Киир

Киир

Бу чинчийиигэ Арассыыйа 53 эрэгийиэниттэн 3 тыһ. киһи кытынна. Онтон көстүбүтүнэн, элбэх оҕолоох ыаллар 33 %-нара ыйга биирдэ босхо түмэлгэ, пааркаҕа, быыстапкаҕа сылдьар бырааптаахтарын, 20 %-нара оскуола көстүүмүн босхо ылыахтаахтарын, 14 %-нара 6-тыгар диэри саастаах оҕолор босхо эминэн хааччыллалларын туһунан билбэттэр эбит.

Арассыыйа элбэх оҕолоох ыалларын оҕолорун 54 %-на эрэ оскуолаҕа босхо аһыыр, 34 %-на эрэ тырааныспарга босхо айанныыр, 17 %-на эрэ түмэлгэ-быыстапкаҕа босхо сылдьар, 14,6 %-на эрэ 6-тыгар диэри саастаах оҕолоругар босхо эми ылан туһанар эбит.

Чэ, быһата, дойдуга элбэх оҕолоох дьону өйүүр элбэх сокуон үлэлиир эрээри, ону туһанааччы – кэмчи.

Бүтэһик сонуннар