэстилиэнэй, бүтэһик этиитэ. “Онно тыыннаах хаалбыттар дьоллоох дьон буолуохтара” диэбитэ. Кини бэйэтин толору аата Кирилл Иннокентьевич Яковлев диэн этэ. Онно миигин көрөн эппитэ: “Бу кыыс бүтүннүү этигэр-хааныгар иҥэрэн истэн олорор. Дьоҥҥо кэпсиэҕэ, тиэрдиэҕэ, барытын бэйэтэ тиийиэ-көрүө даҕаны. Саамай тыыннаах туоһу буолар кыыс бу олорор. Өлүөр диэри кэпсиэҕэ. Билгэһит Кириилэ кэлин балыыһаҕа сытан өлбүтэ, уҥуоҕа биһиги дойдуга, Өнньүөскэ хаалбыта.

Бэйэтэ кыра сылдьан эт кулгааҕынан истибит-билбит суолун Александра Николаевна ыараханнык ыалдьа сытан кэпсээбитэ. Ити кэпсиир киһитэ Лэкээрис диэн аатынан хас да урукку суруйууларга ахтыллан ааһар. Дьиҥинэн, бэйэтэ ол аатыгар дьүөрэтэ суох үрдүк уҥуохтаах киһи эбит. Дьон ойуунната-билгэлэтэ ыҥырдаҕына, “сыгынньахпын” (ол аата, ойууннуур таҥаһа-тэрилэ суох) диэн буолуммата, барбата үһү. 

“Тыал Хоту” диэн Александр Артемьев-Кулан  кинигэтиттэн бэлэмнээтэ Александра Гаврильева.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар