Киир

Киир

Арассыыйа элбэх оҕолоох ыалларыгар ипотека кирэдьиитин сабалларыгар эбии 5,5 млрд солк. көрүөхтэрэ.

Онуоха туһааннаах ыйаахха дойду премьер-миниистирэ Михаил Мишустин илии баттаабыт, ол докумуон бырабыыталыстыба саайтыгар таҕыста.

Докумуоҥҥа “дойду бэрэсидьиэнэ судаарыстыба элбэх оҕолоохторго ипотеканы толору эбэтэр сорох чааһын төлүөхтээхдиэн этии киллэрбитэ. Инньэ гынан, 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕолоох ыалга ипотеканы сабалларыгр 450 тыһ. солк. биэрэр”, - диэн суруллар. 2020 сылга маныаха уопсайа 35 млрд солк. көрүллүбүтэ. Онон дойду үрдүнэн 12 тыһ. элбэх оҕолоох ыал харчыны ылар кыахтанна.

Бүтэһик сонуннар