Киир

Киир

2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа биэнсийэҕэ тахсар сааһы уларытар туһунан федеральнай сокуон балаһыанньата олоххо киириэ.

Саха сирин олохтоохторо хас саастарыгар биэнсийэҕэ тахсалларын, ханнык льготалар оннунан хаалалларын туһунан, Арассыыйа Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын дьаһайааччы Георгий Степанов пресс-конференцияҕа кэпсээтэ.

Билигин Саха сиригэр 278 биэнсийэлээх дьон олорор. Биэнсийэ орто кээмэйэ 19 500 солк тэҥнэһэр.

Сокуон сүрүн уларыйыылара биэнсийэҕэ тахсыы сааһы уһатыыга сыһыаннаах. Ол эрэн,  сокуон сүрүн сыала – биэнсийэҕэ тахсыы сааһы уһатыы буолбакка, кээмэйин үрдэтии буолар диэн, Георгий Степанов бэлиэтээтэ.

“Бүтэһик сылларга биэнсийэни үрдэтии кыччаата. Инньэ гынан, бастакынан, үлэлээбэт дьон биэнсийэлэрин кээмэйин үрдэтии буолар. Ол иһин, 2019 сылтан биэнсийэҕэ тахсыы сааһа уһуур”.

Бу кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн сыыйа 10 сыл устата үлэлиэҕэ. Онон, эр дьон 65, дьахталлар 60 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсыахтара. Бу дойду үрдүнэн олохтоммут саас.

Уларыйыылар бастакынан 1959 сыллаах төрүөх эр дьону уонна 1964 сыллаах төрүөх дьахталлары таарыйыа. Кинилэр 2019 сыл иккис аҥаарыгар эбэтэр 2020 сыл бастакы аҥаарыгар биэнсийэҕэ тахсыахтара. Саха сиригэр болдьоҕу иннинэ, ол эбэтэр биэс сылынан эрдэ биэнсийэҕэ тахсыы бырааба оннунан хаалла.

Ону таһынан, сокуоҥҥа льготалар көрүллэллэр. Олортон сүрүннэрэ ийэлэргэ ананар.

“Кэлэр сылтан икки эбэтэр онтон элбэх оҕолоох, кытыы улуустарга 12-тэн элбэх сыл үлэлээбит, 20 сылтан элбэх страховой ыстаастаах дьахталлар урукку крдук 50 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсыахтара. Бу биэнсийэҕэ тахсар саха дьахталларын 60-65 % ылар”, — диэн СИА-ҕа Георгий Степанов иһитиннэрдэ.

Ону таһынан, ыарахан уонна доруобуйаҕа охсуулаах үлэҕэ сылдьар шахтердарга, горняктарга, пилоттарга уо.д.а. барыта оннунан хаалар. Онуоха уһук сытар улуустарга үлэлиир буоллахтарына, эр дьон 45, дьахталлар 40 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсаллар. Инбэлиит оҕолоох ыалларга льготалар оннунан хаалаллар.

“Инбэлиит оҕолорун 8 сааһыгар диэри көрбүт төрөппүттэр уонна эппэкииннэр , урукку курдук дьахталлар 50, эр дьон 55 саастарыгар биэнсийэҕэ тахсар бырааптаахтар”.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар