Киир

Киир

“Дьиҥ поэзия уонна соруйан өйүнэн эрчиллэн оҥоһуллубут поэтическай буола сатыыр поэзия атын атыттар” диэни кулгааҕым уһугунан истэн аһарбыттааҕым. Бэргэнник да эппиттэр. Этии ис хоһооно хайа эрэ өттүнэн бүгүҥҥү сэһэргэһиибэр чугас курдук. Айылҕаттан артыыс буоларга ананан төрөөбүт артыыс уонна артыыс буола сатыыр артыыс эмиэ атын-атыттар...

СӨ үтүөлээх артыыһа, култуура туйгуна Дьулустаан Семеновтыын сэһэргэһиэх санаам кэлбитэ ыраатта. Кэпсээннээх-ипсээннээх, дьээбэтэ киирдэҕинэ, дьээбэлээх уонна киһи артыыстаахпын диир артыыһа дии саныырым. Саныыбын даҕаны. Айар үлэтин, дьиэ кэргэнин уонна дьылҕа туһунан үгүһү сэһэргэстибит.

42 dulustan semenov

– Сыанаҕа көрдөххө, быдан уһун, киппэ көрүҥнээх киһи курдуккун. Онтум...

– Онтукам кыра баҕайы киһи эбиккин диэ (күлэр). Баара-суоҕа 168 см. уһуммун.

– Эйигин кытта сирэй көрсөн кэпсэппэтэрбин да, тоҕо эрэ улгум, судургу майгылаах киһи саныыбын. Баар диэтэххинэ – баар, суох диэтэххинэ – суох.

– Туох диэххэ сөбө буолла?.. Оннук курдук. Көнөтүнэн сыһыаннаһарбын сөбүлүүбүн. Аһара көнөтүк этэн, дьону өһүргэтиэхпин сөп. Саха киһитин сиэринэн “баары баарынан, суоҕу суоҕунан” сылдьабын.

– Аны туран, тыаттан оту-маһы кытта тустан, субу киирэн кэлбит киһи курдук көрүҥнээххин. Өһүргэммэт инигин?

– Туохтан өһүргэниэхпиний? Тыа оҕото буоллаҕым. Үөһээ Бүлүү Өрдөөх диэн баара-суоҕа сүүрбэччэ ыаллаах учаастагар үөскээбитим, улааппытым. Өрдөөхтөн биирдэ Москубаҕа баар буола түспүтүм. Ол эппэр-хааммар иҥэн хаалбыт буолуон сөп.

– Артыыстыыр талааныҥ хаһааҥҥыттан биллэн барбытай: букатын кыраҕыттан артыыс буолабын диэн муннукка ытаабыт киһигин дуу, эбэтэр түбэһиэх талан кэбиспит идэҥ дуу?

– Түбэһиэх диэххэ сөп. Дьылҕа Хаан диэн баар быһыылаах. Оскуоланы бүтэриэхпэр диэри биирдэ даҕаны сыанаҕа тахсан көрбөтөх киһибин. Түмүктүүр кэнсиэр тэрийиэххэ диэн буолла. Оҕо барыта тугу эрэ гынар: ким эрэ ыллыыр, ким эрэ үҥкүүлүүр. Мин туохха да талааным суох курдук. “Саҥарар-иҥэрэр соҕускун. Чэ, монологта аах”, -- диэтилэр. Аны мин монолог диэн тугун билбэппин. “Туоххутуй ол?” диэтим. “Петросяннаах курдук кэпсээн кэпсиигин. Ол онтон дьон күлүөхтээх”, -- диэн судургутук быһааран кэбистилэр. Мин дьолбор, ол кэмҥэ СӨ үтүөлээх артыыһа О.В. Григорьева биһиги кулууппутугар үлэлиирэ. Кини дьарыктаан, эрчийэн бэлэмнээтэ. Биир күн иһигэр дэриэбинэ “звездата” буолан хааллым. Соһуйуу бөҕөнү соһуйбуттара. “Хайдах баччааҥҥа диэри чуумпутук сырыттыҥ?” диэбиттэрэ. Ити сааһыгар улууска көр-күлүү күрэҕэр Гран-при буолбутум. Аны туран, Щепкин училищетыгар тута Москубаттан хамыыһыйа кэлбитэ.

Дьэ эрэ... Холоннуҥ?

– Артыыс буолар улахан баҕам суоҕа. Ольга Васильевна ийэбэр этэн, эппиккэ дылы, күүстэринэн хаайан кэриэтэ “холонон көр” диэн ыыттылар. Баҕар, аармыйаҕа сулууспалаан баран, үргүлдьү хаалан байыаннай буолуом эҥин диэн санаталыы сылдьыбытым. Ылан кэбистилэр. Инньэ гынан күн бүгүҥҥэ диэри бу артыыстыы сылдьабын.

HOIN4300

– Үөрэххин бүтэрэн кэлээккин кытта эйигин Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар анаабыттара. Бука, ити бэйэлээх дьэндэйэн турар Саха тыйаатырыгар таласпытыҥ буолуо.

– Оччолорго Юмор, сатира тыйаатыра диэн этэ. Бары тутуспутунан драм тыйаатырга үлэлии хаалар баҕалаах этибит. Саха, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар, Ньурбаҕа уонна Нерюнгрига аныахтаахтар этэ.

– Искэр хомойдоҕуҥ...

– Улаханнык хомойбуппун өйдөөбөппүн. Хата, куоракка хаалар буоллум диэн үөрбүтүм.

– Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар тоҕо эрэ уу чуумпутук сылдьыбытыҥ.

– Дуо-о... (күлэр). Онно да улахан оруоллардаах этим. Испэктээк бөҕө турара. Артыыс аҕыйах буолан, хата, былдьаһыкка сылдьарбыт. Биир испэктээккэ үстүү-түөртүү оруолу оонньуур этибит. Итиннэ холоотоххо, Саха тыйаатырыгар быдан холку. Төттөрүтүн, оруолга тиксибэккэ хаалыаххын сөп. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар үлэлии сылдьан “Лучшая мужская роль второго плана” ааты ылбытым. Култуура туйгуна, үтүөлээх артыыс буолбутум. Онон Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра элбэххэ үөрэппитэ, элбэҕи биэрбитэ.

– Уонча сыл үлэлээн баран, соһуччу баҕайытык Саха тыйаатырыгар кэлэн хаалбыт курдугуҥ эбэтэр алҕаһаатым дуу?

– Эрдэттэн ыҥыраллар этэ. Дьиэбит-уоппут суох буолан, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уопсайыгар хоско олорбуппут. Бардым да, онтон таһаарар буоллахтара. Икки сыллааҕыта харахпын быһа симэн баран, Саха тыйаатырыгар көһөн хаалбытым.

– Оттон дьиэҥ-уотуҥ?

– Дьиэ-уот боппуруоһун ипотека быһаарбыта (күлэр).

– Икки сыл буолаат, сүрүн оруол – Кээрэкээн – эйиэнэ буолан хаалла.

– Тыйаатыр сүрүн режиссёрун кытта Руслан Тараховскайдыын бииргэ үөрэммитим. Баҕар, “мафия” диэн этээри гынарыҥ буолуо. Руслан “кэллэххинэ, биир эмэ үчүгэй оруолу биэриэм” диэн эрэннэрбитэ. Ыҥыран баран наар маассабайга сырытыннараллара кинилэргэ эмиэ хайдах эрэ буолуо.

– Руслан Тараховскай аллар атаһа үһү дииллэр.

– Иккиэн үөһээ бүлүүлэрбит, иккиэн бииргэ үөрэммиппит уонна хайдах атастыы буолуо суохпутуй (күлэр).

– Инньэ гынан Саха тыйаатырыгар хас оруолланныҥ?

– Уонча буолбута буолуо.

– Номнуо диэ...

– Петр Баснаев оруолларын солбуйбутум. Маассабайдар да бааллар.

Dulustan semenov a056a

– Эн амплуаҥ ханныгый? Арамаантыкалыы дуу...

– Ээ, мин хантан арамаантыкалыыга барсыахпыный.

– Тоҕо?

– Арамаантык буолбатахпын. Кырдьыгынан эттэххэ, Ромео эҥин курдук оруоллары кыайбаппын. Кэмиэдьийэ уустук соҕус да буоллар, син оонньуохпун сөп. Дырааманы сөбүлүүбүн.

– Киинэ бөҕөҕө уһуллан көрдүҥ. Гонорар эҥин хайдаҕый?

– Байаары, киинэҕэ уһуллар дии саныыр буоллаххына, сыыһаҕын. Мин дьоҥҥо-сэргэҕэ туох эмэ үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу тиэрдээри уһуллабын. Уһуллуом иннинэ аан маҥнай онтун көрөбүн. Харчыны аахпаппын даҕаны, эккирэппэппин даҕаны.

–Арассыыйа киинэлэригэр тоҕо уһуллубаккыный? Сорохтор, быстах-остох оруолга да буоллар, уһуллан кэлэллэр.

– Ыҥырбаттар (күлэр). Үөрэнэ да сылдьан, үтэн-анньан көрбүппүт да, соччо сэҥээрбэтэхтэрэ.

– “Хаамаайы Бааска” диэн ааты иҥэрэ сылдьыбыттаахтар...

– Билигин да дииллэр. “¤ок, Хаамаайы сылдьар” дэһэллэр. Кып-кырачаан оҕолор эҥин. Маҥнай истэргэ муокас баҕайы этэ. Өһүргэниэх эҥин санаам кэлээччи. Билигин үөрэнэн хаалбыппын. Бэйи, тохтоо, ити иннинэ “Снайпер” буола сылдьыбыттааҕым. Онтум син аптарытыаттаах курдуга да, атын киинэҕэ уһуллабын дии сылдьан, “Хаамаайы” буолан хаалаахтаабытым.

– Эйигин үөрэҕэр мөлтөх киһи үһү дииллэр.

– Ким итинник диирий? (күлэр). Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан мөлтөх бөҕө буоллаҕым. Матема... Ээ, туох диэн этэй? Алгебра, геометрия, химия, физика өттүгэр төбөм букатын буһарааччыта суоҕа. Ньуул... Аныгы информционнай технологияларга эмиэ соччо-бачча сыстаҕаһа суох киһибин.

– Арай артыыс идэтин талбатаҕыҥ буоллар, билигин хайдах дьылҕалаах киһи буолуоҥ этэй?

– Эппитим курдук, баҕар, байыаннайдыы сылдьыам этэ. Оҕо эрдэхпиттэн сылгыга сыстаҕаспын. Баҕар, тыаҕа сылгыһыттыы сылдьар буолуом этэ. Улахан таҥараһыта суох киһи да буолларбын, дьылҕа диэни итэҕэйэбин.

***

– Оттон тыл күүһүгэр итэҕэйэҕин дуу?

Итэҕэйэн бөҕө буоллаҕа!

– Тыл иччитэ, илбиһэ ити оонньуур ойууннарыҥ саҥаларыгар сыттаҕа.

– “Кээрэкээни” туруоруохпут иннинэ Тааттаҕа бара сылдьыбыппыт. Ойуунускай балаҕаныгар, Кээрэкээн тохтообут Тохтобул алааһыгар сылдьан, аал уоту аһатан сиэр-туом толорбуппут. Көҥүллүүр дуу, суох дуу диэн бэлиэ кэлэр эбит. Руслан Тааттаҕа тиийэн уоскуйбут, чэпчээбит курдук буолбута. Мин манна кэлэн, үлэлээн иһэн уоскуйбутум.

– Түүлгэ эҥин биллибэттэр дуо?

– Суох. Түһээбитим да, үчүгэйдик өйдөөбөппүн.

– “Кээрэкээҥҥэ” эмиэ ойууну оонньообут артыыс баара. Ити кимий?

– Коля Протасов. Чурапчыга аатырбыт Протасов ойуун олоро сылдьыбыта. Кини прототиба Кыһыл Ойуун да диэччилэр бааллар. Коля -- Протасов ойуун эт-хаан сиэнэ. Инньэ гынан этигэр-хааныгар баар буолуохтаах.

– Бэркэ оонньуур артыыс эбит дии санаабытым. Аата тоҕо эрэ иһиллибэт.

– Биһигини кытта Щепкиҥҥэ үөрэммитэ. Маҥнай -- Саха тыйаатырыгар, онтон Үүнэр көлүөнэҕэ үлэлии сылдьыбыта. Уонча сыл тохтоон, урбаанынан эҥин дьарыктана сылдьан баран, былырыын төннөн кэлбитэ.

– Дьээбэлээх киһи быһыылааххын.

– Дьээбэлэннэхпинэ, дьээбэлэнэбин. Серьёзнайым киирдэҕинэ, аны аһара серьёзнайбын. Кэллиэгэлэрбэр эҥин соччо аһыллыбаппын быһыылаах. Дьиэ кэргэммэр, бииргэ төрөөбүттэрбэр чугаспын.

– Дьиэ кэргэниҥ туһунан тоҕо эрэ букатын иһиллибэт. Кэргэннээх, оҕолордоох киһи буоллаҕыҥ?

– Киһи харыстыыр, тыытыллыбат муннуктаах буолар. Миэхэ – дьиэ кэргэним. Кэргэним Чурапчыттан төрүттээх. Түөрт оҕолоохпут -- үс кыыс, биир уол. Улаханым – устудьуон, кырам алын кылааһы бүтэрдэ. Кэргэмминиин өйдөһөн, өйөһөн, таптаһан быр бааччы олоробут.

– Оҕолоргун хайдах иитэҕиний: уу сахалыы дуу, эбэтэр хайата табылларынан дуу?

– Уу сахалыы иитэ сатыыбын. Түөрт оҕобун төрдүөннэрин анаан-минээн саха оскуолатыгар үөрэттэрдим. Тылбыт сүтэр кутталлаах. Мин саамай куттанарым – ити.

– Үйэтэ батан, дьон бэйэ иннигэр, бэйэ туһугар охтон хаалла. Хата, эн итинник диэбитиҥ бэркэ иһилиннэ.

– Силистээх, тирэхтээх буолуу төрдө төрөөбүт тылга, норуот муудараһыгар сыттаҕа.

WXFY4559

– Бэйэтэ артыыс идэлээх Гафт этэн турардаах: “Актер – тот, кто ничего не умеет”. Сөбүлэһэҕин дуо?

– Дьэ, итини кытта сөбүлэспэппин (күлэр). Аҕам үөрэтиитинэн, “киһи сатыырын киһи сатыахтаах” диэн өйдөбүллээхпин. Өскөтүн бу турар остуолу киһи оҥорбут эбит буоллаҕына, мин да сатаан оҥоруохтаахпын. Тыа оҕото буоламмын, хара үлэттэн толлубаппын, хайа талбыт үлэбин үлэлиэхпин сөп диэн хорсуннук этэбин.

– Оччотугар хаһаайыстыбанньык бөҕө буолуоҥ.

– Оннук курдук.

***

Көрөөччүнү кытта ситим олохтуур, ытатар-ыллатар – туһунан иэйиилээх дьол. Субу түгэҥҥэ, субу кэмҥэ эрэ кэлэн ааһар быстах дьол. Ол быстах дьолу, ыра туоллаҕына, үргэн хаалар дьолу харбаан ылыы – талаан! Ити талаан ылбычча киһиэхэ (айар киһиэхэ) бэриллэн испэтэ чахчы.

Онон талааннаах артыыс Дьулустаан Семенов айар ыллыгар ити этэр быстах дьолум тосхойо турдун.

Сэһэргэстэ Диана КЛЕПАНДИНА.

Бүтэһик сонуннар