Киир

Киир

«Саха сирин Быыһыыр Сулууспата» аара суолга, ыҥыырдаах акка олорсон айаннаан иһэр дьону көрүстэххитинэ, «уруйдаан-айхалаан» тыастаахтык сигнал биэрбэккитигэр көрдөһөр, сылгылар үргэн суол быһылаан үөскэппэттэрин туһуттан.

Бу күннэргэ, Өймөкөөн улууһун Дьэкэй диэн сириттэн икки ыҥыырдаах аттаах айанньыттар ыраах айаҥҥа – Лондон куоракка диэри туруннулар.

Айан былаһын тухары улахан айан суолун хорук тымырдарынан ааһарынан сибээстээн, «Саха сирин Быыһыыр Сулууспата» туох баар айан суоппардарыгар тиэрдэр, холустук, дьээбэрэн тыастаахтык сигнал биэрэртэн туттунуҥ! Тыа сириттэн ырааппатах нэһилиэк сылгылара оннук тыастан үргэн ыстанан, сыыдам сырыылаах тыраассаҕа кутталлаах быһыы-майгы, саахал таһаарыахтарын сөп. Айанньыттар көрдөххүтүнэ айаҥҥыт тэтимин бытаардыҥ, суол быраабылатын сиэрдээхтик тутуһуҥ. Өймөкөөнтөн Лондоҥҥа уһун, сындалҕаннаах айаҥҥа туруммут дьон айаннара алгыстаах, этэҥҥэ буоллун!

SakhaNews