Киир

Киир

Урут Намсыыр диэн Намҥа быһа барар суол баара. Онон олус быһа, ууну-хаары отой кэспэккэ тиийиллэрэ үһү. Оччоттон “Намсыыр аартыга” диэн биллэр.

Биирдэ эр бэрдэ аармыйаҕа бараары ох курдук оҥостон, Дьокуускайга киирэн баран, сыыллан хаалбыт. Төһө да сыыйылыннар, санаата бөҕөх эбит. Сарсыныгар хараҕын хайа тардаат, дойдутун диэки хааман сэгэтэн испит.

Арай ол баран истэҕинэ, суол ортотугар атылыы таҥастаах-саптаах отучча дьахтар төгүрүйэн ылбыттар. Үгүстэрэ эдэрси нуучча дьахталлара эбит. Эдэр киһи, хайыай, атыыргыыр сааһа буоллаҕа дии... Дьэ, үөрэн чөрөйө түспүт. Хата, сиэкис бэйэтинэн кэллэ диэн үөрүү-көтүү бөҕө.

Оччолорго ити тыл суох. Билиҥ­ҥилии биир тылынан быһаарыахха. Сэрии. Аччыктааһын. Бары-барыта кытаатан турар кэмэ. Кыахтаах эр дьон Аҕа дойдуларын көмүскүү бараннар, үлэҕэ дьахтар аймах эрэ хаалбыт ыар кэмэ...

Бүтэһик эр бэртэрэ тононон бүтэн эрэллэрэ. Онон дьахталлар олох ыксаан сылдьаллара... Ол айанньыты биир биэс тыла суох тараччы тутан ылаллар. Тыаҕа сосуһуу саҕаланар. Ол икки ардыгар биир эдэр дьахталлара ийэттэн түспүтүнүү буола түһэр да сытынан кэбиһэр!

Биирдэ атыыр сылгы үөрүн ортотугар сылдьарга дылы сананан ылар... Соҕотох эр киһи дуомун холуонньа отучча дьахтара киһилиэ дуо, ол сытааччы дьахтар үрдүгэр саба баттыыллар...

Били баҕайыта дьахтар сытын ылан чиккэс гына түһэр! Дьэ, ол дьолу төлө тутар дьахталлар буолуохтара баара дуо... Кытаатан, тыҥаан турар кэмигэр сымса баҕайытык тирээпкэнэн төрдүттэн хам баайан кэбиһэллэр!

Дьэ, биһиги киһибит “үлэ-хамнас” бөҕө буолан оргуйа түһэр. Тиритии-хорутуу, үөһэ-аллара саҥа-иҥэ ыраатар... Эдэр эдэрэ өтөн, кимиҥнии сыттаҕына, били баҕайыта хаана хаайтаран моһуок бөҕө буолар... Онуоха көрөн олорооччу дьахтар сүөрэн, баайан биэрэ олорбут. Ол аайы били тула үөмэхтэһэн төгүрүйэн туран атынтан атын дьахтарга кууллаах бурдук курдук көтөҕөн аҕалан үрдүгэр ууран испиттэр! Дьэ, көр диэтэҕиҥ!

Дьахтар бөҕөтүн онно биирдэ күөллээн-күөнэхтээн иэдэйэ сыспыт. Ол да тиритэ-хорута үлэлии сытан дьахталларын аахпыт ээ. Сүүрбэ биэс дьахтары аахпыт бу “атыырбыт”. Уонтан ыраах тахсан баран, элэ сэниэтэ эстэн барбыт. 

“Дьэ, ол баайыллыбыт “сэп” уһунньут буолар” диэн, оҕонньор хос быһааран биэрбитэ.

“Дьэ, онтон били баҕайым “уу нукаай” буолуута биллилэр быһыылаах, төлө тардан кэбиһээттэрин кытта “кутан” кэбистим” диэн салгыы кэпсээн барбыта.

Онон тохтото сылдьыахтара дуо... хас дьахтар тарас гына иҥиир-ситиитэ тартаран, уҥа-таала барыыта атын дьахтарга көһөрө охсор үөрүйэхтээхтэр эбит. Аны ол быыһыгар имигэс илиилээх убахтыыра сыттаҕа дии... Били баҕайы “сылайбыта” ханан да суох буолуор диэри убахтаат, чиргэл буолаатын кытта эмиэ тирээпкэнэн төрдүттэн баайан испиттэр.

Син эт киһи элэйэр кэмэ кэлбит. Атаҕар дугуммат буолуор диэри сылайыы барбыт. Олох турар, саҥарар да кыаҕа суох буола эстибит... Манан “сөп буолаа инилэр” диэн толкуйдаан эрдэҕинэ, “тиксэ иликтэр” мата сылдьыахтара дуо, аны биир-биир кэтэһэн туран үрдүбэр өрө эккирээһин саҕаламмат дуо! Оо, мин төһө да өрө уһуутаа, туттумахтаа... бүтэ сылдьыахтара... Бүтэһигэр эмиэ били баҕайым хаайтаран хаалбытын эттим быһыылаах. Төлө тардааттарын кытта сүмэһиним чыһыырда ээ! Онуоха өссө мөҕүттэн ылбыттара. Оччолорго ол тоҕо мөҕүттэллэрин билээхтээбэт буоллаҕым эбээт.

Дьэ, кэлиҥҥинэн көхсүм кэҥээн барда. Саха киһитэ оннук. Уһунньут буоллаҕа буолуо. “Дьоллооччулара” сылайбытын биллэхтэрэ дии, туттумахтаһыы кытаанаҕа буолан баран тохтообуттар...

Ол дьахталларга тугу да умнан туран күнү быһа “үлэлээбит”! Киэһэнэн сынньанан тура-тура моһуогурда да дьахтар куттаран ыларын син сэрэйэн барбыт...

Ол “куттаран ылаллара” диэни быһаарыахха сөп. Биһиэхэ биир дьахтар кэлбитэ. Кини сырдык хааннаах оҕолооҕо. “Кутуйах бытатын быталаан, бурдук туорааҕын булан сиэбиппин тутаннар аҕыс сылга хаайыыга ыыппыттара” диэн, ытамньыйа-ытамньыйа кэпсээн сөхтөрбүттээх... Онно холуонньаҕа харабыл саллаат оҕо оҥорбутунан сылтаан эрдэ таһаарбыттара диэн түмүктээбитэ.

Холуонньа кытаанах үлэтин, олоҕун-дьаһаҕын тулуйбакка сылдьар дьахталлар соруйан истэригэр куттаран ылаллар эбит. Били эрэйдээхтэр холуонньаттан тахсаары ол курдук оҕо үөскэттэрэллэрин биир туоһута буолар диэн тойоннууллара.

Киэһэнэн олох этэ-сиинэ тугу да истибэт буола дүлүҥ курдук буолуор диэри “сылдьыспыт”. Хантан ылбыт килиэптэрэ буолла, килиэп туттаран ыыппыттар. Аччык кэм буоллаҕа дии, үөрбүт аҕай. Ойохтоох, кыра оҕолоох эбит. “Аны эмиэ кэлээр!” дэһэ хаалбыттар. “Ээ, кэлиэҕим!” диэн эрэннэрэн арахсыбыт. Саллаакка саҥа бараары сылдьар сүүрбэччэлээх эрэ уол буоллаҕа дии, кыратык сэниэ киллэрэн куртаҕын иччилээтэ да, чиккэс гына түһэр эр бэрдэ буолуохтаах.

Дьиэтигэр киэһэлик килиэп тутуурдах киирэн кэлэр. Оччотооҕуга килиэп дэҥҥэ, биирдэ эмэ көстөр. Көрөн туруохтара баара дуо, бэс үөрэтин эрэ сии олорор дьоҥҥо минньигэс да буолуохтаах. Оҕото, ойоҕо килиэп үрдүгэр түһэллэр... Кымаахтаан ыла-ыла, сонно тута сиэн бүтэрэн кэбиспиттэр. Эмээхсинэ эрэйдээх ол килиэп сыыһа хайдах кэлэрин билбэтэ дуу, сэрэйэр да буоллар, оҕолорун аһатаары туох да диэн саҥа таһаарбакка сырыттаҕа дуу. “Барыахтаахпын...” диэтэҕинэ “Бараар...” эрэ диэхтиир эбит.

Хас да хоно-хоно болдьоспут кэмнэригэр тиийтэлиир буолан барар. Арааһа, сөбүлэттэҕэ буолуо. Биһигинньик ол курдук үлэлиэ биллибэт. Бардаҕын аайы килиэп кыбыныылаах кэлэр идэлэнэр.  Кэнникинэн били орон “хаһаайына” оронугар мөлтөөн хааллаҕа буолуо, ойоҕо сэрэйэн барда быһыылаах диэн, санаатын ситэрэн биэрбитэ. Куһаҕаннык көрө-истэ, хабыр соҕустук саҥара-саҥара сотору-сотору “килиэптэ аҕал!” диир буолбут. Сороҕор балтараа килиэби аҕалан айаҕын онуоха-маныаха диэри бүөлүүр этим” диэн кэпсээнин түмүктээбитэ.

* * *

Намсыырга былыр дьахтар холуонньата баара. Ол таһынан ааһар Намҥа быһа барар суол тыргыллара. Дьахталлар онно мас эрбииллэрэ, кирпииччэ үктүүллэрэ үһү. Оҥорбут кирпииччэлэрэ мааны кирпииччэ буолара диэн хойукка диэри кэпсииллэрэ. Ол мас эрбии, кирпииччэ үктүү сылдьаннар кэлэр-барар эр дьону бултаһаллар эбит.  

Оччолорго Намҥа билэр доҕоттордоох этим. Олор дьахтар холуонньатыгар сылдьыбыттарын кистии-саба кэпсиир буолаллара. “Онно тиийэн тыыммытын таһаардыбыт” диэн, харахтара бэркэ уоттанан кэпсииллэрэ.

Санааҕын суруй