Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэбитигэр кэнники сылларга дьиэ кэргэн элбэх оҕолонор буолбута үөрүүлээх. Онон сибээстээн, өрөспүүбүлүкэбитигэр 3-тэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ туох көмө оҥоһулларын туһунан, СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин дьиэ кэргэн уонна демографическай бэлиитикэ департаменын начаалынньыгын солбуйааччыта С.В. Самсоновалыын кэпсэттибит.

– Сардана Васильевна, өрөспүүбүлүкэҕэ хас оҕолоох ыал элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ыстаатыһын ыларый?

– Өрөспүүбүлүкэҕэ “Дьиэ кэргэн, ийэ, аҕа уонна оҕо саас көмүскэлин” туһунан СӨ сокуона баар. Ол сокуоҥҥа олоҕуран, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 3-тэн үөһэ 18 саастарыгар диэри оҕолоох дьиэ кэргэттэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ыстаатыһын ылаллар.

Бу дьиэ кэргэттэр ахсааннара сыллата элбиир. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2019 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 27 116 элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн баар. Холобур, 2015 сылга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаана 17 531 эбит буоллаҕына, билигин 10 000 кэриҥэ ахсаанынан элбээтэ. Бу дьиэ кэргэни анаалыстаан көрөр буоллахха, үксэ 3-тэн элбэх оҕолоох ыаллар (73,8%) буолаллар.

mnogo3

– Судаарыстыбаттан көмө бөҕөтө көрүллэр эбит дии.

– Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ кэнники сылларга судаарыстыбаттан көрүллэр көмө көрүҥэ сүрдээх элбэх. Ол курдук, 2011 сылга “Ийэ хапытаалын” туһунан СӨ сокуона үлэҕэ киирбитэ. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ олорор дьиэ кэргэттэр 3-с уонна онтон элбэх оҕону төрөттөхтөрүнэ эбэтэр иитэ ыллахтарына бэриллэр. Бу суума кээмэйэ сыл аайы индексацияланар. Ол курдук, 2019 сылга 139 716 солк. тэҥнэстэ. Бу биирдэ эрэ бэриллэр көмө 5 хайысханан бэриллэр – олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарарга, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, тырааныспар атыылаһыыга, оҕону үөрэттэриигэ уонна эмтэтиигэ.

Быйыл 2019 сыл муус устар ыйга Ил Түмэн сокуона тахсан турар. Бу сокуоҥҥа “эмтэниигэ бэриллэр хайысхаҕа айан бырайыаһын төлөһүүгэ ийэ хапытаалыттан туһаныан сөбүн” туһунан уларыйыы киирэн турар. Ийэ хапытаалыгар дьиэ кэргэн дохуота уонна улахан оҕолорун саастара учуоттаммат. Бу – демографическай балаһыанньаны тупсарарга туһуламмыт көмө буолар. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн кыра оҕолоро 6 сааһын туолуор дылы босхо эминэн олорор сирдэринэн (поликлиника) туһанар.

– Босхо сир учаастагын туһунан кыратык билиһиннэрэ түһүөҥ дуо?

– 2011 сылтан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ босхо сир учаастага бэриллэр буолбута. Билигин сир учаастага тиийбэт буолан кэккэ кыһалҕалар бааллар. Манна сыһыаннаах СӨ сокуона 2018 сылга тахсыбыта. Ол курдук, босхо сир учаастагар уочаракка турар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр сир учаастагыттан аккаастанар түбэлтэлэригэр ийэ хапытаалын туһаныахтарын баҕарар буоллахтарына (олорор усулуобуйаны тупсарынарга, ипотека төлөһөргө) өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ икки төгүл үрдээбитэ. Онон 270 000 солк. (139 000 солк. оннугар) ыланнар олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга, өлүүлээн дьиэ тутуутугар эбэтэр ипотекаҕа туһаныахтарын сөп.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 385 дьиэ кэргэн сир учаастагыттан аккаастанан, эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаалын икки бүк сууматынан туһанан, олорор дьиэтин-уотун усулуобуйатын тупсарыммыт.

– Өссө ханнык көмөлөр баалларый?

– Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ аадырыстаах көмө манан эрэ бүппэт. Ол курдук, дохуоттара кыра буоллаҕына, ол эбэтэр тиийинэн олоруу кээмэйиттэн уопсай дьиэ кэргэн дохуота намыһах буолар түгэнигэр оскуола саастаах оҕолорго таҥаска-сапка харчынан көмө көрүллэр. Биир оҕоҕо – 3 500 солк., ол аата биир дьиэ кэргэҥҥэ 3 оҕото бары оскуола саастаах буоллахтарына, 10 500 солк. буолар. Бу сылга биирдэ бэриллэр көмө буолар.

mnogo5

– Сөмөлүөккэ субсидиялаах билиэти элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн туһаныан сөп дуо?

– 2018 сыл сэтинньи ыйыгар Арассыыйа бырабыыталыстыбатын уурааҕа тахсан турар. Ол курдук, Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ олорор элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн сөмөлүөтүнэн көтөргө субсидиялаах билиэттэринэн туһаналлар. Манна даҕатан эттэххэ, билигин Ил Түмэн дьокутаата Алена Атласова көҕүлээһининэн “Элбэх оҕолоох ыал ыстаатыһын” көрүү туһунан сокуон барыла Ил Түмэн көрүүтүгэр киирдэ.

Бу бырайыак барылынан, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр оҕолорун 23 саастарыгар диэри уһатан биэрии (өскөтүн кинилэр күнүскү үөрэх кыһатыгар үөрэнэр уонна аармыйаҕа сулууспалыыр түбэлтэлэригэр) буолар. Бу сокуон барыла бастакы ааҕыыга ылылынна, билигин салгыы көрүүгэ сылдьар. Бу сокуон олоххо киирдэҕинэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн олохторун таһыма, хаачыстыбата үрдүүрүгэр оруоллаах буолуо этэ диэн эрэнэбит.

mnogo1

– 2012 сыл күһүнүгэр 5-тэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыыга дьоһуннаах уураах тахсан турар. Бу сокуон төһө үлэлиирий?

– 2012 сылтан 5-тэн элбэх оҕолоох ыалга олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга социальнай төлөбүр бырагыраамата үлэлиир – дьиэ туттуутугар уонна атыылаһыыга. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ судаарыстыбаттан көрүллэр көмө оҕотун ахсаанынан учуоттанан бэриллэр. Ол эрэн манна бары хапсыбаттар. Олохтоох дьаһалтаҕа олорор дьиэни тупсаралларыгар учуокка турар дьиэ кэргэн хапсар. Манна өрөспүүбүлүкэтээҕи реестр диэн баар. Сыл аайы бырабыыталыстыба хамыыһыйата көрөр, бигэргэтэр.

Бу бырагыраама чэрчитинэн былырыын 2018 сыл түмүгүнэн 1601 дьиэ кэргэн реестргэ киирбит эбит буоллаҕына, 2019 сылга 1749 дьиэ кэргэн учуокка турар. Бу дьиэ кэргэттэр истэригэр 12 391 дьиэ кэргэн киһитин ахсаанынан баар. Манна үбүлээһин кээмэйэ урукку сылларга кыра этэ. Быйыл 2019 сылга 100 мөл. көрүллэн турар.

Быйыл саас буолан ааспыт олохтоох муниципалитеттар сийиэстэригэр Ил Дархан А.С. Николаев “5-тэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр олорор усулуобуйаларын тупсарар бырагыраамаҕа эбии үбүлээһини көрүөххэ наада” – диэн этэн турар. Ол чэрчитинэн билигин эбии 250 мөл. солк. көрүллэн, 2019 сылга 350 мөл. солк. үп көрүлүннэ. Быйыл, быһа холоон, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 140-ча дьиэ кэргэн бу көмөнөн туһаныан сөп.

Манна биири чопчулуур наадалаах. Ол курдук, урут балаһыанньа быһыытынан 5-тэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн улахан оҕото 23 сааһын туолан үөрэнэн бүппүт түгэнигэр, өскөтүн дьиэ кэргэҥҥэ 4 оҕо хаалбыт буоллаҕына, бу реестртэн уһуллар диэн этэ. Манна эмиэ Ил Дархаммыт бырабыыталыстыбаҕа дьаһал биэрэн, бу усулуобуйаны уларытан, дьиэ кэргэҥҥэ оҕо сааһын төһө да сиппитин иһин, 4 оҕо хаалар түгэнигэр дьиэ кэргэни учуоттан таһаарбакка, көмөнөн туһаныахтааҕын туһунан уларыйыы киирдэ. Аҕыйах хонуктааҕыта бу бырайыак ылылынна. Онон бу сокуон күүһүгэр киирэрэ 5-тэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үөрүүлээх сонун.

2012 сылтан бу бырагыраама үлэлиэҕиттэн 315 (5-тэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн) 634,5 мөл. солк. туһанна.

 Q5A9976 e1530932047957

– Холобур, биир дьиэ кэргэҥҥэ көмө хайдах тыырылларый?

– Манна хас биирдии дьиэ кэргэн ахсаана учуоттанар. Быһа холоон, ортотунан ыллахха, биир дьиэ кэргэҥҥэ тиксэрэ 2 мөл. 400 кэриҥэ буолар.

– Өрөспүүбүлүкэбитигэр “Дьоруой ийэ” албан аатын хас оҕолоох ийэҕэ иҥэрэллэрий?

– 2017 сылга Ил Дархан Е.А. Борисов “Ийэ оруолун үрдэтэр” дьаһала тахсан турар. Онно өрөспүүбүлүкэҕэ Дьоруой ийэ ыстаатыһа бигэргэммитэ. Ол курдук, 10-тан элбэх оҕолоох ийэҕэ – “Дьоруой ийэ” аата иҥэриллэр уонна биир кэмнээх харчынан көмө (1 000 000 солк.) оҥоһуллар. Маны сэргэ “Ийэҕэ албан аат” 1-кы истиэпэнэ – 9 оҕоҕо (100 000 солк.), 2-с истиэпэнэ – 8 оҕоҕо (75 000 солк.) уонна 3-с истиэпэнэ – 7 оҕоҕо (50 000 солк.) харчынан көмө оҥоһуллар.

Хомунаалынай өҥөнү төлүүргэ чэпчэтиилээх тарыыптар бааллар. Дьиэ кэргэн уопсай дохуота хомунаалынай өҥөтүн 15%-тан куоһарар эбит буоллаҕына – субсидия көрүллэр. Субсидия ааҕыллыыта киһитин ахсаанынан, олорор дьиэтин кээмэйинэн көрөн оҥоһуллар. Хас улуус аайы “субсидия агентстволара” диэннэр бааллар, олор дьарыктаналлар.

Үлэлээбэккэ олорор дьоруой ийэлэргэ (2017 сылга тахсыбыт өрөспүүбүлүкэ сокуона – С.Б.) 3 сылга биирдэ босхо айаннарын ороскуота төлөнөр. Кинилэргэ оройуон кээписиэнинэн көрөн, эбии социальнай төлөбүр (1815-1774 солк.) бэриллэр.

main thumb 1

– 10-тан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ босхо тырааныспар бэриллэр диэн баар дии. Ону быһаарыаҥ?

– 10-тан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн (оҕону иитэр дьиэ кэргэн эмиэ киирэр) 2012 сылтан социальнай хантараак нөҥүө анал бырагырааманан тырааныспарынан босхо хааччыллар. Бу бырагыраама нөҥүө кэнники 3 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн босхо тырааныспары 13 дьиэ кэргэн (8,5 мөл. суумаҕа) ылла. Ааспыт 2018 сылга 5 дьиэ кэргэн туһаммыта.

Маны сэргэ 2016 сылга “Элбэх оҕолоох ыалга эбии көмөлөр” Ил Дархан анал дьаһала тахсан турар. Ол чэрчитинэн, 10-тан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ дьиэ туттуутугар социальнай төлөбүр быһыытынан көмө оҥоһуллар. 2017 сылга маннык көмөнөн 5 дьиэ кэргэн (13,5 мөл. солк.) онтон 2018 сылга 2 дьиэ кэргэн туһаннылар. Бу бырагыраамаҕа 10 оҕо бары 23 саастарыгар диэри буолуохтаахтар.

– Бу сылга (2019) киирэн баран элбэх оҕолоох ыалларга эбии көмө бөҕөтө көрүлүннэ дии.

– 2019 сыл олунньу ый 14 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев “Эбии көмөлөр тустарынан” бастакы, иккис уонна үстэн элбэх оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр көмөлөр тустарынан анал дьаһал ылынан турар. Ол курдук, 2019 сыл тохсунньу ый 1-кы күнүттэн саҕалаан дьиэ кэргэҥҥэ 1-кы, 2-с, 3-с онтон кэнники оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр эбии көмөлөр:

– 1-кы оҕоҕо (дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох) – 33 812 солк.,

– 2-с оҕо төрөөтөҕүнэ – эрэгийиэннээҕи Ийэ хапытаала – 135 907 солк.,

– 3- с уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ – 16 906 солк. (оҕоҕо тиийинэн олоруу кээмэйэ). Бу көмө оҕо 3 сааһын туолуор диэри бэриллэр. Көмө аадырыстаах, ол курдук дохуота тиийинэн олоруу кээмэйинэн буолбакка, дьиэ кэргэн дохуотун орто кээмэйин көрөн тыырыллар.

– Ипотекаҕа 5 %-наах чэпчэтии баара элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн сэҥээриитин ылла. Ону илдьиритэн, өйдөтөн биэриэҥ.

– 2018 сылтан Арассыыйа үрдүнэн 6 %-наах ипотекаҕа чэпчэтии киирэн турар. Маны тэҥэ Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ олорор 2-тэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн, өскөтүн 2-с уонна онтон кэлэр оҕолоро 2019 сыл тохсунньу 1-кы күнүттэн 2022 сыл ахсынньы ый 31 күнүгэр диэри төрөөтөхтөрүнэ 5 % чэпчэтиилээх ипотеканан туһанар буоллулар. Ол эбэтэр дьиэ кэргэн ылбыт ипотеката (сылыттан тутулуга суох, баҕар 15-30 сыл буоллун) сабыллыар диэри маннык чэпчэтиинэн туһанар. Бу – олус үчүгэй көмө.

Маны сэргэ нолуогабай чэпчэтиигэ уларыйыылар киирдилэр. Холобур, сир учаастага 600 кв.м. нолуоктан босхолонор. Өскөтүн дьиэ кэргэн 8 суотай сир учаастактаах буоллаҕына 6 суотай сирэ нолуоктан босхолонор. Онон кинилэр 2 суотай эрэ сирдэрин нолуогун төлүүр буолаллар. Элбэх оҕолоох ыал олорор кыбартыыратыгар эмиэ чэпчэтиилэр бааллар, уопсай дьиэ 5 кв.м. босхолонор. Ону таһынан чэпчэтии 7 кв.м. хас биирдии сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго көрүллэр.

– Ол аата урукку сылларга ипотека ылбыт дьиэ кэргэн 2019 сылга 2-с уонна онтон кэнники оҕо төрөөтөҕүнэ чэпчэтиилээх ипотекаҕа хапсар буоллаҕа.

– Оннук. Өскөтүн 2-с уонна онтон кэнники оҕолоро 2019 сыл тохсунньу 1-кы күнүн кэннэ төрөөбүт буоллаҕына бааныгар баран рефинансирование оҥотторон, урукку ипотекатын бырыһыанын 5 %-ҥа диэри кыччыан сөп.  

Бу көмөлөр 2018 сылтан саҕалаан, Арассыыйа үрдүнэн демография национальнай бырайыага үлэҕэ киирбитинэн, олоххо киирэн эрэллэр. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн инникигэ эрэллээх, олорор усулуобуйата баар буоллаҕына нэһилиэнньэ ахсаана элбиир, демография балаһыанньата тупсар.

– Сардана Васильевна, элбэх оҕолоох ыал мунаарар ыйытыктарыгар сөптөөх иһитиннэриини биэрбиккэр махтал.

Саргылаана БАГЫНАНОВА.

Бүтэһик сонуннар