Киир

Киир

Кулун тутар 18 күнүгэр Уус Алдан Мындаабатыгар олорор дьиэ кытарарга былдьаммыт. Умайа турар икки хостоох кыбартыыраттан оҕолору ыаллара – Эрхаан Сысолятин, Иннокентий Свинобоев, Владимир Оконешников быһаабыттар.

1

Хорсун эр дьон умайа турар дьиэ түннүгүнэн киирэн, хоско уолуйан, саһан олорор икки оҕону – Роберт Троевы (2016 с.т.) уонна Ваня Гуляевы (2012 с.т.) быһаабыттар. Үс хорсун эр бэртэрин түргэн-тарҕан, хорсун быһыыларынан, дьолго, ким да эмсэҕэлээбэтэ. Уолуйбут оҕолору быыһааһыҥҥа ыаллара Саргылаана Ильинична Аммосова эмиэ көмөлөспүт. “Ойуурдаах куобах охтубат” диэн маны этэн эрдэхтэрэ.

2

Билигин баһаар тахсыбыт төрүөтүн быһаараллар, иккис кыбартыыра быыһаммыт. Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа билигин бу хорсун дьону “Дьону баһаартан быыһааһын иһин” наҕараадаҕа түһэрэргэ үлэлэһэр.

5

4

3

Бүтэһик сонуннар