Киир

Киир

Акулина Григорьевна Саввинова Ньурба улууһуттан төрүттээх, биэс оҕолоох, сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх уонна хос-хос сиэннэрдээх.

Акулина Григорьевна элбэх оҕолоох ыалга бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Инньэ гынан, оҕо эрдэҕиттэн хара үлэҕэ эриллэн улааппыта, бултуурга, балыктыырга үөрэммитэ. Колхуоска үлэлии сылдьан эр дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбитэ.

1950 сылларга Дьокуускайга көһөн кэлбитэ. Сэниэ ыалга дьиэ көрөөччүнэн онтон “Взаимопомощь” ательеҕа иистэнньэҥинэн үлэлээбитэ.

“Ийэбит үчүгэй хамнастаах үлэлэнэн баран биһигини Ньурбаттан көһөрөн аҕалбыта. Оскуоланы бүтэрэн баран ийэбит көмөтүнэн балтыбын кытта үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэммиппит. Ийэбит – улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолар. Уон сиэннээх, хос уонна хос-хос сиэннэрдээх. 95 сааһыгар диэри хоһоон, ырыа айар этэ. Сахалыы, нууччалыы хаһыаттары ааҕара. Мастан арааһы барытын оҥороро уонна олус минньигэстик астыыра. “Дом-2” биэриини уонна спорт көрүҥүттэн боксу сөбүлээн көрөр”, — диэн уола Николай Саввинов киэн тутта кэпсиир. 

Бүтэһик сонуннар