Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэ парламена биэнсийэ сааһын үрдэтэр туһунан уларытыллыбыт сокуон барылын өйөөтө. Норуот дьокутааттара Уһук Хоту, ол иһигэр Саха сиригэр биэнсийэҕэ тахсыы сааһа оннунан хааларын туруорсаллар. Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэттэн Госдумаҕа барар этиилэри дьүүллэстилэр.

Дьокутааттар уопсайынан Арассыыйаҕа биэнсийэ реформата ыытыллара уолдьаспытын эттилэр. Маныаха кинилэр бэйэлэрин этиилэригэр Уһук Илиҥҥэ уонна онно сыһыаннаах сирдэргэ социальнай мэктиэ хайаан да баар буолуохтаах диэн киллэрдилэр.

РФ Бэрэсидьиэнэ Уһук Илин уонна Арктика зоната сайдарыгар улахан интэриэстээҕин бэлиэтээн туран, Уһук Хоту уонна онно тэҥнээх сирдэргэ (Саха сирэ онно киирсэр) үлэлиир дьоҥҥо биэнсийэҕэ тахсыы сааһа уларыйыа суохтаах диэн туруорсаллар.

Маны таһынан, Ил Түмэн хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох омуктарга социальнай биэнсийэҕэ тахсар сааһы уларыппаттарыгар эттилэр. Билигин социальнай биэнсийэҕэ дьахталлар – 50, эр дьон – 55 саастарыгар тахсаллар.

Саха сирин дьокутааттара биэнсийэ сааһын үрдэтии хамсааһынын биир сылтан балтараа сылга диэри уларытарга этии киллэрдилэр. Манна Уһук Хоту сирдэргэ үлэлээбит дьон киирсиэ суохтаах..

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар