Киир

Киир

2019 сылга байыаннай сулууспалаахтар биэнсийэлэрэ 6,3 % үрдүө.  

Ааспыт оптуорунньукка дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин,  байыаннайдар уонна ис дьыала уорганыгар, баһаарынайга, хаайыыга, Росгвардияҕа, наркотик утары үлэлиир уорганнарга сулууспалаабыт   дьон биэнсийэлэрин кэлэр сылтан үрдэтэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаата.

Алтынньы ый бүтүүтэ Владимир Путин, байыаннайдар биэнсийэлэрэ үүнэр сылга 6 % куоһарыа диэн эппитэ. 2019 сыл алтынньы 1 күнүттэн байыаннай сулууспалаахтар харчыларыҥ хааччылаҥа индексация кэнниттэн 4,3 % үрдүө. Байыаннайдар биэнсийэлэрэ 2 %-нан эбии индексацияланыа. Онон, байыаннайдар биэнсийэлэрэ уопсайа 6,3 % үрдээн  ортотунан 26 тыһ солк тэҥнэһиэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар