Киир

Киир

Бөөлүүн түүн Горнай улууһугар “Бүлүү” суолун 158 км, Үөһээ Бүлүүттэн Дьокуускайга айаннаан испит  “Тойота Хайс” массыына түҥнэстибит, ол кэннэ  умайан барбыт.  Суоппары кытта тоҕус киһи эмсэҕэлээбит. Бу туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Дьолго киһи өлүүтэ суох. Эмсэҕэлээбит дьону Бэрдьигэстээххэ киин балыыһаҕа киллэрбиттэр. Кинилэр ортолоругар оҕо суох. 

Санааҕын суруй