Киир

Киир

Росстат “2018 сыл тохсунньутугар нэһилиэнньэ дьиҥнээх дохуота уруккутунан турар, уларыйбата” диэн иһитиннэрэр. Оттон “Локо-инвест” Анаалыс департаменын дириэктэрэ Кирилл Тремасов “төһө да быыбар буолаары турдаҕына уопсай хартыынаны тупсара сатаабыт иһин, тохсунньуга нэһилиэнньэ дохуота 7 % түстэ. Росстат бу дааннайдары 2017 сыл көрдөрүүтүн барытын сиһилии үөрэтэн, ону сыыппараларынан бигэргэтэн туран биэриэхтээх этэ. Оччоҕуна нэһилиэнньэ дохуота 2,1-2,2 % түспүтэ барыта ырылыччы көстөн кэлиэ этэ. Холобур, Росстат “тохсунньу ыйга нэһилиэнньэ дохуота 1,5 % үрдээтэ” диэн иннигэр, онно бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһа – 4 %, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрэ 3,7 % индексацияламмытын учуокка ылыан сөбө. Ити – хараҕы баайыы. Дьиҥинэн, дойду нэһилиэнньэтин дохуота 2011 с. холоотоххо – 3,3 %, 2014 сылга холоотоххо 11,4 % түһэн турар” диир.

Чэ, быһата, 2014 сылтан саҕалаан Арассыыйа нэһилиэнньэтин дохуота тохтообокко түһэ турарын экэнэмиистэр мэлдьэспэттэр. Ким эрэ быыбар чугаһаабытынан туһанан “дохуоккут улаатта” диэн албыннаабытыттан байан-тайан, испит тотон кэлбэппит.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар