Киир

Киир

Саха сиригэр 70-80 саастаах биэнсийэлээхтэргэ эбии социальнай төлөбүрү оҥоруохтара. Бу туһунан үлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

“Саха сирин сорох атын гражданнарга социальнай көмөнү оҥорор, биэнсийэни хааччыйыыны тупсарар сокуонугар олоҕуран, 70-80 саастаах өрөспүүбүлүкэ биэнсийэлээхтэригэр (1-кы курууппалаах инбэлииттэн ураты) эбии социальнай төлөбүр оҥоһуллуо. Быйыл ити төлөбүр кээмэйэ хотугу улуустарга 791 солк., оттон атыттарга – 682 солк. Бу төлөбүрү гражданин сайабылыанньаны биэрдэҕинэ биирдэ төлүүллэр. Онуоха пааспаргытын уонна гражданин лицевой счетун илдьэ кэлэҕит”, — диэн биэдэмэстибэ биллэрэр.

Инньэ гынан, 70 саастарын туолбут биэнсийэлээхтэр олорор сиргитинэн социальнай харалта управлениетыгар бараргыт наада.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар