Киир

Киир

   Көйгө оҕо... Маннык оҕо үксүн элбэх оҕолоох ыалга маннык оҕо баар буолааччы. Сорох ыал элбэх оҕону төрөтөн баран, барыларын биир тэҥник туппакка, сорохторун ордук атаахтатан, маанылаан, сорохторун атаҕастаан, көйгө оҥостон, арааһынайдык иитэллэр. Оттон кииринньэҥ аҕа ойоҕун оҕотун оҕоргообокко аҥардастыы атаҕастыыра эмиэ баар буолааччы. Биллэн турар бу, киһититтэн, дьонуттан, ыалыттан тутулуктаах. Маннык туора көрүллүбүт, инникигэ эрэлин, итэҕэлин сүтэрбит  оҕо кэлин туох майгылаах-сигилилээх киһи буолан тахсара биллибэт. Бу олоххо бигэ тирэнэрин оннугар бэйэтин мэлдьи сэнэнэр, ис кыаҕын ситэ туһаммат, атын оҕолортон туох эрэ итэҕэстээх курдук сананара, атын дьоҥҥо эрэммэт буолуута үөскүүр.
 

 

 Биирдэ көрсүбэтэхпит ырааппыт дьүөгэбэр ирэ-хоро сэһэргэһэ, ааспыты ахтыһа диэн ыалдьыттыы тиийбитим. Онно биир кэрэ бэйэлээх эдэркээн кыыс баара. Аанчык диэн. Дьүөгэм Света сүрдээх бэһиэлэй киһи. Аһын тарда сылдьан сыбыгыратан сонун бөҕөтүн кэпсии оҕуста, эмиэ туох эрэ дьээбэлээҕи эттэ быһыылаах, күлэн тоҕо бардыбыт. Ол курдук, чэйдии-чэйдии уруккуну-хойуккуну, кыра эрдэхпититтэн көрүдьүөстээх түгэннэри саныы-саныы  былдьасыһа сылдьан кэпсээтибит. Хайдах курдук дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэрий, дьоммут барахсаттар дэстибит. Ол олорон өйдөөн кэлбитим, кыыспыт соччо сөбүлээбэт соҕус кэпсэтиитэ быһыылаах, умса көрөн олордо. Онуоха мин аралдьытаары төрөппүттэрин туһунан ыйыппыппар, кыыһым аат эрэ харата эппиэттээтэ уонна чочумча өр саҥата суох олорон баран хараҕын уута иэдэһинэн субурус гынна. Онуоха биһиги Светалыын сирэй сирэйбитин көрсөн эрэ кэбистибит. Кыыспыт туох ыар санааттан хараҕын уута субурус гыммытын билбэт буоллахпыт дии. Бу кэрэ сэбэрэлээх, сэрэнэн үктэтэлээн хаамар нарын-намчы кыыс туох айылаахтан санаата түстэҕэй диэн дьиибэргээтибит. Эчи, эдэрэ да бэрт. Таһыттан көрдөххө, ийэ-аҕа маанылаан, тараҥнатан ииппит үчүгэйкээн оҕолорун курдук. Арыгыһыт дьонуттан сору-муҥу көрбүт оҕо диэҕи, сыыстан-буортан  тэйбит,  кир-хох сыстыбатах, мааны көрүҥнээх. Ыарыһах, инбэлиит диэҕи эмиэ атыҥҥа  дылы. Бу бэйэлээх кэрэ киһи дууһатын оҕоккото туох сидьиҥтэн хомойбута, хоргуппута буолуой?

   Биһиги кыыспытыттан аргыый аҕай ыйыталаһан көрдүбүт. Онуоха кыыс хараҕын уутун соттон баран маннык диэн кэпсээтэ: “Эһиги миигин бука тулаайах дуу, арыгыһыт дьонноох дуу диэн санаабыккыт буолуо. Суох, мин тулаайах буолбатахпын. Дьонум бааллар, арыгылаабаттар, үлэлииллэр, чааһынай дьиэлээхпит, толору хаһаайыстыбалаахпыт, икки балтылаахпын, быһатын эттэххэ, толору дьоллоох ыалбыт. Ол эрээри мин оҕо саас дьоллоох түгэнин “субу” диэн кэпсиир кыаҕым суох. Санаан кэллэххэ, барыта үөҕүү, мөҕүү, таһыллыы, кырбаныы этэ. Онтон атын суох курдук. Туора көрүллүү абытайын эппинэн-хааммынан билбитим.  
   Биирдэ, оскуолаҕа туох эрэ бырааһынньыга буоларыгар бараары киэргэнэн аҕай бэлэмнэнэ сылдьан, балтыларбын кытары кыраттан айдаарыстыбыт. Онуоха ийэм миигин соһон ылан, сахсыйа-сахсыйа дэлби охсуталаабыта уонна: “Баҕайы, сүгүн да сылдьыбаккын, ханна да барбаккын, хоскор киир...”, — диэн хаһыытаабыта. Мин туох буолбутун өйдөөмүнэ да хаалбытым. Кыргыттар хоспут иһигэр ньааҕынаһарбыт, кыҥкыйдаһарбыт ханна барыай. Онуоха барытыгар итинник үөҕүү, мөҕүү, охсуллуу буолара. Хайыахпыный, мин ити үлүгэр киэргэнэн, оҥостон, былааннанан баран ымсыылаах оскуолам биэчэригэр барбатаҕым, хоспор хаайыллыбытым.
   Дьонум балтыларбын имэрийэллэрин курдук хаһан даҕаны миигин төбөбүттэн имэрийэн да, сыллаан да ылбатахтара. Санаарҕыыр кэммэр биир үтүө тылы эппэтэхтэрэ. Мэлдьи сэмэлээһин, сэнээһин, сааныы эрэ буолааччы. Урут оҕо оҕо курдук төрөөбүт күммүн дьиэм иһигэр атааран дьоммуттан истиҥ-иһирэх тыллары истиэхпин, бэлэх ылыахпын  баҕарарым. Онтум, миэнэ миэнин курдук, мин төрөөбүт күммэр мэлдьи кинилэр үлэлэрэ ситтэрбэтэ. Ол кыракый ыра санаам хаһан даҕаны туолбатаҕа.
   Тоҕо миигин итинник абааһы көрөллөрүн билигин да сатаан санаабаппын. Аҕам майгытынан киҥнээх киһи. Туохтан эбитэ буолла, улахан буруй оҥорбуппун бу диэн өйдөөбөппүн, солуута суохтан кыйаханан арыт аһыы олорон кытары ыраах көтө түһүөхпэр диэри тэбэн саайааччы. Саатар, төһө да кутталбыттан уҥуоҕум халыр-босхо бардар, сүрэҕим субу хайдыах курдук буоллар, этим бүттэтэ суох ыалдьыбытын иһин, хараҕым уута олох тахсыбат этэ, «бүтүҥ» диэн ааттаһааччым-көрдөһөөччүм суоҕа, төттөрүтүн, өһөспөр саҥарсан биэрэрим. Онуоха аҕам буолуохсут улахан эр киһини охсор курдук  этим-сииним көҕөрөн тахсыар диэри сутуругунан сырбаталыыра. Ийэм көрөн турааччы, аҕабытын «бүт» эҥин диэччитэ суох. Өссө эбии тэптэрэн биэрэр курдуга. Оргуйа турар арыыга уу ыһан биэрэр курдук, өссө тыл кыбытан туустаан-тумалаан биэрээччи. Оо, онно мин кинилэри төһөлөөх абааһы көрбүтүм буолуой... Этим-сииним ыалдьыбыта диэн, дууһам хаанынан ытыыра. Итиччэ абааһы көрүөх эрээри тоҕо төрөппүттэрэй диэн санаа киирээччи.  Арааһа иитийэх оҕо быһыылаахпын дии саныырым. Ол кэмҥэ мин эрэйдээх-буруйдаах олоҕум туһунан элбэҕи эргитэ саныыр этим. Арыт бу олохтон  суох буолан хаалыахпын  баҕарарым.
   Онно эрэ буолбатах, мэлдьи... мэлдьи бу курдук олох этэ. Балтыларбын эҥин мээнэ мөхпөттөр этэ. Өйдүүрүм тухары ийэлээх аҕабар эрэ үчүгэйи оҥоро сатыырым, миигин өйдөөн көрөллөрүгэр, сыаналыылларыгар, таптыылларыгар дьулуһарым. Сылдьарым тухары дьиэ ис-тас үлэтин үлэлээн тахсарым. Ол да буоллар, син биир миигин эрэ була-була мөҕөллөрө, сылтаҕа суох үөҕэллэрэ. Биһиги дьиэтээҕи айдааммыт кып-кыраттан, буолар-буолбаттан саҕаланан баран эт-сиин эчэйиэр, ыһыы-хаһыы буолуор диэри салҕанааччы.
   Онтон оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрбиппэр, олох киэҥ аартыгар үктэнэрбэр, үрдүк үөрэххэ туттарсарбар «оҕобут үөрэнэн үчүгэй үлэһит буолуо» диэн эрэнэ санаабатахтара, биир үтүө сүбэни эппэтэхтэрэ, төттөрүтүн, хайдах курдук акаарым, хайдах курдук олоҕум сатаныа суоҕун туһунан илиилэринэн сүүспэр ыйа-ыйа этэллэрэ. Эгэ кэлэн, дьонум үлэ буларбар көмөлөһүөхтэрэ дуо, балтыларым үлэ булалларыгар син көмөлөспүттэрэ ээ. Ити курдук, төрөппүт ийэбиттэн, аҕабыттан төһөтө үөҕүллэн, кыранан биэрбиппиний, киһи ааҕан сиппэт. “Эн баҕас киһи буолуоҥ дуо? Туох абааһы оҕото төрөөн эрэйи көрдөхпүтүй? Сибилигин таһааран ыйаан кэбиһиэм...” диэн киһи өстөөҕөр да эппэт ынырык тылларын күннэтэ истэрим.
   Миигин оннук  атаҕастыылларын, кырбыылларын бииргэ үөрэнэр оҕолорбор, дьүөгэлэрбэр, билэр дьоммор  кэпсээбэт, биллэрбэт этим. Туох да буолбатаҕын курдук тутта-хапта сылдьарым. Онтум баара дьон аһара билэр эбит этэ. Биирдэ оскуолатааҕы дьүөгэбэр Галяҕа хоно тиийбитим. Онно кинилэргэ биир аймах дьахтардара кэлбит этэ. Биһиги ол киэһэни быhа музыка истэ-истэ кэпсэтэ олорбуппут. Галя ийэтэ аах  таһырдьа сэлэһэ олороллор этэ. Мин халлаан хараҥарыыта таһырдьа салгын сии тахсан баран, алҕаска бэйэм  туспунан кэпсэтиини истэн аһарбытым.
   — Ити эһиэхэ Биэрэ Туораахаба Сөдүөттэн булуммут кыыһа сылдьар быһыылаах дии, — диэбитэ аймах дьахтар.
   — Аһаа, ол киһиттэн кыыһа. Биэрэ эринээн буолан Аанчык эрэйдээххэ  атаҕастабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Баҕайылар, саатар оҕону оҕо курдук көрбөттөр. Дьахтар бэйэтин иһиттэн таһааран баран хайдах итинник туора оҕо курдук көрөрө буолуой, сатаан санаабаппын. Эрэ буолуохсут бэйэтин кыргыттарын эрэ маанылыыр, оттон Аанчыгы абааһытынан көрөр, субу өлөрүөх курдук дьүһүлэнэр, — диэн дьүөгэм ийэтэ аймаҕар кэпсээтэ.
   Оо, онно харахпыттан уу-хаар баһан, хаһан да истибэтэхпин истэн, атах-балай сүүрэ турбутум. Төһө өр сүүрбүппүн өйдөөбөппүн. Биирдэ өйдөммүтүм кытылга уйа-хайа суох ытыы сытарым. Туох-баар олохпун барытын эргитэ санаабытым. Тоҕо төрөппүт ийэм бэйэтин буруйун миигинэн таһаарда, тоҕо кини миигин харыстаабата диэн араас ыар санаа үүйэ-хаайа туппута. Ийэбин кииринньэҥ аҕабынааҕар өссө абааһы көрүөх санаам кэлбитэ. Соҕотохто тулаайахсыйа түспүтүм.
   Онтон ыла  кинилэри дьонум диэн аанньа ахтыбаппын, хайдах эрэ түргэнник тэйбит эрэ киһи дии саныырым. Атын оҕолор ийэлэрин, аҕаларын хайдах курдук таптыылларын туһунан иһиттэхпинэ, төрөппүттэрэ кинилэргэ дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэрин, хайдахтаах мааны олоҕу тосхойбуттарын туһунан кэпсээтэхтэринэ дууһам ытыыр. Мин эмиэ кинилэр курдук дьоллоох оҕо сааспын саныахпын баҕарабын ээ. Кими таптыахпыный? Күннэтэ үөҕэр, сынньар дьоммун дуо? Суох.
   Билигин бэйэм хайы-үйэ ыал ийэтэбин, кыракый оҕолоохпун. Оҕом сыыһын таптыыбын аҕай. Күнүм-ыйым киниттэн эрэ тахсар. Хайдах маннык минньигэс киһичээҥҥэ илиибин көтөҕүөхпүнүй...” — диэн Аанчык кэпсээн бүппүтүн кэннэ чочумча саҥата суох олордубут.  Арай Светабыт сыҥсырыйара иһиллэр.
   Оннооҕор сорох дьон төрөппүт оҕолорун атаҕастааччылар. Бэйэлэрэ да билбэттэринэн таптыыр, таптаабат оҕолоох буолааччылар. Холобур, ийэтэ кыра оҕотун, аҕата улахан оҕотун аҥардастыы атаахтата, ордук хос маанылыы сырыттахтарына сорох оҕолоро умнууга хаалаллар. Ол умнуллубут оҕо ис эйгэтигэр, тугу саныырыгар, туох  кыһалҕалааҕар наадыйбат, аахайбат буоллахтарына бу оҕо хайдах киһи буолан тахсара биллибэт. Оҕоҕо саамай чугас киһитинэн, ыарахан кэмигэр сүбэлэтэр, көмүскэтэр, харыстатар, сүбэлэттэрэр төрөппүт дьоно, ийэтэ уонна аҕата буолар эбээт.

 

Туйаара СЕРГЕЕВА-СИККИЭР.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар