Бу күннэргэ Нью-Йорк куоракка АЛРОСА алмаастаах аукциона саҕаланна. Манна хампаанньа 2017-2018 сс. булбут сэдэх алмаастарын атыыга таһаарыа.
Атыыга барыта 81 ювелирнай хаачыстыбалаах бөдөҥ кээмэйдээх алмаас таҕыста, ол аата 10,8 карааттан тахса. Ол иһигэр АЛРОСА дэҥҥэ көстөр 98 карааттаах саһархайдыҥы өҥнөөх алмааһа уонна 100 карааттан тахса маассалаах алмаастара. Бу икки алмааһы «Юбилейная» туруупкаттан хостообуттара.
«Маннык бөдөҥ уонна ыраас алмаас айылҕа сэдэх көстүүтэ буолар. Биһиги Аан дойду таһымыгар маннык бородууксуйанан тахсарбытынан киэн туттабыт. Онно эбии, 20 өҥнөөх тааһы аҕаллыбыт», - диэн бырабылыанньа чилиэнэ Евгений Агуреев кэпсээтэ.
Санатан эттэххэ, бастакы аукциоҥҥа АЛРОСА 63 луоту $10,4 мөл. сууммаҕа эргиппитэ.
«Ааспыт аукциоҥҥа 50 фирма ыҥырыллыбыт буоллаҕына, билигин 60-тан тахса АХШ, Индия, Израиль, Бельгия, ХАЭ уонна Арассыыйа дойдуларыттан бөдөҥ фирмалар ыҥрылыннылар», - диэн Евгений Агуреев эбэн эттэ.
Аукцион түмүгэ 2018 сыл алтынньы 9 күнүгэр тахсыа.
Хаартыскаҕа: 98 караат ыйааһыннаах аукциоҥҥа турбут алмаас
АЛРОСА
Сэҥээриилэр
from spunk terminals and epithelium cells in the principal sum cavernosum.
NO activates guanylate cyclase to commute deoxyguanosine
triphosphate (GTP) into cycle deoxyguanosine monophosphate
(cGMP), triggering a cGMP-hooked shower of events.
The accumulation of cGMP leads to smooth-muscularity loosening in the principal
cavernosum and increased rake flux to the
member.