Киир

Киир

Саха сирэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “ыам ыйынааҕы” ыйаахтарын олоххо киллэриигэ дойду 5 бастыҥ эрэгийиэнин ахсааныгар киирдэ.

Бастакы, иккис, үһүс миэстэҕэ Хабаровскай кыраай, Москуба уобалаһа уонна Краснодар кыраайа тахсыбыттар. Ону сэргэ бастыҥнар ортолоругар Приморье, Алтаай кыраайдара, Свердловскай, Новосибирскай, Омскай, Воронежскай уобаластар киирбиттэр.

Эриэйтини 45 900 кэриҥэ араас СМИ базатын түмэр “Медиалогия” систиэмэтин көмөтүнэн оҥорбуттар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар