Киир

Киир

2019 сылга социальнай эбийиэктэри тутуу улаатыаҕа. Уопсайа 60 эбийиэк тутуллуоҕа, онтон аҥара – оҕо уһуйааннара уонна оскуолалар.

Бүгүн Саха сирин вице-премьерэ Кирилл Бычков ыыппыт мунньаҕар этиллибитинэн, 2019 сылга эрэгийиэҥҥэ 60 социальнай-култуурунай эбийиэк үлэҕэ киирэрэр былааннанар. Ол курдук, 21 оҕо саада, 10 оскуола, 9 эдэр исписэлиистэр дьиэлэрэ, 6 култуура уонна спорт элбэх функциялаах киин, 3 култуура эбйииэгэ, 210 миэстэлээх Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ онкология диспансера (хозюлок, радиология салаата) уо.д.а. тутуллуоҕа.

Маны таһынан, Кирилл Бычков этэринэн, быйылгыттан 2017 сылга диэри хаарбах дьиэлэр испииһэктэригэр киирбит олорор дьиэлэри суох оҥорууга саҥа бырагыраама үлэлиэҕэ. 2017 сылга диэри 3586 элбэх кыбартыыралаах дьиэ хаарбах туруктаах диэн билиниллибитэ. “Уопсайа 1,3 мөл. м² иэннээх дьиэ хаарбах диэн билиниллибитэ, онтон 2017 сылга диэри 1,1 м² - бу олус улахан көрдөрүү. Биһиги билигин Арассыыйаҕа саамай элбэх хаарбах дьиэлээх эрэгийиэммит ”, — диэтэ тойон Бычков.

Оттон 2019-2024 сс 920 тыһ. м² хаарбах дьиэни суох оҥоруохтара.

2018 сылга 200 тулаайах оҕо дьиэнэн хааччылыбыт эбит буоллаҕына, быйыл 4 төгүл элбэҕи биэрэр былааннаахтар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар