Киир

Киир

Уһук Илин федеральнай уокурук   олохтоохторо иккис оҕоҕо бэриллэр ийэ хапытаалыгар эбии 30% төлөбүр ылыахтара. Бу туһунан РФ Үлэҕэ уонна социальнай харалтаҕа миниистирэ Максим Топилин иһитиннэрдэ.

Максим Топилин этэринэн,  ийэ хапытаалыгар эбиллэр 30% 135-140 тыһ буолар. Ону таһынан, хас биирдии эрэгийиэҥҥэ оҕо тиийинэн олорор кээмэйин икки гыммыт саҕа биир кэмнээх эбии төлөбүр көрүллүөҕэ. Ол олохтоммут тиийинэн олоруу кээмэйиттэн тутулуктанан 30 тыһ солк буолуоҕа.

Бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн Уһук Илин федеральнай уокурук   субъектарыгар олорор дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ, оҕо тиийинэн олорор кээмэйин саҕа босуобуйа төлөнөр буолуоҕа.

Миниистир 3,1 млрд солк кэриҥэ эбии субсидия ирдэнэрин туһунан эттэ. Үп РФ бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыттан көрүллүөҕэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар