Киир

Киир

Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүнэн Тверской уобаласка саха снайпера Федор Охлопков аатынан байыаннай-патриотическай лааҕыр арыллыаҕа. Бу туһунан Москубаҕа өрөспүүбүлүкэ олохтоох бэрэстэбиитэлистибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Федор Охлопков — Томпо оройуонун олохтооҕо, 420 өстөөҕү өлөрбүт снайпер этэ. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Ленин, “Кыһыл Бэлиэ” уордьан, Аҕа дойду сэриитин 2 истиэпэннээх  уонна “Кыһыл Сулус” уордьан хаһаайына. 

Лааҕыр Ржевскай оройуонун  Есёмово дэриэбинэ аттынан үс гектар иэннээх сиргэ үлэлиэҕэ. Бу сир мээнэҕэ талыллыбатах. Манна сэрии кэмигэр мөлүйүөнтэн тахса киһи өлбүтэ. Олор истэригэр сахалар эмиэ бааллара.

Дойду үрдүнэн маннык лааҕыр ханна да суох. Лааҕыр инникитин 250 миэстэлээх, казармалаах, успуорт саалалаах, түмэллээх, остолобуойдаах буолуоҕа.

news.ykt.ru/

Бүтэһик сонуннар