Киир

Киир

Уһук Илин эрэгийиэннэрэ дойду атын эрэгийиэннэригэр холоотоххо, 2018 сылга бэрэсидьиэн биэрбит ыам ыйынааҕы уурааҕын олоххо киллэриигэ хаалан иһэллэр. Бу туһунан бүгүн Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев эттэ.

“2024 сылга диэри Путин ыам ыйынааҕы уурааҕар олоҕуран тугу ситиһиэхтээхпитин өссө төгүл санатабын: олох олоруу орто уһуна 78 сааска тиийиэхтээх, эрэгийиэннээҕи суоллар туруктара саатар аҥара нуормаҕа эппиэттэнэһэр буолуохтаах, толору хааччыллыылаах, тупсаҕай тиэргэн ахсаана 28 төгүл улаатыахтаах, хаарбах туруктаах дьиэ ахсаана биллэ аҕыйыахтаах. Билиҥҥи туругунан, Уһук Илиҥҥэ бу көрдөрүүлэр быстар мөлтөхтөр ” , — диэн Трутнев эрэгийиэн баһылыктара кыттыылаах мунньахха эттэ.

Кини “Уһук Илин эрэгийиэннэрэ уонча сылы быһа дойду атын эрэгийиэннэриттэн хаалан сыталларынан сибээстээн, үлэ тэтимириэхтээх. Онуоха бырабыыталыстыба туһааннаах миэрэлэри номнуо ылынна”, — диэн тойон Трутнев эттэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар